“Туймаада” хаһыакка ВИС группа туһунан суруйуулар тахсаллар. Бу ВИС группа Дьокуускай куоракка 12 объегы 15 млрд. солкуобайтан тахса сууммаҕа дуогабардаһан сороҕун оҥордо, сороҕун оҥоро илик дииллэр. Бу объектар 2,5 төгүл элбэх сыанаҕа тутуллар эбиттэр.
Олохпут түргэн баҕайытык сайдан иһэр. Ону тэҥэ тутуу матырыйааллара уларыйан, тупсарыллан, сыаната ыараан иһэр буолуохтаах. ВИС группа туппут объектара сүрдээх тупсаҕайдар, матырыйааллара олус үчүгэйдэр, баҕар омук сириттэн атыылаһан аҕалаллара буолуо. Тутуулара хаачыстыбалаахтар. ВИС туппут саҥа оскуолаларын учууталлара тутууну хайгаабыттарын күөх экранынан истибитим. Үчүгэй, хаачыстыбалаах матырыйааллар сыаналара ыарахан ороскуоттаах буолуохтаах. Хайа уонна начальниктар, инженердэр, прорабтар, тутааччылар хамнастарын эбэн кэбиһиҥ. Ким босхо үлэлиэй?
Мин тулаайах сиэммэр таас дьиэ биэрэннэр, олорбуппут 4-с сылыгар барда. Бастакы сылбытыгар кырааннарбыт тэстэннэр, саҥа кырааннары атыылаһан уларыттарбыппыт. Онтон ол сайыныгар болкуоммут аана алдьанан управляющай хампаанньаҕа тыллаан, биир киһини ыытан оҥотторбуттара да, эһиилигэр муус устарга эмиэ алдьанна, сабыллыбат буолла. Ыксааммын билэр саха уолаттарбын соруйсубутум. Кэлэн көрөн баран, адьас холтуура эбит диэн болкуон аанын көтүрэн, саҥаттан иэччэхтээн, тугун эрэ уларытан, дреллээн, тоҥсуйан, тиҥиргэтэн оҥорон кэбиспиттэрэ. Билиҥээҥҥэ диэри этэҥҥэ турар. Кинилэргэ махтал буоллун, пенсиябыттан 4 тыһыынчаны биэрдэҕим дии. Хайдах босхо үлэлэтиэхпиний?
Онтон аны туалеппытыгар үөһэттэн уу тэстэн, потоп буола сыста, эмиэ вызов оҥордум. Ону үөһээҥи турба үөһээ этээстэртэн уу ыыталларын тулуйбакка хайдыбыт, ол иһин уу тохтор эбит. Онон муннуктуу турба кэрчигин атыылаһыннаран оҥорбуттара.
Уопсайынан, бу дьиэни чэпчэки сыаналаах матырыйаалынан хааччыйбыттар. Куукуна розеткаларын эмиэ уларыттарбытым. Плинтустара туран эрэ тура онон-манан хайдан эрэллэр. Тутааччылар харчыларын кэмчилээн, чэпчэки матырыйаалларынан туттахтара. Ону 2,5 дуу, 3 дуу мөлүйүөннээх дьиэни босхо ылан баран претензиялаабат буоллахпыт. Хата кыһынын ичигэс буолан абырыыр. Маннык дьиэбитин ВИС группа туппута буоллар диэн баҕа санаабын этэбин.
Аны ВИС группа 120 млрд солк. суумалаах Лена муостатын тутуохтаах. Ыарахан сыаналааҕыттан иҥнэллэр. Мин санаабар аҥаардас чинчийэллэригэр, үөрэтэллэригэр, кэтээн көрөллөрүгэр, арааһынай техникалары тутталларыгар боростуой үлэһиттэртэн учуонайдарга тиийэ, кинилэргэ төлүөххэ наада буолуо. Ким босхо үлэлиэй?
Эбэни туоратарга, саҥа сыаналаах технологияны туһанан, хаачыстыбалаах, ыарахан сыаналаах матырыйаалтан тутар буолуохтаахтар. Онтон Сунтаарга тутуллубут Агдара өрүһү туоруур муосталара бэс ыйын 16 күнүгэр сууллубут. Ардах түһэн алдьаппыт диэн буолбута. Хас сайын аайы ардах түһүөхтээх буоллаҕа дии. Ол ардах аайы алдьанар саҥа муоста куһаҕаннык тутулуннаҕа. Чэпчэки сыаналаах матырыйаалларынан оҥорбут буоллахтара дуу? Хаарыан 30 мөл. солк. харчы туһата суох ороскуоттаннаҕа. Лена өрүһү туоруур муоста бөҕө буоллар ханнык.
Э.Берёзкин Ил Дархан дуоһунаһыгар үлэлиирэ эбитэ буоллар, чэпчэки сыаналаах муостаны начаас туттарыа эбитэ буолуо. Туох барыта чэпчэки сыаналааҕынан тутуллубут буоллаҕына кэбирэх буолааччы. Арай Э.Берёзкин чэпчэки сыананан туттарбыт саҥа муостатын устун массыынанан айаннаан истэхпитинэ кэбирэх муостабыт сууллан хааллын. Бу алдьархайы! Айуу-айа! Арах-арах! Маннык эрэ буолбатын.
Бэйэбит Ил Дархаммыт А.С.Николаев идэтинэн физик уонна финансист, өйдөөх киһи барытын билэрэ буолуо. Хайа онтон Кириэмилгэ үлэлээччилэр суоттуур-учуоттуур буолуохтаахтар. Мээнэ харчынан ыһыахтаммат инилэр.
Онон ыарахан санаалаах муоста диэн, Уйбаан Пономарёв уонна да атын дьон, долгуйумаҥ, муоста хаачыстыбалаах уонна үйэлээх буоллун. Эбэбитин туоруур муоста дьэ тутуллар буолбутуттан үөрүөҕүҥ!
Мэндиэрэ.
tuymaada.ru