Хас биирдии дьахтар атаҕын таҥаһын кэтэ туран биир эмэ түгэҥҥэ “бу бачыыҥкабын, түүппүлэбин ким, хаһан, ханна оҥорбут буоллаҕай?” диэн санаабыта, кыратык да толкуйдаабыта буолуо дуо? Ким билэр… Онон бу ыйытык аһаҕас санаа буолан хаалар.
Оччоттон баччаҕа диэри кыргыттар муодунай атах таҥаһын кэтэллэрин сөбүлүүллэр. Сорох кыргыттар гардеробтарын улахан миэстэтин атах таҥаһа ылара саарбаҕа суох буоллаҕа. Сылтан сыл аайы араас бачыыҥка, түүппүлэ муодата үөдүйэ турар. Оттон бу кэрэ аҥардар атахтарын таҥаһын арааһа хайдах айыллыбытын кылгастык билиһиннэриим.
Шпилька. Бу 1952 сылтан үөдүйэр. Роже Вивье диэн киһи дьиэтигэр үлэлии сылдьан аҕыс сантиметрдаах шпильканы айан таһаарбыт. Кэлин киниэхэ “Шпилька Хоруола” диэн аат иҥэриллибит. 60 сыл анараа өттүгэр айыллыбыт шпилька хобулуктаах атах таҥаһа муодаттан түспэт. Билигин да кыргыттар иннэ курдук синньигэс хобулуктаах түүппүлэни кэтэн киэркэйэллэр.
Атылаас түүппүлэ. Бу атах таҥаһа барыларыттан “богатайдык” көстөр. Бастаан утаа кытай кыргыттара кэппиттэр. Онуоха эбии хас биирдии бэйэтин көрүнэр, убаастанар аристократка кылааккай, оһуордаах, вышивканан киэргэтиллибит атластан тигиллибит түүппүлэлээх буолара. Атылаас соппуоска – дойду кэрийэр кыргыттар, оттон түүппүлэ – дьахтардыы быһыы-майгы, нарын буолуу бэлиэтэ эбит. Билигин маннык атылаас түүппүлэлэри кыргыттар уулуссаҕа, биэчэрдэргэ кэтэллэрин бэлиэтии көрүөххэ сөп.
Сабо. Сабо ол эбэтэр атыннык клоги диэн атах таҥаһа 1970-с сыллартан биллэр. Бу мас курдук уллуҥнаах чэпчэкитик уһуллар-кэтиллэр атах таҥаһа. XIX үйэҕэ Нидерландыга тэнийбитэ, үлэһит дьахталлар кэтэллэригэр табыгастаах эбит. Кэлин быһыыта-таһаата тупсарыллан, оһуора элбээн бөҕө атах таҥаһа буолбут. Оннооҕор күндү түүлээх кыыл түүтүн кыбытан тигэр буолбуттар.
Mary-Jane. Бу түүппүлэ төбөтө үксэ төгүрүмтүө, кыра, суон хобулуктаах буолар. Аан маҥнай бу түүппүлэни 1902 с. «Buster Brown» комикс биллиилээх героя Мэри Джейн диэн кыысчаан дьон-сэргэ ортотугар кэтэн көрдөрбүт. Ол кэмтэн ыла оҕоҕо аналлаах бу атах таҥаһа сыыйа дьахталлар кэтэллэригэр анаан хобулуктаах түүппүлэҕэ кубулуйбут. Билигин оҕолор да, улахан да дьон дьууппаны эбэтэр ырбаахыны кытта сөбүлээн кэтэллэр.
Платформа. Былыргы гректэр артыыстара платформаны тарҕаппыттара. XV үйэҕэ дьахталлар халыҥ уллуҥнаах бачыыҥка кэтэн кирдээх уулуссалар устун хаамаллара. Ол кэмнэ платформаны “чопи” диэн ааттыыллара. Платформа үрдүгэ 50 см тиийэр буолан, баай кыргыттар арыалдьыт кыргыттардаах хаамаллара үһү. 70-с сыллардааҕы XX үйэ саҕана платформа дойду араас муннуктарыгар тиийэ тэлэһийэ тарҕаммыта. Ол саҕанааҕы платформа бачыыҥкалар ыйааһыннара ыарахан, хаамарга да “чой” курдук кытаанах этэ. Оттон билиҥҥи платформаны кэттин да, ханна баҕар тиийэҕин.
Балетка. Бу атах таҥаһын 1940 с. Америка биллиилээх дизайнера Клер Маккардел толкуйдаан айбыт. Тирииттэн эбэтэр таҥастан тигиллибит балеткалар атыыга хамаҕатык барбыттар. Балетканы ордук уһун ырбаахыны эбэтэр дьууппаны кытта кэтэргэ табыгастаах. Хаамарга чэпчэки.
Танкетка. Италия дойдутугар уллуҥаҕа үрдүк атах таҥаһын XX үйэҕэ 30-с сылларга Сальваторе Феррагамо диэн киһи айбыт. Атах таҥаһын оҥорооччу Сальваторе танкетка хобулуктарыгар матырыйаала тиийбэккэ мастан оҥортообут. Номнуо 70-с сылларга бу атах таҥаһа бүтүн аан дойдуга тэнийэр. Билигин танкетканы эдэр кыргыттар сөбүлээн кэтэллэр. Киһи атаҕа сылайбат.
Ботильон. Бу атах таҥаһын французтар тарҕапыттар. “Bottilon” диэн тылбааһа – “сапожок” диэн буолар. Билигин дизайнердар классическай өрүтүн тутуһан айаллар. Бу атах таҥаһын кэппит эрэ кыыс барыта муодунай буолан көстөр.
Сүүтүк саҕа сүбэ.
Атах таҥаһын хайдах харайабыт?
- Баатаны үүккэ илитэн лаахтаах атах таҥаһын ыраастаатахха килэбэчигэс буолуо.
- Атах таҥаһа халтараан буоллаҕына, тилэҕэр лейкопластыры хас да кыра лоскуй гына кырыйан сыһыарыахха сөп.
- Саҥа атыылаһыллыбыт тирии атах таҥаһын кириэминэн оҕунуохтанар. Тирии кириэми оборбутун кэннэ таҥаһынан сотуллар. Маннык хараллыбыт атах таҥаһа өр кэмҥэ сулууспалыа.
- Атах таҥаһа кафельга, линолеумҥа кыычыгырыыр буоллаҕына, аннын касторовай арыынан оҕунуохтанар, тирээпкэнэн сотуллар.
- Сиигирбит атах таҥаһын куурдарга хаһыаты ыга симиллэр уонна сылаас сиргэ ууруллар.
- Замшаттан оҥоһуллубут атах таҥаһын паарга туттахха, кирэ түргэнник барар. Оттон олус киртийбит буоллаҕына, мыылалаах ууга нашатырканы эбэн сууйуллар.
Бэлэмнээтэ Сэргэхчэй.