Аан дойдуга тарҕаммыт икки улахан суолталаах иһитиннэриилэр тустарынан бэйэм санаабын хаһыат нөҥүө дьону кытта үллэстиэхпин баҕаран бу суруйан эрэбин.
Бастакы интэриэһиргээбит сонуммунан Россияҕа Конституцияны уларытар туһунан куоластааһын от ыйын 1 күнүгэр буолла. Бу иннинэ Конституцияҕа ханнык уларытыылар киллэриллиэхтээхтэрин туһунан Кремль иһитиннэрии таһаарбыта. Онно бастаан В.В.Путин урут президеннээбит бириэмэтин сотон баран инникитин Президент быыбарыгар туох да мэһэйэ суох кыттар бырааптаах буолуохтаах диэн Конституцияҕа суруйар туһунан суох эбит, онтон дьон айдаарбыттарыгар эбии суруйан биэрбит үһүлэр.
Бастаан тоҕо ити туһунан иһитиннэриигэ суруйбатахтарай диэн ыйытыыга Президент Администрациятын салайааччыта Д.Песков “технический сбой” диэн эппиэттээбит. Дьэ хайдаҕый? Ол аата президент администрациялара олус күтүмэхтик үлэлииллэр эбит дуу?! Ити үлүгэр улахан суолталаах уларытыыны умнан, көтүтэн кэбиспиттэр дуо?! Тойон Песков бэйэтин эбээһинэһин эҥкилэ суох толорор эбит диэххэ сөп дуо? Мин саарбахтаары гынабын.
Аны Конституцияҕа уларытыылары киллэрии иһин куоластааһынынан сибээстээн, телевидениеҕа, бэчээккэ хайдах куоластыыр туһунан, куоластааһыҥҥа кэлиҥ, кыттыҥ диэн ыҥырыылар, Конституцияҕа киллэриллиэхтээх уларытыылары быһаарыы, уларытыылар киириилэрэ наадалааҕын туһунан агитация олус чаастатык этилиннэ, сурулунна.
Арай Путин президеннээбит срогун сотор туһунан биир бэйэм тугу да истибэтэҕим. Тоҕо ити уларытыы Конституцияҕа киллэриллиэхтээҕин, туох суолталааҕын, наадалааҕын туһунан ким да быһаарыы биэрбэтэҕэ. Саатар ил дархан А.С.Николаев тугу да эппэтэҕэ, быһаарбатаҕа.
Оттон биһиги сорохпут мунаарабыт ээ, тоҕо Путин үйэтин тухары президент буолара наада буолбутун биир бэйэм ончу өйдөөбөппүн. Россия туох биричиинэнэн Путина суох сатаан олорбот, сайдыбат балаһыанньаҕа киирдэ? Россияҕа кыахтаах, талааннаах, билиилээх-көрүүлээх, сатабыллаах дьон суох буолуллар дуо? Тоҕо соҕотох Путинмытын тутан хааллыбыт, тоҕо кинини тула сахсаҥнаһабыт, аҥаардастыы? Ким биһиэхэ быһааран биэрэр кыахтааҕый?! Саатар республика салалтата чуолкайдык быһааран биэрбэтэ.
Иккис интэриэһиргээбит боппуруоспунан АХ-гар киэҥ далааһыннаах бырачыастыыр миитиннэр буоллулар. Холуон туттунуулаах полицейскай негр национальностаах киһини өлөрөн кэбиһиитэ биричиинэ буолла. Расизмы утары диэн миитиннэр АХШ-гар эрэ буолбакка, аан дойдуга киэҥник тарҕаннылар. Ол миитиннэргэ үгүстэрэ үрүҥ субалаах дьон кытталлар.
Ити миитиннэр тустарынан истэ олорон, холобур миигин, саха оҕонньорун славянскай дьүһүннээх полицейскай хабырдык туттан тыыммын быһан кэбистэҕинэ улуу Москва олохтоохторо уулуссаҕа кутулла түһэн миигин көмүскээн миитиннээннэр Москваны үлтү тэпсэн кэбиһээри куттуохтара этэ дуо дии саныыбын. Төрөөбүт Сахам сирин да дьоно соччо суолта биэриэхтэрэ дии санаабаппын.
АХШ уонна да атын демократическай тутуллаах дойдуларга нэһилиэнньэ бэйэлэрин правительстволарын үлэтин-хамнаһын олус кыраҕытык хонтуруоллуур эбиттэр дии санаатым.
Аны полицейскайдар миитинниир дьон иннилэригэр тобуктаан тураллар, бырастыы гыныҥ диэн көрдөһөллөр. Ону көрөн баран биһиги росгвардияларбыт байыастара ити “унижение”, итинник буола сылдьар хайдах государствоҕыт салалтатын, государствоҕытын көмүскээри гынаҕыт диэн сүөлүргээһин бөҕө.
Ити миитиннэри көрөн баран, аан дойдуга үтүө санаалаах дьон олус үгүстэр эбит диэн истэр үөрэ санаатым. Диктатура уонна демократия уратылара олус да улахан эбит. Эһиги туох дииргит буолла?
Тимофей АДАРОВ,
үлэ, тыыл ветерана.
Нам, I Хомустаах.
tuymaada.ru