Skip to content

Туймаада.ру

Общественно-политическое сетевое издание

  • Личный кабинет
  • Подписка на «Туймаада.ру»
Primary Menu
  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • Архив газеты
    «Туймаада»

Эһэбин сайыспытым

tuymaada 18 мая, 2026

Оччолорго аҕыс саастааҕым. Иккис кылааска үөрэнэ киирбит кэмим этэ. Күһүн буолан, улуус киинигэр оҕолор сайыҥҥы өрөбүллэрбититтэн саҥа мустан эрэрбит. Онон оҕо өссө да аҕыйах этэ. Саатар дьиэбит тымныы буолан, эбиэт быдан иннинэ бүтэрбит.

Биир күн хайдах эрэ сарсыардаттан табыллыбатаҕым. Оскуолабар баран иһэн кроссовкабын, онтон пеналбын умнан кэбиһэн дьиэбэр иккитэ төннө сылдьыбытым. Онтон аны иккис уруокка үөрэнэ олорон, туохтан эрэ сүрэҕим көбөн, тахсан хотуолаан киирбитим. Төбөм дэлби ыалдьыбыта. Инньэ гынан учууталым оскуола биэлсэригэр илдьэн, көрдөрөн баран дьиэбэр ыыппыта.

Дьиэм кыра оҕо холугар балай да ыраах курдук – биир биэрэстэлээх сиргэ турар. Аны күһүҥҥү уһун ардах кэннэ үрэҕи кыйа барар суол бырыы да бадараан буолан, үөһэнэн, сыыр үрдүнэн эргийэ сылдьабын.

Ити курдук арай уһун-киэҥ суолум устун нэһиилэ саллаҥнаан баран иһэн, оройпуо ыскылаатын таһыгар турар “УАЗ” массыынаҕа хараҕым хатанна – эһэм киэнэ эбит (кини онно үйэтин тухары суоппардаабыта). Мин, хата, эһэбинэн илтэрэр буоллум диэн, үөрүүбүттэн, хаамар-сүүрэр икки ардынан массыына диэки дьулустум. Өр гымматым. Тиийэн кэллим уонна массыынаҕа эһэм олорорун көрөн өссө үөрдүм.

Тиийэн, тута иннинээҕи ааны тардан көрдүм да аһыллыбата. Эһэм даҕаны киһи кэллэ диэн хайыһан көрбөтө. Мин ааны иккистээн тартым эрээри, киһим син биир кыһаммата. Онтон суоппар өттүнэн тиийэн ааны тоҥсуйа-тоҥсуйа: “Эһээ, ааҥҥын ас!” – диэбиппэр дьэ биирдэ хайыста. Миигин билэн үөрдэ, ол эрээри массыынаҕа киирээри гыммыппын киллэрбэтэ: “Эһэҥ ыраах барда”, – диэтэ. Ол оннугар төһө бэркэ үөрэнэ сылдьарбын, тоҕо эрдэ бүппүппүн сураста: «Кытаат, үчүгэйдик үөрэн, ыалдьыма», – диэтэ уонна сүүспүттэн “сык” гына сыллаан ылла. Инньэ гыммытыгар мин хайдах эрэ долгуйан дуу, хайдах дуу уйадыйан, хараҕым уута тахсан ылла уонна онтубун көрдөрүмээри туора хайыһан туран: “Киэһэ кэһиитэ аҕалаар”, – диэн баран, дьиэм диэки бара турдум.

Арай дьиэбэр тиийбитим, олбуорум таһыгар икки массыына кэлэн турар эбит. Олортон биирэ эһэм “УАЗ” массыыната. Ону көрөөт, эһэм миигин албыннаабыт, соруйан илдьэ кэлбэтэх диэн киниэхэ улаханнык өһүргэнэн, хомойон, хараҕым уута кэлэн, сымыһахпын быһа ытыран баран, дьиэҕэ көтөн түстүм. Тоҕо эрэ киирээти кытта таҥас ыйыыр сиргэ утары турбут сиэркилэ таҥаһынан сабыллыбыт. Дьиэ иһигэр, саалаҕа, кимнээх эрэ ботур-итир кэпсэтэллэр. Убайым, саҥаһым аах төттөрү-таары кэлэллэр бараллар. Онтон мин кэлбит тыаспын истэн, ийэм утары тахсан иннибэр тобуктуу түстэ, ыга кууста уонна эһэм аны суох буолбутун эттэ.

Хайдах-хайдаҕый? Сымыйалыыр, дьээбэлиир диэхпин дьиэ иһигэр бүрүүкээбит ыарахан тыын ол кырдьыгын туоһулуурга дылы. Уонна улахан дьон, ама, хайаан итинник аньыынан оонньуохтарай. Аны эһэм өлбүт диэхпин сибилигин аҕай оройпуо таһыгар кэпсэтэн кээлтим эбээт.

Ол да буоллар эһэм, кырдьык, суох буолбут этэ. Хоһугар ороҥҥо кубарыйан хаалан баран, быар куустан сытарын көрөн дьэ итэҕэйбитим. Онтон улаатан, өйбүн тутан баран, кинини кытта ол күн көрсөн кэпсэппиппин ийэбэр кэпсээбиппэр “ол аата эһэҥ кэлэн, бырастыылаһан, оҕотун – тапталлаах сиэнин  сыллаан бардаҕа”, – диэн быһаарбыта.

Онон олоххо киһи үөйбэтэҕэ-ахтыбатаҕа, араас барыта буолар эбит.

Алёна.

Continue Reading

Previous: Сибиэннээх дьиэ
Next: Адьарайдар аны миигин «сииллэрэ» хаалла…

Похожее

Дьикти тыастар

Дьикти тыастар

23 октября, 2026
Нуучча абааһыта

Нуучча абааһыта

18 августа, 2026
Өлөн баран тиллибит

Өлөн баран тиллибит

11 августа, 2026

Свежие записи

Под Брянском мужчина погиб при попытке разобрать БПЛА 1

Под Брянском мужчина погиб при попытке разобрать БПЛА

10 ноября, 2026
Оҕо баар дьолбут! 2

Оҕо баар дьолбут!

9 ноября, 2026
Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит 3

Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит

8 ноября, 2026
Хараххытын харыстааҥ 4

Хараххытын харыстааҥ

7 ноября, 2026
Россиянам напомнили о необходимости уплатить налоги 5

Россиянам напомнили о необходимости уплатить налоги

6 ноября, 2026
Кими да таҥнарбатаҕым 6

Кими да таҥнарбатаҕым

5 ноября, 2026
Литературнай музейы ким төрүттээбитэ 7

Литературнай музейы ким төрүттээбитэ

4 ноября, 2026

Сетевое издание TUYMAADA.RU. Свидетельство о регистрации СМИ Эл № ФС77-71324 от 17 октября 2017 г. Выдано Федеральной службой по надзору в сфере связи, информационных технологий и массовых коммуникаций.

Учредитель и главный редактор: Яковлев А.П.

Электронная почта редакции: tuymaada_2017@mail.ru

Телефон редакции: 8-914-222-85-50

16+

РУБРИКИ

  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • Архив газеты
    «Туймаада»
  • Политика конфиденциальности
  • Публичная оферта и правила возврата
  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • Архив газеты
    «Туймаада»
Copyright © tuymaada.ru | MoreNews by AF themes.