«Туймаада» хаһыат ааспыт сыллаах кулун тутар 21 күнүнээҕи нүөмэригэр “Радон сахалар олохторугар төһө кутталлааҕый» диэн ыстатыйам тахсыбыта.
Ол кэнниттэн бу газ биһиги дойдубутугар, дьон олоҕор туох суолталааҕын туһунан араас хаһыаттарга суруйдулар. Сүрүннээн радон газ буортутун, бу газтан сылтаан ханна оскуола, тэрилтэ сабыллыбытын туһунан суруйуу таҕыста. «Туймаада» хаһыат ааспыт нүөмэригэр Егор Дмитриев “Хара муоста туһалаабат” диэн кылгас суруйуута бэчээттэннэ. Бу маны суруйбут Егор Дмитриевка махталбын тиэрдэбин. Махтанар төрүөтүм диэн – хаһыат нөҥүө кэпсэтии, мөккүөр буолла да дьоҥҥо туһата улахан буолар.
Радон газ биһиги ирбэт тоҥноох Сахабыт сиригэр дьоҥҥо дьайыыта үөрэтиллэ илик. Ол гынан баран бу газ физика-химическэй уратылара, биһиги тулалыыр эйгэбитин кытта сыһыана биһигини, Саха сирин тыатын дьонун, сэрэхэдитэр уонна толкуйдатар түгэннэрэ элбии тураллар. Бу газ тулалыыр эйгэттэн киһиэхэ хайдах дьайарын ааспыт ыстатыйабар суруйан турабын.
Тыа сиригэр саҥа дьиэ оҥостооччулар үгүстэрэ «эмиэ туохпут баҕайытай, бу үйэҕэ олорон кэлбиппит, олорор инибит» диэччилэр элбэхтэр. Мин эмиэ оннук толкуйдуур этим, ол гынан баран бу саас муус устар ыйга кэргэним эдьиийэ, биһиги аймах дириҥник ытыктыыр киһитэ трофическай язва диэн уодаһыннаах ыарыыттан олус уһуннук ыалдьан, күн сириттэн барда. Бу түгэн миигин тоҕо толкуйдатта диэтэххитинэ, бу трофическай язва диэн ыарыы радон газ бэргэтэр ыарыыларыттан биирдэстэрэ буолар. Бу эдьиийбит дьиэтиттэн балыыһаҕа бардаҕына бастаан ыарыыта намтыы быһыытыйар этэ, дьиэтигэр таҕыста да бэргээбитинэн барар. Бу түгэҥҥэ туох да научнай төрүт суоҕунан, медицинскэй үөрэҕэ суох буолан кинини эмтээһиҥҥэ туох да уларытыыны, быраастартан көҥүлэ суох, киллэрэр кыахпыт суох этэ. Дьэ ол гынан баран кини дьиэтэ, турар сириттэн саҕалаан хайдах тутуллубута барыта бу газ үөскүүр кыаҕын улаатыннарар былааннаахтык оҥоһуллубута миигин мунаардар.
Итинэн мин этиэхпин баҕарабын: радонтан көмүскэнэр кыахтар биһиэхэ бааллар, эмиэ туохпут баҕайытай диэн тылбытын быраҕан, дьиэлэрбитин көмүскэллээх гына оҥостуоҕуҥ. Дьиэ кэргэммит, оҕолорбут доруобуйаларын иһин охсуһуоҕуҥ. Дьиэлэри радонтан хайдах көмүскүүр ньымалар интернеккэ тобус-толорулар, олору билиҥҥи киһи хайдах баҕарар туһанар кыахтаах.
Радиация биһиги Сахабыт сиригэр киһиэхэ дьайыыта кыра диэн сорох учуонайдар суруйаллар. Ол гынан баран ирбэт тоҥ ириитигэр радон газ концентрацията эмискэ улаатарын ким да мэлдьэспэт. Холобур курдук аҕаллахха, былыр-былыргыттан биһиги өбүгэлэрбит тыаны солоон бурдук ыһаллара. Бастакы үс сылга үүнүү кураан да буоллаҕына олус үрдүк буолара. Бу аата тыа буора өҥ буолан үүнүү үрдүүр диэн быһаараллара. Үс сыл буолан баран үүнүү кэхтэн барара. Бэл диэтэр Бүлүү диэки биир гаттан сүүсчэкэ центнер бурдугу ылан Союзка рекорд оҥоһуллубута диэн суруйуулар кытта бааллар.
Кэнники дакаастаммытынан дьыала тыа буора өҥүгэр буолбакка, радиация үүнээйигэ стимулирующай дозата улаатарыгар буолар эбит. Суруйалларынан Чернобыльга киһи төбөтүн саҕа помидордар, Семипалатинскайга ыт саҕа крысалар – барыта радиация дьайыыта буолаллара дакаастанан турар.
Үс сыл ааспытын кэннэ, ирбэт тоҥ ирэн бүттэ даҕаны үүнүү түһэн барара, солооһун быраҕыллара. Олорор дьиэҕэ эмиэ итинник хартыына буолар: бастаан туттан киирэргэ сир ириитэ улаатан дьиэҕэ радон концентрацията улаатар уонна таһыттан киирэр уулар элбээһиннэринэн тыа ыалын дьиэтигэр радон куруук үрдүк буолар.
Өссө төгүл этэбин: дьиэлэрбитин радонтан көмүскэллээх гына оҥостуоҕуҥ. Бу кыаллар дьыала.
Унаар ИВАНОВ,
тутааччы.
tuymaada.ru