Киһи аймахха кини бэйэтин мэйиитин толкуйдааһынынан айан оҥорор, тутар айымньытыгар, оҥоһугар саамай суолталааҕа – кини төрдө, акылаата, тулааһына буолара саарбаҕа суох. Өскөтүн бу оҥоһук саҕаланар төрдө табылыннаҕына кини үйэлээх, туһалаах, көрөргө-истэргэ киһи үөрэр оҥоһуга буолар.
Син ол кэриэтэ саҥа дьиэ оҥосторго дьиэ акылаата, ордук биһиги тыйыс айылҕалаах дойдубутугар, дьиэ саамай сүрүн чааһа буолар. Саха сирин тыатын сиригэр, чааһынай дьиэни оҥостуу туһунан “Туймаада” хаһыакка тахсыбыт ыстатыйаларбар олоҕуран быйыл саас кинигэ тахсыахтааҕа буолбут балаһыанньаларга олоҕуран тардылынна.
Билигин миэхэ дьиэ оҥостуутун туһунан олус элбэх киһи ыйыталаһар, консультация ыла сатыыр, саамай сүрүн боппуруос акылаат оҥоһуутун туһунан буолар. Бу чахчы даҕаны тыа сиригэр социальнай хабааннаах боппуруос буолбутун, дьон биир быһаарар эппиэт суоҕуттан айманыылара туоһулуур. Дьиэлэр акылааттарын сыыһа оҥоруу түмүгэр кинилэр туһалыыр болдьохторо кылгыы, киһи доруобуйатыгар буортулара элбии тураллар.
Тоҕо, туохтан бу боппуруос олус сытыырхайда диэтэххэ, маннык.
Бастакытынан, биһиги өбүгэлэрбит дьиэлэрин күн көрөр, сирин анныгар мууһа суох, үрдүк сиргэ оҥостоллоро. Биирдиилээн олорор сахха дьиэ, балаҕан турар сирин талыыга улахан уустуктар суохтар этэ. Билиҥҥи бөһүөлэктэр турар сирдэригэр итинник сирдэр бүппүттэрэ, уһаайбалар урукку тыа оннугар бэриллэр буолбуттара ыраатта. Тыа оннугар ирбэт тоҥо сир үрүт араҥатыттан хайаан да чугас буолар, тыата кэрдилиннэ даҕаны сирэ ирэн хамсаабытынан барар.
Иккиһинэн газтааһын, централизованнай ититии систематыгар холбонуу, аныгы үрдүк хаачыстыбалаах итиини тутар хаттыктары туһаныы түмүгэр дьиэлэр орто температуралара балай да үрдээһинэ, сиргэ дьиэ иһинээҕи сылааһы биэрии үрдээһинигэр тиэрдэн сир ирэн дьиэлэр тимириилэрэ тахса турар.
Үсүһүнэн, маһы сиир тэллэй көрүҥэ дэлэйиитэ, Саха сиригэр сир ириититигэр күүскэ дьайар радиоактивнай радон газ дьайыыта күүһүрэн, бу тэллэйдэр мутацияналыылларын түмүгэр маска дьайыылара улаатан акылаат сытыйыытын элбээһинэ бэлиэтэнэр.
Үөскээбит проблеманы быһаардахпыт аатыран ханнык даҕаны научнай төрүтэ суох технологияны киллэрбитэ буолан, аҥаардас харчы эрэ инниттэн дьону араастаан булкуйуу тахса турар. Маннык түгэннэргэ ордук билэр-көрөр, сүбэлиир киһилэрэ суох, аҥаардас хаалбыт, элбэх оҕолоох дьахталлар, кырдьаҕас дьон түбэһэллэрэ олус хомолтолоох. Дьэ бу боппуруостары хайдах быһаарартан дьон-сэргэ олоҕо тутулуктааҕа чуолкай.
Сорох сирдэргэ быһыыны-майгыны сөпкө өйдүүр салайааччылар суох буолбатахтар, холобур Таатта улууһугар улуус үрдүнэн сытыйбыт акылаат проблематын быһаарар программа үлэлээн иһэн үп-харчы кырыымчыгыттан тохтоон турар быһыылаах. Салгыы үлэлиирэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.
Улуустар салалталара, тутууга управлениелара чааһынай дьиэ тутуутугар үбүнэн, субсидиянан көмөлөһүүлэрэ олус махталлаах. Дьыала ситэри туһалаах буоларын инниттэн дьиэ тутуутугар дьоҥҥо дьиэлэри проектааһыҥҥа, тутууга методическай ыйыылары оҥорууга көмөнү оҥороллоро буоллар олус туһалаах дьыала буолуо этэ.
«Тыый, балтараа мөлүйүөн харчыны биэрдибит дии, онтон ордук туох көмөнү эрэйэллэр, аны баран тутан биэрэбит дуо? Туох ааттаах наглай дьоҥҥутуй?» – диир салайааччылары элбэҕи иһиттим. Баҕар бачча харчыга проектировщик, үчүгэй тутааччы наймылаһан дьиэни оҥорторуохха сөп эбитэ буолуо эрээри, дьиэлэрин кыайан туттарбакка эрэйи көрбүт дьон элбии тураллара киһини сөхтөрөр. Үчүгэй инженернэй-техническэй көмөтө суох аныгы, сылаас, бөҕө-таҕа оҥоһуулаах чааһынай дьиэлэри тутуу олус уустук боппуруос буолла.
Ааҕааччыларым, бу ыстатыйам сүрүн боппуруоһа чааһынай дьиэ күн бүгүнүгэр диэри олохтоохтук быһаарыллыбакка турар, социальнай кыһалҕаҕа кубулуйан эрэр акылаатын оҥоруу боппуруоһа буолар. «Акылаат буола-буола, атын кыһалҕа суоҕар дылы», – диэххэ эмиэ сөп, ол эрээри тыа сиригэр түҥ-таҥ түһэн турар дьиэлэри акылааттарын уларытаары харчы көрдөһөр дьону, дьиэлэрэ тэллэй буолан онтон аллергиялаан эрэйи көрөр оҕолору, кырдьаҕастары санаатахха кимиэхэ баҕарар толкуй уларыйан тахсар.
Атын регионнарга, ирбэт тоҥо суох сирдэргэ бу проблема отой турбат, онно сир үрдүгэр стяжка кутан баран истиэнэни оҥорон да таһаарыахха сөп буоллаҕына, биһиэхэ биир сваяны туруоруу киин оройуоннарга саамай кырата 70 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр. Онон татым үптээх тыа киһитэ хайдах даҕаны көрдөбүлгэ эппиэттиир акылааты оҥостор кыаҕа суох.
Хайдах гынан, тугу толкуйдаан балаһыанньаттан тахсабыт? Тахсар суоллар бааллар, кылаабынайа улуус эбэтэр олохтоох дьаһалта таһымыгар боппуруос туруон наада. Биирдиилээн тутааччылар айан оҥорбут, кыра дьиэлэргэ аналлаах сытыйбат, тимирбэт, чэпчэки сыаналаах акылааттар араас көрүҥнэрэ бааллар.
Биһиги саамай иннибитигэр уктар, акылаакка аналлаах матырыйаалбытынан биһиэхэ үүнэр Гмелин тиитэ, атыннык Даурскай тиит мас буолар – аан дойдуга суох туспа структуралаах матырыйаал. Бу саханы саха оҥорбут тиит маспыт технологиятын табан тутуннахха киниттэн ордук бөҕө, уһун үйэлээх, ыарыыга, уокка бэриммэт матырыйаал суох. Тиит мас боруодаларыттан саамай тулуурдаахтара, бөҕөлөрө, Россия, Европа тимир суолун мас шпалалара барыта бу мастан оҥоһуллаллар. Колумб Американы аһарыгар Венеция куорат акылаатын сваялара түспүттэрэ, бу сваялар күн бүгүнүгэр диэри туох да буолбакка тураллар. Интэриэһинэйэ баар, сваялар Сибииртэн илдьиллибит Гмелин тиититтэн оҥоһуллубуттара диэн номохтор кэпсииллэр.
Дьэ маннык сүдү аатырбыт матырыйааллаах буолан баран баччааҥҥа диэри акылааты кыайан оҥостубаппыт – биһиги мөлтөхпүт буолар. Оннооҕор бааннарбыт дьиэҕитин бетон фундаменнаан оҥостор буоллаххытына эрэ чэпчэтиилээх кредити биэрэбит диэн усулуобуйа туруораллар. Бу мээлэ өйдөөҕүмсүйүү, бэйэ түктэри майгытын дьоҥҥо көрдөрөн бэйэ кыаҕын, улуутун дакаастыы сатааһын буолар дии саныыбын. Бетон ленточнай фундамент биһиги сирбитигэр туһаныллара бобуулааҕын билбэттэрэ буолуо дуо, билэр бөҕө буоллахтара. Боростуой тутааччылар сорохторо эмиэ итинник сыһыаннаһаллара баар суол, буоллун-хааллын диэн сыһыаннаһыы олус дэлэйдэ.
Бу ыстатыйам сүрүн сыала-соруга, дьоҥҥо туһата диэн, мин санаабар баҕар биир эмэ баһылык таба көрөн, хаһыат нөҥүө кэпсэтиини тэрийэн, бэйэтин нэһилиэгэр дьонун-сэргэтин кыһалҕаларын кыччатарга ылсыа диэн бүччүм санаам буолар. Өскөтүн оннук кэпсэтии таҕыстаҕына акылаат эрэ оҥоруутугар буолбакка, чааһынай дьиэ тутуутугар барытыгар улахан хамсааһын киириэ этэ диэн бигэ эрэллээхпин. Бу боппуруоһу олус дириҥник быһаара сатыыр наадата суох, дьиэ оҥосторго санаммыт хас биирдии тыа киһитэ көрсүбүт, билэр боппуруоһа буолар.
Сир үрдүгэр биһиги курдук туспа айылҕалаах, дьон түөлбэлээн олохсуйбут сирэ суох. Олорор олохпут биир сүрүн укулаата, олорор дьиэбит оҥоһуута эмиэ атын сирдэртэн олус улахан уратылаах. Хаһан да буоларын курдук сүүс дьиэ оҥостооччу бары тус-туспа санаалаах, былааннаах буолаллар. Бу дьону биир өйгө-санааҕа тиэрдэн, науканан, уопутунан дакаастаммыт ньымалары туһаннаран, инникитин дьиэлэригэр-уоттарыгар кыһалҕата суох олорор балаһыанньаларын тэрийии олохтоох былаас биир сүрүн үлэтэ буолуохтаах дии саныыбын.
Унаар ИВАНОВ,
тутааччы.
tuymaada.ru