Киһи ыарыйдаҕына иллэҥсийэн ону-маны: эдэр, оҕо сааһын, үлэлээбит сылларын, бииргэ үөскээбит, үлэлээбит дьонун саныыр эбит.
Мин уһун үйэлээхтэр ахсааннарыгар киирэн эрдэҕим. Үйэм уһаабытын толкуйдаан-толкуйдаан, элбэхтик хаампыппынан быһаардым. Ону суруйарга сананным. Эдэрдэргэ анаан суруйабын, тулуйан ааҕыҥ.
Мин төгүрүк тулаайах этим. Ийэм балтараалаахпар өлбүт, аҕам саҥа кэргэннэммит. 12 сааспар диэри икки хараҕа суох көрбөт эбэбэр иитиллибитим. Мин кыра эрдэхпинэ бөһүөлэк диэн суоҕа, алаастарынан олорбуппут. Оччолорго кыстык, сайылык диэннэр бааллара. Сайын буолла да сайылыкка, кыһын буолла да кыстыкка көһүллэрэ.
Биһиэхэ элбэх тумуллаах-тоҕойдоох, бытыктаах-хоннохтоох улахан Көмөрдөөх диэн сайылык баара. Ураак диэн кыра алааска Силип Акыымап кыстыга баара. Онтон салгыы Көмөрдөөх саҕаланар. Киирэ түһүүгэ хаҥас диэки биһиги сайылыкпыт – кыра ампаар дьиэ баара, биһигини утары уһун синньигэс халдьаайы тэллэҕэр Былатыан Акыымап Маабыра диэн кэргэннээх, Кэтириис диэн соҕотох кыыстаах ыал олорбута. Мин биэс-алта саастаахпар балыыһаҕа оҕонньор ыалдьан өлбүтэ, кэлин кыыһа П.Ермолаев диэн киһиэхэ кэргэн тахсан, ийэтин илдьэ Игидэйгэ олохсуйбута.
Биһигиттэн арҕаа диэки сүүсчэкэ миэтир тэйиччи Бөтүрүүнкүннэр (Петрункиннар) диэн ыал, онтон салгыы арҕаа диэки түмүл кэтэҕэр Микитэрдэр – элбэх оҕолоох Ылдьаа Бөтүүнэптэр сайылыктара, кинилэртэн хотулуу илин Көмөрдөөх ортотун диэки Кыра Сэмэн (Быһыччалаах) өтөҕө – түннүгэ-үөлэһэсабыллан турар иччитэх дьиэ баара.
Хотулуу-илин Көмөрдөөх биир хонноҕор Куонаан сайылыга баара. Ол сайылыкка хойукка диэри колхоз фермата сайылыыра. Ити ферматтан илин диэки Өлөксөй Бөтүрүөп (Марфа Серафимовна Петрова) абаҕата олороро. Онтон салгыы Улахан Булгунньахтаах сайын кэлэр. Бу алаас арҕаа үрдүк арҕаһыгар элбэх ыал сайылыыра, бэйэтэ оччотооҕуга бөһүөлэк курдуга: Акыым Татаринов, Ородьумаан Акыымап, Бычыырап Маппый аймахтара о.д.а. ыаллар олорбуттара.
Мин биэс-алта сааспыттан, сайын аайы эбэбинээн ити ыалларга күүлэйдии барарбыт. Дьэ ол миэхэ бырааһынньык буолара. Эбэм кырдьаҕастары кытта кэпсэтэр, мин таһырдьа оҕолору кытта оонньуубун. Дьиэбэр оонньуур оҕом суоҕа. Эбэм аттыттан харыс да халбарыйбаппын. Кини наадатын толоробун. Эбэм хаһан да иллэҥҥэ олорбот: сиэл тыытан (сылгы кутуругун уһун түүтүн өрө-таҥнары буккуйан, дэхсилиир) ынах, ньирэй баайыллар быатын хатар. Өссө акка анаан үс быаны холбуу кэккэлэһиннэри тигэн көнтөс диэн быаны, муоһаҕа анаан суон уһун быаны хатара. Сүөһү атаҕын иҥиирин имитэн, сап хатан бэлэмниирэ, ол сабынан этэрбэс тигэллэрэ. Куобах тириитин имитэрэ. Онно барытыгар мин көмөлөһөрүм. Сайын сайылыкка тахсан тыаттан мутук мас хомуйан оттор мас гынарбыт.
Эбэм ынах ыаһара, мин этэрэбин (ол аата ньирэйи ийэтин эмтэрэбин, ийэтиттэн араарабын), ыабыт үүттэрин харабыллыыбын, алта-сэттэ ынахтаах буоларбыт.
Ити сылларга, оскуолаҕа киириэм лаппа инниттэн сайын биир көстөөх Ытык-Күөлгэ сымыыт атыылыы киирэрбит. Улахан сайылык куулатыгар уончаҕа чугаһыыр ыал баара. Лүөлэ, Валя, Тоня диэн кыргыттардаах Лэгэнтэй аҕабыыт эмээхсинэ олороро. Олору кытта эбэм билсэр эбит, онно сылдьан чэйдээн кэпсэтэн баран Ытык-Күөлгэ, МТС-ка нууччаларга сымыыппытын атыылаан баран төннөрбүт. Кэлэ-бара икки көһү – 20 км хаамарбыт.
I кылааска үөрэнэрбэр ити кэпсээбит Улахан сайылыгым куулатыттан, эбэбинээн таайбар олорон үөрэммитим. Ити 2-3 км буолуо. Иккис кылааһы Чөркөөххө таҥара дьиэтин таһыгар олорон (биэрэстэ эрэ буолуо) үөрэммитим. Үөрэнэр кэммэр саамай ыраахтан сылдьан үөрэммит кэмим 4-с кылаас.
1941-1942 с. төрдүс кылааһы Сиэллээххэ Дьэбидики диэн биһигиттэн, Боробултан, 6 км сиргэ баран үөрэммитим. Оччолорго кыһын наһаа да тымныы буолара, ас-үөл, таҥас-сап суоҕа да эбитэ буолуо.
Илиибит-атахпыт тоҥон да биэрэрэ. Күтүөтүм кыыһа Ааналыын (I кылааска үөрэнэрэ) аара чэпчэтинэрбит. Дьэ онно моһуогурарбыт, эрэһиинэ шнур суох, ыстаан тимэҕин кыайан тимэхтэммэккэ эрэйдэнэрбит. Кыһын маҥнайгы уруок саҕаланыытын билбэтэхпит.
Ол кыһыны быһа эбэм ыалдьан орон киһитэ буолбута. Саас үөрэхпин бүтэрбитим кэннэ, бэс ыйын 9 күнүгэр күн сириттэн барбыта. Эбэбин аһыйан аһыйбытым. Оройбуттан сыллыыр, таптыыр киһим суох буолбута олус ыарахан этэ.
Ити сайынтан ыла сайын аайы колхоз туруу үлэһитэ буолбутум. Ол сайын эдьиийим Ааныскаҕа (Дулҕаанап Сэмэн кэргэнэ) бугул түгэҕэ харбыы сайылаабытым, бурдук буспутугар түүтэх баайарыгар көмөлөспүтүм.
3 кылааска үөрэнэ сырыттахпына таайбын Бөтүүнэп Ыкынаачайы Дьабарыкы хайаҕа үлэлэтэ ыыппыттара. Таайым партиялаах, коммунист этэ, тоҕус сыл сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. Күһүн оскуола аһылынна, Ытык-Күөлгэ олорор сирим суох, интернакка ылбатылар. Ол сылларга улахан кураан, сут саҕаламмыта.
Эбэм өлбүтүн, сут буолбутун истэн таайым Ыкынаачай Дьабарыкыттан сатыы миигин ыла кэллэ. Алтынньы ый, хаар саҥа түспүт кэмэ. Сатыы уһун айаным саҕаланна, ол иннинэ Боробултан Ытык-Күөлгэ диэри 10 эрэ км хаампыт киһи буоллаҕым.
Маҥнайгы күн Ытык-Күөлтэн Үтэ-Көлүйэҕэ диэри 30 км (үс көһү) мин хаамыыбынан айан. Ханнык эмит уларыттар таҥастааҕым эбитэ буолуо, кыһыҥҥы таҥаспын кэтэн бардаҕым. Күнүс сиргэ чэй оргутан аһаабыппыт. Үтэ-Көлүйэҕэ түүн тиийдибит. Уо, онно сылайбыппыан, хонор сири, дьиэни кэтэһэн бөҕө, мин көрдөхпүнэ борук-сорукка хас уот барыта дьиэ буолан көстөрө. Синиэбийэ (Зимовье) диэн ааттаах иччитэх аҥаардаах дьиэҕэ тиийэн, уот оттон аһаабыта буолан баран утуйбуппут. Туох ороҥҥо хайдах утуйбуппутун (бука наара орон буолуо) өйдөөбөппүн.
Сарсыныгар Амма өрүскэ эрдэ, сырдыкка тиийдибит. Таайым бэйэтигэр, миэхэ тайах мас булан биэрдэ уонна: “Мин уонча хаамыыны барбытым кэннэ өрүскэ киирээр”, – диэтэ уонна барда. Мин эппитин курдук киирдим. Өрүс саҥа турбут, тыаһаан тырдыргыыр, куттана-куттана туораатым. Саҥаһым Төрүккэ кыыһыгар хаалбыт эбит, онно икки хоммуппут быһыылааҕа. Онтон дьэ уһун айаммыт саҕаланна, Кыһыл Алдаҥҥа (Охотскай перевоз бэтэрээ биэрэгэ) диэри тоҕус (90 км) көс, ортотугар икки синиэбийэҕэ хоноҕун.
Синиэбийэҕэ үлэһит, дьон баарын өйдөөбөппүн. Түүн тиийэн уот оттон аһаан утуйарбыт. Тугу сиирбитин бу диэн өйдөөбөппүн. Лэппиэскэ, килиэп диэн ас суоҕа, үксүн хааһы сиир быһыылаахпыт.
Кыһыл Алдаҥҥа таайым табаарыһа Дьуона Хабыыттыл диэн ыалга (Алдан ситэ тоҥо илик буолан) хас да хоммуппут. Ол ыал аһылыктара турнепс, хас аһылык аайы турнепсы ууга буһаран сиибит. Биир күн муҥхаҕа сырыттыбыт да, биир да балык киирбэтэ. Онтон дьэ өрүһү туораан, Чараҥ диэн колхозка Биэскэкэй Акыымап диэн ыалга хас да хоммуппут, сынньаммыппыт. Олор балайда астаах ыал этэ. Тааттаттан кыайан хаамар, кыанар кырдьаҕастар да, орто саастаах да дьон тиийэр эбиттэр, олору олохтоохтор “хаамаайылар” дииллэр. Биһиги баарбытына билэр киһибит Күнээйи киһитэ Бүөтүр Кулаковскай (Күөх Уус) хоргуйан, тоҥон өлбүтэ. Дьэ, ынырык кэм этэ. Хаамаайылар иһэллэрин көрдөхтөрүнэ ыаллар ааннарын хатанан кэбиһэллэрэ.
Чараҥтан Дьабарыкы көс (уон аҕыс) аҕыс биэрэстэ. Оччолорго саҥа чох хостонон эрэр, начальнай оскуолалаах, үксэ землянка дьиэлээх кыра бөһүөлэктээх этэ. Мин төрдүһү бүтэрбит буолан үөрэммэккэ кыстаабытым. Үлэһиккэ күҥҥэ 800 гр. килиэп, үлэлээбэт кэргэҥҥэ 400 гр. килиэп, дьиэ кэргэн ахсааныттан тутулуга суох биир нуорма куруппа, чэй, саахар биэрэллэрэ.
Чоҕу динамитынан тоҕо тэптэрэн хостууллара. Оннук биир тэптэриигэ таайым төбөтүгэр контузия ылан, шахта иһигэр үлэтиттэн уурайбыта, аттары көрөр күөнньүт буолбута. Онон сайын Алдан биэрэгэр Судьу диэн сиргэ оттуу сайылаабыппыт. Ардахтаах баҕайы сайын буолан хойукка диэри оттообуппут. Таайым Дьабарыкыга үлэлээн бүппүтэ.
Сэтинньи ый саҥатыгар саҥаһым быһа биир таһаҕастаах аттаах киһини кытта аргыстаһан, эмиэ сатыы Тааттаҕа төннүбүппүт. Таайым харчытын кэтэһэн хаалбыта, хойут кэлбитэ. Эдьиийдэрим Маарыйа, Маайа Бороокко кыстаан олорор эбиттэр, Маарыйа дайаарка, Маайа учуотчут, Груня иккилээх оҕо, күтүөт Ньукулай от тиэйээччи. Тиитэкэ балаҕаныгар кыстаан олороллор.
1944 сыл. Сайын ферма Наммара сайылыгар Бонифатий Слепцов диэн баай сайылыгар көһөн сайылыыр. Сорох ыанньыксыт Сөхпүт диэн ол сайылык аттыгар баар сиргэ кыстыыр. Ол сайын маҥнай ыһыыга үлэлии бардым. Новгородова Анна Игнатьевна диэн Хара Алдантан кэлбит кийиит дьахтарга оҕус сиэтээччи буоллум. Хас да бааһынаҕа хас да булуугунан тиэрэн бурдук ыстыбыт. Салгыы паар диэн эһиилгигэ анаан эргэ бааһыналары хоруттубут.
Онтон окко киирии буолла. Миигин Аанабыттан араарбатылар. Ат көлө кэмчи, атынан эр дьон оту оҕустараллар. Биһиги массыынаҕа икки оҕуһу көлүйэн, 25 гаалаах Миндилики алаастан саҕалаатыбыт. Маҥнайгы күннэргэ мин кыайан олорбот, олорон баран кыайан турбат гына сылайабын. Хас да күн оҕустардыбыт. Дьиэбит көстөн турар, биһиги өтөххө хоно сылдьабыт. Оннук хас да алааһы оҕустардыбыт, мунньааччылар илиинэн мунньаллар, биһиги куотан иһэбит быһыылаах, иккиэйэхпитин эрэ өйдүүбүн. Хастыы да хоно-хоно биригэдьиир Лэгэнтэй Татаарынап, суоччут Лэгэнтэй Үчүгээйэп кэлэн бараллар. Түөтэм түргэн-тарҕан, суунар-тараанар, мин бытаан, аҥаархай буолан кыайан сууммаппын-тарааммаппын, төбөбөр быт ыста.
Бурдук буста, быһыыта саҕаланна. Биһигини аны сыппыт бурдугу быстара ыыттылар. Көмөрдөөҕү 1943 сыллаахха барытын тиэрэн бааһына оҥорбуттар, бурдук тиэрэ үүммүт, онон-манан сыппыт. Сыппыт бурдугу комбайн сатаан быспат, онон олору биһиги быстардыбыт. Онтон Үрүҥ Күөлгэ көстүбүт, биир күн холостуой төннөн истэхпинэ киһи уҥуохтаах халдьаайы үрдүттэн сылгылар эмискэ сүүрэн түспүттэриттэн үргэн оҕустарым туора ойдулар. Мин самоскит өттүгэр туораабыппын, биирдэ көрдөхпүнэ уҥа атаҕым тобугун ис өттүнэн самоскит тииһэ өтөрү киирдэ, иҥиирим килбэс гынна, хааным киирэн барда. Кэннибин хайыһан көрбүтүм, оҕустарым оол курдук баран бурдук быыһыгар киирэн, миигин көрө тураллар. Ол миигин аһынан көрүөхтэрэ дуо, сылгылары көрдөхтөрө. Биир түүтэх баайааччы биригэдьиир кэргэнэ Маайалыын үһүөбүт, сүүрэн кэлэн төбөбүттэн былааппын ылан бааспын ыга баайдылар. Маайа 2-3 км-х чараҥҥа, эмиэ бурдук быстара сылдьар дьоҥҥо тыллыы барда. Дьон кэлэн суорҕаҥҥа сытыаран дьиэҕэ таһаардылар.
Лаппа киэһээ оҕус сыарҕатыгар тиэйэн Ытык-Күөл балыыһатыгар түүн тиийдибит.
Балыыһа эрэмиэнэ эбит. Биир хоско Таппыырап Тиэхээн диэн оҕонньор, биир хоско мин бараллаата Ермолаев диэн сааҕа дэҥнэммит уол сытар эбит. Ол хоско миигин киллэрдилэр.
Сарсыарда нуучча быраас киирэн көрдө, сиэстэрэлэрэ мин төбөбүн ыйа-ыйа тугу эрэ саҥарда. Быраас тахсыбытын кэннэ санитарка Эскээн (Екатерина) Галимулина диэн санитарка үлтү мөҕө-мөҕө баттахпын күлтүччү кырыйда, “бачча улахан кыыс көрүммэтин, баттаҕын быкка ыстарбытын” дии-дии мөҕөр. Нэдиэлэ дуу, уонча дуу хоннорон баран туох да эмэ, уларытар биинтэтэ суох таһааран кэбистилэр. Атаҕым бааһа өр оспото, сөп буола-буола бэрт эрэйинэн биинтэбин сүөрэн сууйабын уонна хаттаан баайабын. Оннук син үтүөрдэ.
5-с кылааска үөрэниэхтээхпин, оччолорго үөрэх алтынньы 1 күнүттэн саҕаланар. Мин кэтэр да, утуйар да таҥаһым итэҕэс. Дьон сылдьан: “Хайа, бу, Ааныска быйыл үөрэнэр дуо?” – диэн ыйыталлар. Эдьиийдэрим “үөрэниэҕэ” дииллэр. Ону мин отой сөбүлээбэппин. Баттаҕым суоҕуттан, доҕолоҥнуурбуттан кыбыстабын. Миигин кытта үөрэммиттэр быйыл сэттис кылааска үөрэниэхтэрэ, мин бэһис эрэ кылааска үөрэниэм дуо дии саныыбын. Эдьиийдэрим хантан эрэ балтараа миэтэрэ хара дьураалаах таҥас булан сарапаан тиктилэр, сайын бытархай төкүнүк ойуулаах маҥан таҥаһынан тобукпар диэри уһуктаах, кылгас сиэхтээх ырбаахы тикпиттэрэ, онтум куопта буолла. Утуйар таҥаспын эмиэ онон-манан ситэрдилэр.
Өктөөп иккис күнүгэр эдьиийим Маайа оҕус сыарҕатыгар тиэйэн, Ытык-Күөлгэ, таайым аахха киллэрдэ. Таайым: “Былааннара туолбута буолуо, үөрэтэр аата эрдэ киллэриэххитин, ылыахтара суоҕа”, – диэтэ. Мин үөрэ иһиттим. Утуйдубут. Түүл түһээтим. Түһээтэхпинэ оскуола дириэктэрэ “Былаан туолбута, ылбаппыт”, – диэтэ. Мин үөрэн уһугуннум. Хата эдьиийбин кытта барсыам, төннүөм диэн. Ол да буоллар оскуолаҕа тиийдим. Иккис этээскэ таҕыстым, көрүдүөргэ үһүс кылааска бииргэ үөрэммит кыргыттарым үөрэ-көтө көрүстүлэр. Икки 5 кылаас баар эбит. Биһиги “а”-ҕа үөрэнэбит, “б”-га кыргыттара аҕыйах, биһиэхэ киир диэтилэр. Саҥа тииҥ бэргэһэлээхпин кэтэн турабын. Көрүдүөрүнэн Ив.Вас.Неустроев диэн учуутал ааһан иһэн: “Бэргэһэҕин уһул” – диэтэ. Хайыам баарай, уһуллум.
Уруокка звонок буолла. Били учууталым кэлэн: “Көрөҕүн дуо, ол аата аһаҕас кылааһы? Эн онно үөрэнэҕин”, – диэтэ. Быстыам дуу ойдуом дуу, ол кылааска баран киирдим. Кырдьык уолаттара үгүс, ол быыһыгар урут бииргэ үөрэммит оҕолорум бааллар. Олорон үөрэнним. Ким тоҕо хойутаатыҥ диэн атыҥыраабата. Били дьиэбэр төннөр, үөрэммэт баҕам көтөн хаалла. 5-6 кылаастарга олус үчүгэйдик үөрэммитим. 5 кылааһы сэрии бүттэҕин сыл бүтэрбитим.
Биирдэ аллараа этээскэ үөрэнэ олорон, түннүгүнэн көрбүтүм улахан уҥуохтаах Вас.Лукич Сенькин сүүрэн аҕай ааста. Мин дьиктиргии санаатым. Уруок соторутааҕыта буолбута, звонок буолла, биир кыыс өҥөйөн туран: “Таһырдьа линейкаҕа тахсаҕыт”, – диэтэ. Тахсыбыппыт оҕо бөҕө: “Ураа, кыайыы буолбут”, – дии-дии үөрүү-көтүү бөҕө. Василий Лукич сэрии бүппүтүнэн, кыайыы буолбутунан эҕэрдэлээтэ уонна 12 чааска киин болуоссакка миитиҥҥэ кэлиҥ диэн биллэрдэ. Миитиҥҥэ дьон бөҕө үөрбүт-көппүт сирэйдэрин билиҥҥэ диэри умнубаппын.
Дьэ, олус дьиктиргиибин, дьиибэргиибин ити 1945 сыллааҕы сайыны ханна, хайдах атаарбыппын отой өйдөөбөппүн. Өйдүү, толкуйдуу сатыыбын да өйбөр туох да суох.
Алтыс кылааһы бүтэрдэҕим сайын 1946 с. В.Л.Сенькин салалталаах Амма, Алдан өрүстэринэн биир ыйдаах (от ыйын 1 күнүттэн атырдьах ыйын 1 күнүгэр диэри) походка сылдьыбыппыт. Ол походка биэс 5 кыл уолаттарын кытта соҕотох кыыс мин сылдьыбытым. Билигин санаан сөҕөбүн, наһаа да хорсун эбиппин диэн. Үс салайааччыбыт үһүөн эр дьон: Вас.Лук.Сенькин, Михаил Григорьевич Слепцов – фотограф, Мих.Вас.Татаринов (Чымнаайы учуутала) – көмөлөһөөччү.
V кыл. уолаттара Репин Коля (Ник.Ник.Репин), Лазарев Ваня (Иван Фёдорович Лазарев), Ключинскай Сиидэр уонна Чахов Соня, Андреев Коля диэн Уолба оскуолатыттан кэлбит, бары кып-кыра уолаттар.
Дьэ, билигин ханнык төрөппүт кыра уолун биир ыйдаах походка ыытыай, ханнык учуутал уоппускатыгар сынньаммакка ыйы быһа кыра оҕолору аһаҕас халлаан анныгар илдьэ сылдьарга ылыныай? Ол барыта Василий Лукич авторитетын үрдүгэ, үтүөтэ.
Чычымахха диэри икки күн сатыы айаннаабыппыт. Икки дуу, үс дуу ыҥыыр аттаах этибит да малбытын: утуйар таҥаспытын, аһыыр аспытын, иһиппит-хомуоспут, походка туттуллар араас тээбириммитин ырдан ким да ат мииммитин өйдөөбөппүн.
Чычымахтан Амма өрүһү болуотунан айаннаан Алдаҥҥа тиийбиппит, онно грузовой “Клара Цеткин” диэн пароход кэлэн, ол пароходка олорон Алданы өрө өксөйөн Охотскай перевозка тиийбиппит. Охот-Перевозтан улахан оҥочонон таҥнары Алдан өрүһүнэн устубуппут. Сороҕор бөһүөлэктэргэ, сороҕор биэрэккэ тахсан балааккаҕа хонорбут. Олус элбэх араас үүнээйини хомуйан гербарий оҥорон, үөнү-көйүүрү, хайа боруодатын хомуйан аҕалбыппыт. Ким да ыалдьыбакка, туохха да моһуогурбакка олус үчүгэйдик сылдьыбыппыт.
Оскуоланы 1951 сыллаахха бүтэрбитим. Икки сыллаах учительскай институту бүтэрэн, дойдубар биир сыл Уус-Тааттаҕа, икки сыл Баайаҕаҕа үлэлээбитим. Баайаҕаҕа үлэлиир сылларбар хаста да Ытык-Күөлгэ сатыы киирбитим. Баайаҕа Ытык-Күөлтэн алта көс. Икки саас спартакиадаҕа бүтүн оскуолаҕа хамаандата-оҕолоро кытта киирэллэрэ. Массыына сайын сылдьыбыт буоллаҕа. Онон таһаҕаһы тэлиэгэҕэ тиэйэн, оҕолор сатыы киирэллэрэ.
Биирдэ кыһыҥҥы каникулга тохсунньутааҕы учууталлар мунньахтарыгар грузовой массыынанан киирдибит. Биһиги директорбыт Луковцева Мар.Андр., Павлова Елена үөрэх аһыллара 2-3 хонук иннинэ дьэ айаҥҥа туруннубут. Иннокентий Вас-ч Таскин диэн кырдьаҕас учуутал атынан ол күн төнүннэ. Сир ортотугар Күөрэлээххэ ферма кыстаан олорор, онно мин эдьиийим Маарыйа олорор, кэргэнэ от тиэйээччи. Таскин учууталынан биһигини утары көрсөрүгэр илдьит ыыттым. 5-6 км иннинэ күтүөтүм көрүстэ. Хонон баран салгыы айаннаатыбыт. Аргыстарым миигиттэн аҕа саастаахтар, хаамыылаахтар. Уо, онно сылайбыппыан, нэһиилэ 7-8 чаас киэһэ дьиэбитин буллубут. Аара ыал суох, ханна да тохтоон аһаабакка хаамп да хаамп.
Билигин санаатахха, баламат сырыы эбит. Оччолорго киһи барыта сатыы сылдьара. Массыына отой аҕыйах, тэрилтэлэргэ эрэ баара. Ат көлө эмиэ колхозка эрэ баар, чааһынай биир эмит кыанар “баай” ыалга эрэ ат баар, ыал үксэ оҕустаах, отун-маһын оҕуһунан тиэнэр.
Ааныска.