Үрдүк үөрэх кыһатыгар бииргэ үөрэммит кыыһым кэпсииринэн, күөгэйэр күнүгэр сылдьан бииргэ үлэлиир биэс сыл аҕа коллегатынаан Учууталлар сынньанар дьиэлэригэр соҕуруу көппүттэр.
Сүүрбэттэн тахса хонукка эр киһи оруолун толорон дьахтар хобулугун анныгар киирбит мөлтөх эр дьону аһынан-харыһыйан, санаарҕаан, кыһыйан-абаран аҕай кэлбит. Оччотооҕу остолобуойдарга уһун уочарат, кини икки подноһу кыбынан баран турар, дьахтара олорор. Көтөр аалынан, тимир суолунан, оптуобуһунан айаннаары билиэт атыылаһарга кассаҕа эмиэ кини уочараттыыр, дьахтара лаглаччы олорор.
Маҕаһыыннарынан, ырыынагынан сылдьыбыттар, атыыласпыт малын киниэхэ түргэн баҕайытык туттара охсон кэбиһээт дьахтара холкутук көтө-дайа хаамар үһү. «Форточканы ас, форточканы сап», – диэн дьаһайа сыппыт. Күннэтэ 40 кыраадыстаах итиигэ, аргыһа баҕарар буоллаҕына, муораҕа сөтүөлүү киирдэхтэринэ бэйэтин аттыттан отой тэйиппэт, өссө ууга соһо сылдьан оонньотуохтаах эбиккин, кураанах улахан сотторунан сотон таҥыннараҕын. Түргэнник хаамтыҥ, бытааннык хаамтыҥ, киһини буксир курдук анньан иһэҕин, сирэйгин иннин хоту туттан баран хаама тураҕын диэн хотуна кыыһырара, кыйаханара элбэх үһү ээ. Оннооҕор туалекка соҕотоҕун барбата бу абатын, тиийэн чособуой курдук ааҥҥа харабыллаан тураахтаабыт.
Айылҕа кэрэтин кэрэхсээтэҕинэ, оҕуруот аһа арааһын сэҥээрдэҕинэ, ол-бу ыытыллар тэрээһиннэри хайҕаатаҕына, халаатынан олбуор иһигэр таҕыстаҕына барытыгар мөҕүллэн, сэрэтиллэн испит.
Биирдэ үс эр киһи, биир дьахтар муора кытыытынан баҕадьы соһон балыктыылларын умсугуйа көрөн турбутугар коллегата мөҕөн, үөҕэн кэһэппит. Сирэйэ көнөн, настарыанньата түһэн, хараҕын умса көрөн, саҥата суох уон биэс хонугу аһарбыт, ол аайы дьахтарга баттаппыт сир эргийэр киинэ, дьиэ кэргэн эрэнэр эркинэ, тутаах киһитэ, дурда-хахха буолуохтаах мөлтөх эр дьону аһынара ааспатах, күүһүрэн испит.
Дьахтара биир тылы утары саҥардыбакка, айаҕын утары бүөлүү анньан испит. Ыраах сиргэ ороскуотуран туран сынньана тиийбит киһини кэмсиннэрбит, тыынын хаайбыт. Кэргэнэ барахсан төһө эрэ баһыйтаран үүрүүгэ-сорудахха сылдьыбыта буолла. Дьахтар үрдүк хобулугун анныгар симиллибит эр эрчимнэр олоххо туох да улахан ситиһиитэ суох буолаллар, ойохторун сирэйин-хараҕын кэтээн, мөҕүө диэн куттанан кини настарыанньатынан, былаанынан, өйүнэн олороро – дьэ бу куһаҕанын!
Кэпсээнтэн кэпсээн, арай икки сыллааҕыта кинигэбин атыылыы олордум. Сымнаҕас майгылаах, аар айылҕа талааны хатаҕалаабыт, 70 саастаах билэр киһим тайахтанан киирэн 150 солк. утары уунан атыылаһа туран этэр: «Дьиэбэр тиийэн мөҕүллэбин», – диэхтээтэ. Ол үйэ аҥаара олорбут кэргэниттэн көҥүлэ суох кинигэ ылбытын иһин олох туллар тутааҕа, бигэ тирэҕэ, тулхадыйбат тулааһына, дьиэ кэргэн тойоно буолуохтаах киһини аһына, хомойо иһиттим.
Онтон биир уһун, хатыҥыр, хара көстүүмнээх, хаалтыстаах оҕонньор кэлэн ымсыырбыт курдук тутан-хабан, эргитэн-урбатан баран төттөрү уура туран этэр: «Харчы эмээхсиҥҥээ, мин сиэбим кураанах, кини көҥүлэ суох тугуу да ылбаппын», – диэтэҕэ үһү.
Хара нуорка саҕынньахтаах, кэргэнин тоҥолоҕуттан ыга тутуһа сылдьар орто саастарын ааһан эрэр дьон чугаһаан кэллилэр. Эр киһи ылаары сыанатын ыйыта туран эмискэ хаһыытыы, өрө холоруктуу түстэ! Кэргэнэ ылыма диэн имнэнээри аһара туттан, тойон тарбаҕын чэрин үрдүк хобулугунан быһа үктээбит.
Аны далааһыннаах аартыктардаах аҕа баһылык наһаа баттаабыт дьахтара эмиэ баар буолааччы – үрүҥ хараҕын өрө көрдөрбөккө, оҕо төрөтө-төрөтө, ас астыы-астыы дьиэтин үлэтинэн, оҕуруотунан дьарыктаныахтаах диэн. Дьиэ кэргэн тойоно, муҥур ыраахтааҕыта бу орто туруу бараан дойду олоҕуттан эдэрчи сааһыгар урутаан араҕастаҕына дьахтарбыт өрө холоруктуу түһэр, сиппэтэҕин ситэ сатыыр, кэпсэтинньэҥэ, аламаҕайа дьэ киирэр. Ыытыллар тэрээһиннэргэ кытта сатыыр, остуол тардан дьахталлары мунньан чэйдиир, олорор бөһүөлэгин олоҕун-дьаһаҕын, хобун-сибин олус сэҥээрэр, эбэн-сабан биэрэр.
Кэргэннии олоххо ортотунан олоруохха наада, баттаабакка, баттаппакка. Олоҥхо Айыы бухатыырыгар майгынныыр хайа да эр киһи өйө-санаата, инники көрүүлэрэ, толкуйа, сатабыла быдан ордук, күүстээх. Манна даҕатан аҕыннахха эр киһи туругурар, өрө тутуллар кэмэ ордук күһүн, кыстыкка киириигэ тыа сиригэр көстөөччү.
Анна КОЗЛОВА,
РФ Суруналыыстарын
сойууһун чилиэнэ.