Тыа сирэ отой эстэр турукка киирдэ. Холобур Уус-Алдаҥҥа икки эрэ маслоцех хаалла: Окоёмовка уонна Баатаҕай. Атыттары “молоко” таһар буолан обраттарын ылбаттар, ньирэй, сибиинньэ иһэр үүтэ суох буолар.
Биһиги да дэриэбинэбитигэр үгүс дьон сүөһүлэрин эһэн эрэллэр. Үс сыллааҕыта отучча ыал үүт туттарар эбит буоллаҕына, ветеринар “билигин уон түөрт хаалла” диир.
Правительство отчуотугар республика үрдүнэн сүөһү төбөтө эбиллэр диэн отчуоттууллар. Бу хантан кэлэр сыыппараный? Төбө ахсаана эбиллэр дииллэр. Отой сымыйа отчуот. Аттыбытыгар 600 быыбардааччылаах дэриэбинэҕэ үүт тутуллубат. Түөрт ыал биһиги маслоцехпытыгар аҕалар, уоннааҕылар уонча ыал ынахтарын хонууга ньирэйдэрин кытта үүрэллэр.
Холобур мин сүөһү ииттиэ эбиппин да, сирим суох. Сир куоракка олорор сүөһүтэ суох дьоҥҥо баар, онтуларын бас быстар сыанатыгар арендалыыллар. 15 галаах сирбититтэн 13 рулону ыллыбыт. Аһыҥа былдьаата. Минсельхоз онно эрэ кыһаммат. Үгүс сири лаҥха былдьаата. Кииннээн, өртүүр бригадалары тэрийиэххэ наада этэ. Дьыл хаамыытын көрө сылдьан өртөөтүннэр. Чэ, ити киһи барыта билэр проблемаларын суруйдум быһыылаах.
Тыа киһитэ.