Саха многоборьетыгар оҕолорго өрөспүүбүлүкэ хас да төгул кыайыылааҕа, призера, “Чысхаан бирииһэ” диэн тутум эргииргэ өрөспүүбүлүкэ үрүҥ көмүс призёра, өбүгэ оонньууларын муҥутуур кыайыылааҕа, Майатааҕы лиссиэй ХI-c кылааһын үөрэнээччитэ Арсен Федоровтыын кэпсэтиибитин саҕалыыбыт.
– Эйигин ким успуорка аҕалбытай уонна хайдах дьарыктанан саҕалаабыккыный? Бастакы тириэнэрдэриҥ кимнээх этилэрий уонна билигин ким салалтатынан дьарыктанаҕыный?
– Уол оҕо хайаан да успуордунан дьарыктаныахтаах, сайдыылаах буолуохтаах дии саныырым. Онон Павловскайга үөрэнэ сылдьан иккис кылаастан көҥүл тустууга эрчиллэн саҕалаабытым. Бастакы тириэнэрим Филиппов Иван Романович этэ. 9 кылаас кэнниттэн Майатааҕы лиссиэйгэ үөрэнэ кэлбитим. Многоборьенан Хабаров Гаврил Петрович, Жирков Дмитрий Леонидович, Варламова Лилия Даниловна, Петров Павел Отчутович көмөлөрүнэн дьарыктанан барбытым.
– Бастакы улахан ситиһиилэриҥ? Успуорду кытта үөрэҕи дьүөрэлиир төһө уустуктардааҕый?
– Тустууга улууска миэстэлэһэр этим. Бастакы улахан ситиһиибинэн 2019 с. “Игры Боотуров” греко-римскэй тустууга үһүс буолбуппун ааҕабын. Кыра эрдэхпиттэн туйгуннук үөрэнэбин, күннээҕи былааммын тутуһа сатыыбын. Лиссиэйгэ үөрэҕим кэнниттэн 17 чаас саҕана дьарыкка барабын, 2,5-3 чаас эрчиллэбин. Киэһэ уруокпун ааҕабын. Үөрэххэ олус эппиэттээх кэмнэр кэллилэр. ЕГЭ-ҕэ математика профильнайын, физиканы, нуучча тылын туттарыам. Күүскэ ылсабын, үчүгэйдик ааһарыгар эрэллээхпин.
– Биһиги эйигин көҥүл тустууну сөбүлээн көрөргүн билэбит, дьэ кими кумир оҥостоҕунуй?
– Кыра кылаастартан сөбүлүүр көрүҥүм буолар. Олимпийскай чемпионнар Роман Дмитриев, Павел Пинигин кумирдарым буолаллар. Билиҥҥи көлүөнэттэн Ариан Тютрины, Виктор Рассадины ааттаталыам этэ.
– Чэ, билигин саха многоборьетыгар көһүөххэ. Хас биирдии спортсмен син биир бэйэтэ сөбүлүүр, кыайа-хото тутар көрүҥнэрдээх буолара буолуо дии, онтон сэттэ көрүҥтэн эйиэхэ ханнык быдан чугаһый уонна бу мин көрүҥүм диир кыахтааххыный?
– Уруккуттан тустуунан дьарыктаммыт буоламмын хапсаҕай чугас курдук. Тутум эргиирин сөбүлүүбүн. Билигин 2 мүнүүтэҕэ 56-та эргийэбин. Быйыл сайын 60-ҥа тиэрдибит киһи диэн бэйэм иннибэр былаан туруорунабын. 400 миэтэрэ сиргэ сүүрүүгэ үчүгэйбин. Соторутааҕыта Уус-Алдаҥҥа баран күрэхтэһэ сылдьыбытым. Түмүгүм 59 сөк. 59 суотай этэ. Сиспэр, мас тардыһыыга атахпар мөлтөхпүн. Салгыы дьарыкпар итиннэ сүрүн болҕомтобун ууруом.
– Урукку оонньуулартан кими холобур оностоҕунуй?
– Кыра эрдэхпиттэн күөх экранынан болҕойон көрөбүн. 12 иһигэр киирбит кыттааччылары барыларын билэбин, убаастыыбын. Николай Дьяконов, Уйбаан Белолюбскай ааттарын чорботуом этэ. Уопсайынан улахан ыйааһыннаахтар баһыйаллар дии саныыбын. Хапсаҕайга, таас көтөҕүүтүгэр, мас тардыһыытыгар, үс төгүл үскэ көрдөрүүлэрэ ордук буолар.
– Быйыл дьэ “Үс Хатыҥ” туонатыгар «Дыгын оонньуулара” буолуохтаахтар, онно эн кими фаворит курдук көрөҕүнүй?
– 2023 сыл сайына интэриэһинэй буолаары турар. Ыам ыйын саҥатыгар сүүмэрдээһин күрэхтэһиилэр ыытыллан бүттүлэр. Икки күннээх сыралаах күрэх түмүгэр бүтэһик 4 путёвканы Артем Варданян, Яков Дмитриев, Айсен Семёнов уонна Артем Дьяконов ыллылар. Онон бастыҥтан-бастыҥ 12 мадьыны күөн көрсүүлэрин күүтэбит. Былырыын Егор Филиппов суоҕар Кэбээйиттэн Алексей Уваровскай бастаабыта. Быйыл фавориттарынан Дьулустаан Ноговицын, Вячеслав Дьяконов, Айсен Ботуев буолуохтара дии саныыбын.
– Инникигэр Дыгыҥҥа кыттар былаан, успуорт маастарын нуорматын толорор сыал-сорук, баҕа санаа баар дуо?
– Эрдэттэн этэр уустук, көстөн иһиэ. Ол эрээри кыттар баҕа санаа баар бөҕө буоллаҕа. Хапсаҕайга, национальнай многоборьеҕа маастар нуорматын толорор соругу туруорунабын.
– Бэйэҥ баҕа санааларыҥ көрөөччүлэргэ, ыалдьааччыларга?
– Эргиччи сайдыылаах буолар туһугар саха төрүт оонньууларынан дьарыктаныҥ. Бары чөл, доруобай буолуҥ!
Кэпсэтиини ыытта
Майатааҕы лиссиэй ХI-c кылааһын үөрэнээччитэ Милена АНДРЕЕВА.