Киһи ыараханнык ыарыйдаҕына, тус олоҕор алдьархайдар ааҥнаатахтарына олоҕун тосту уларытаары, ыар санаалартан босхолоноору, сүргэтин көтөҕөөрү таҥара көмөтүгэр наадыйара үксээн иһэр. Онуоха көмөлөһөр аналлаах босхо түҥэтиллэр кинигэлэр, библиялар тарҕаналлар, таҥара дьиэлэрэ үлэлииллэр. Таҥара үөрэҕин сөпкө таба тайанан инники олохторугар туһаммыт дьон эмиэ элбииллэрэ баар суол.
Үс куттаах саха аймаҕы Айыы үөрэҕэр уһуйарга, үөрэтэргэ учуонай Л.А.Афанасьев-Тэрис балаҕана ааҕыллар. Хаһаайканан Тэрис үөрэнээччитэ, утумнааччыта, саха итэҕэлин тарҕатааччы, хас да кинигэ ааптара, туом бахсыта И.Е.Лукина-Уйусхаана буолар.
Ирина Егоровна амарах санаалаах, урааҥхай сахаларга итэҕэли – Айыы үөрэҕин 22 сыл буор-босхо тарҕатар уһуйааччы, айылҕаттан айдарыылаах, үөһэттэн үөттэриилээх саха Далбар Хотуна.
Мин киниэхэ аан бастаан 1998 сыл алтынньы ый 3 күнүгэр «охсор охсуу» ыарыы соһуччу буулаан, аҕам саастаах кырдьаҕастар сүбэлэринэн тиийбитим. Айыыларга, иччилэргэ сүгүрүйбүтүм, Үрүҥ Айыы Тойонтон доруобуйабын көннөрүнэрбэр күүс-күдэх эбэригэр көрдөспүтүм. Уйусхаана туом оҥорон, алгыһынан кэбирээбит тулабын (аурабын) иччилээбитэ, күрүөлээбитэ.
Итинтэн саҕалаан «кутуйах хаамыытынан» доруобуйам көнөн, этэҥҥэ киһи-хара буолбуппунан сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн туран махтанабын. Сибээспин быспакка салгыы туомнарга сылдьарбынан дьоллонобун.
Айыы балаҕаныгар дьиэ хаһаайкалара, эбээлэр түмсэннэр Уйусхаанаттан анал үөрэхтэри – харысхалы түһэрэргэ, дьиэни иччилииргэ, оҕону иитиигэ, алгыһы оҥорорго үөрүйэхтэри баһылыыллар.
Үгүс киһи Айыы үөрэҕин өйдүүргэ, сиэрдэри, кэс тыллары, алгыстары истэргэ, тутта үөрэнэргэ, араас туомнарга сылдьаннар бэйэлэрин өйдөбүллэрин, билиилэрин хаҥаталлар. Ытыктабыллаах Уйусхаананы Лонгинов уулуссатын 42/5«а» аадырыска булаҕыт.
Саха – айылҕа оҕото. Клавдия Ильинична Максимова-Сайыына суруйарынан киһи доруобуйата, дьылҕата итэҕэли кытта быһаччы ситимнээх эбиттэр. Бу Үрдүкү Айыылартан сүдү бэлэх буолар. Айыы суолун тутуһар киһи дьолго тиксэр.
Айыы балаҕана саха итэҕэлин дьиэтэ буоларынан манна алгыс кэмигэр айыылар тыыннара түһэр. Кэлбит дьон бу тыыны ылаллар. Өбүгэлэрбит мындыр өйдөөх-санаалаах, киэҥ көҕүстээх, сымнаҕас майгылаах, тулуурдаах уонна дьулуурдаах буолуулара итэҕэлгэ сытара чуолкай. Аҕыс айыыһыттаргыт аргыстастыннар, сэттэ иэйиэхситтэргит эҥэрдэстиннэр. Дом!
Григорий МИХАЙЛОВ
-Дьулҕан.
tuymaada.ru