Госдумаҕа олорооччу чиновниктарбыт, депутаттарбыт үгүс оҕолоро Европаҕа, Америкаҕа үөрэнэллэр уонна олохсуйан хаалан хаалаллар. Дьэ уонна сымыйанан Америкаҕа, Европаҕа суоһурҕаммыта буолаллар, сымыйанан патриот курдук көстө сатыыллар быһыылаах.
Американы ким да, туох да хаһан да сэриилээбэтэҕэ, тоҕо диэтэххэ онно саамай өйдөөх, баай дьон олороллор. Сайдыылаах, аан дойду чулуу дьоно бары онно олохсуйа сатыыллар, хаьан да сэриини билбэтэх дьоллоох дьон олорор сирдэрэ быһыылаах. Бары Америкаттан куттанар, толлор быһыылаахтар.
Россияҕа куруук сэрии, уларыйыы-тэлэрийии, хайдах эрэ сатаан дьаһаммаппыт, сайдан испэппит, бытааммыт, 100 сыл хаалан иһэбит. Россия үбүн-харчытын, баайын-дуолун барытын Америкаҕа биэрэ олороохтообут, бу 30 сылы быһа. Уонна онтукатын төннөрбөтүлэр. Оннооҕор олигархтарбыт эмиэ уорбут харчыларын барытын онно ыытан куоттаран баран, эмиэ илии соттон хааллылар. Билигин онтон абаран-сатаран сыананы дэлби үрдэттилэр, эмиэ норуоттан компенсируйдуу олордохторо. Заводтар, фабрикалар эмиэ кинилэр киэннэрэ буолан эрдэҕэ.
Хаһан чуумпутук олорорбут буолла. Саатар быыһыгар коронавируспут эҥин эрэйдиир, өссө саҥа вирус – омикрон көрүҥэ кэлиэ дииллэр. Ыарахан дьайыылаах, тута тыҥаҕын поражайдаан барар эбит. Ол ыарыы билигин Кытайга тарҕаммыт, Шанхай куоракка. Сотору биһиэхэ да кэлэрэ буолуо. Айыкка да, хаһан бүтэр ыарыылара буолуой? Эбэтэр соруйан тарҕаталлара буолуо.
Элэгэнтэй.