Дыгын – кытыгырас, тэтиэнэх диэн өйдөбүллээх. Сүүрэн-көтөн дыгыйар. Хааман-сиимэн дыгыйар. Кытыгырас, тэтиэнэх киьи атаҕын төбөтүгэр үктэнэн, сиртэн-буортан тэйбит курдук туттан дыгыйан хаамар. Оччолорго оҕо, киһи атыттартан туох уратылааҕын таба көрөн ону бэлиэтээн аат биэрэр этилэр, билигин ону хос аат диэн этэбит. Ити аата Дыгын кыра оҕо сылдьан лаппа кытыгырас, тэтиэнэх оҕо эбит. Ол итинник толкуй (логика) быһыытынан тахсан кэлэр.
Тыгын – “тыгар” диэн тылтан тахсар. Тык, тыкпыт, тыгар диэн курдук. Тыгын диэн бэйэҥ бэйэҕин сүүскэ тыгын диэн буолар. Соһуйбут киһи урут умнубутун эмискэччи өйдөөн кэллэҕинэ соһуйан бэйэтин бэйэтэ сүүскэ тыгыныан, охсунуон сөп.
Дыгын уонна тыгын диэн тус-туспа өйдөбүллээх тыллар. Көннөрү дорҕоонноро эрэ маарыннаһар. Ону буккуйар сатаммат. Кырдьаҕастар дыгын диэн аат баарын эрэ билэллэрэ, тыгын диэн баарын билбэт да этилэр.
Манна даҕатан этэбин.
Суоһалдьыйа Толбонноох – суоһалдьыйан хаамар (царская походка), толбоннуран көстөр үтүө-кэрэ көрүҥнээх, көнө уҥуохтаах хотун-хаан дьахтар.
Туйаарыма Куо – быһыйга быһыылаах, дьылыгырас көнө уҥуохтаах, эдэркээн кыыс дьахтар (стройная, красивая, молодая).
Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо – сырдык-ыраас, кыраһыабай сирэйдээх, быһыйга быһыылаах, дьылыгырас көнө уҥуохтаах, эдэркээн кыыс-дьахтар (стройная, белолицая, красивая, молодая девушка-женщина).
Кириэтээн Байбал – мөккүөрдээх диэн. Хос-хос кэлэн мөккүһэн, кириэтэһэ турар. Ол иһин Кириэтээн Байбал диэн буолан хаалбыт.
Михаил ТИМОФЕЕВ.
Амма — Дьокуускай.