Соторутааҕыта Дьааҥы уонна Хаҥалас улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Республикатын Суруйааччыларын союһун чилиэнэ, Дьокуускай куорат Гимнин автора Христофор Петрович Горохов-Элгэстэй олохтон барда.
Кини Калининград куораттан телефонунан сотору-сотору эрийэн Дьааҥы дьонун-сэргэтин ыйыталаһара. Улуус күннэрэ Дьокуускай куоракка буолбутун бэркэ сэргээн истибитэ. Муус устар ыйыгар Саха сиригэр кэлэр былааннааҕа… Мин бүгүн поэт олоҕун сорох эрэ түгэннэригэр тохтоон ааһыам.
Кини 1938 сыл тохсунньу 14 күнүгэр Дьааҥы оройуонугар Элгэс нэһилиэгэр колхозтаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Орто оскуоланы Дьааҥы куоратыгар бүтэрбитэ. Оскуола кэнниттэн куруусчутунан, болуотунньугунан, киинэ механигынан, кулууп директорынан, комсомол райкомугар үлэлээбитэ. 1968 сыллаахха СГУ историко-филологическай факультетын историческай отделениетын үөрэнэн бүтэрэр. Дипломнай үлэтин Г.В.Ксенофонтовка суруйар былааннаах сылдьыбыт. Ону Иван Ксенофонтов: “Гаврил биографията мөккүөрдээх, бутуурдаах, онон темаҕын уларыт”, – диэн эппит. Ол иһин дипломнай үлэтин М.Л.Новгородовка суруйбут. Ол үлэтин И.Федосеев уларсан баран, төттөрү биэрбэтэх…
Салгыы оскуолалар директордарынан, Хаҥалас улууһун райисполкомугар, культура отделын заведующайынан үлэлиир. “Туймаада саҥата” хаһыат редакторын солбуйааччыта буола сылдьыбыта. АЮРИ юридическай фирматыгар үлэлээн ааспыта.
Поэзияҕа арыый сааһыран баран киирбитэ. 1979 с. Табалаах орто оскуолатын директорынан үлэлии сырыттаҕына, Иван Гоголев тиийбит. Хоһооннорун Иван Гоголев көрөн баран сүбэ-ама биэрбит уонна бэчээккэ биэрэргэ сүбэлээбит. 1980 с. Якутскайдааҕы кинигэ издательствотыгар бастакы кинигэтэ – “Кустук суһума” бэчээттэнэн тахсар.
Уу хоммут сиригэр хонор. Онтон эр ылан, иккис кинигэтин бэчээккэ биэрбит. Ол сырыттаҕына Далан партия обкомугар үҥсүү суруйбут. Үҥсүү ис хоһооно “бу Х.Горохов диэн ким да билбэт киһитэ, поэт быһыытынан отой мөлтөх” эҥин диэн, араастаан баайсан элбэҕи суруйбут. Онно олоҕуран партия обкома бэчээккэ тахсаары сытар кинигэни бобон кэбиһэр.
1983 сыл алтынньы 25 күнүгэр Саха сирин Суруйааччыларын союһун 10-с съеһэ буолбута. Онно ыалдьыт быһыытынан РСФСР Суруйааччыларын союһун правлениетын секретара В.М.Санги кэлбит. Софрон Данилов Покровскайга олорор Х.Гороховка телефонунан эрийэн: “Биһиэхэ В.М.Санги кэллэ. Кинини Покровскайга илдьэ сылдьан күүлэйдэт”, – диэн эппит.
Христофор В.Сангины арыаллыы сылдьан хоһоон суруйар үгэстээҕин, кинигэтэ бэчээккэ тахсыахтааҕын, ону Далан үҥсүү суруйан тохтоппутун кэпсээбит. Онуоха Санги: “Биһиги быһаччы Ю.Н.Прокопьевка бэйэтигэр киириэхпит”, – диэн эппит. Обком секретарыгар Юрий Прокопьевка киирэннэр, кэпсэтии түмүгүнэн кинигэтэ бэчээккэ тахсарыгар көҥүл ылбыт. Ол гынан баран араас биричиинэн син-биир уһаан, тардыллан испит.
1987 сыллаахха “Таптал сааскы тыллыылара” кинигэтэ бэчээттэнэн тахсар. 2015 сыллаахха “Дьол суһума” кинигэтэ күн сырдыгын көрбүтэ. Аан тылыгар В.М.Санги суруйуутун киллэрбит этэ. Покровскайга олорор эрдэхпинэ Христофор Петровичка чаастатык сылдьар, кэпсэтэр этим. Биирдэ киниэхэ Валерий Луковцев Н.Н.Тобуруокабы утары ыстатыйа суруй диирин кэпсээтим. Онуоха кини: “Отой суруйума уонна ити дьыалаҕа букатын кыттыһыма”, – диэбитэ. Аны санаатахха, Валерий Луковцев киһини онно-манна уган биэриэх өрүөл сылдьар эбит.
1980-с сыллар бүтүүлэригэр Х.Горохов Далаҥҥа үҥсүү суруйбута диэн сымыйанан дойҕохтуу сылдьыбыттара. Христофор Горохов Далаҥҥа үҥсүү суруйбатаҕа. Кини аатын атын дьон туһаммыттара…
Профессор Николай Тобуруокап: “Х.Горохов тыла-өһө тупсубут, үчүгэй буолбут”, – диэн эппитэ. Ону Христофорга тириэрдибитим. Онуоха: “Улахан киһи ити курдук этэрэ миэхэ улахан үөрүү”, – диэн махтаммыта.
Лазарь РОЖИН.