Аҕа дойду сэриитэ бүтээтин үөскэ да, тыаҕа даҕаны олох ыарахан этэ. Дьадаҥы, кыаммат-түгэммэт ыал элбэҕэ, нэһилиэк дьоно биир тэҥ олохтоохторо. Ол колхоз бэрэстээтэлэ, учуутал, биэлсэр, оробуочай итиэннэ ыанньыксыт. Кырыбыайка тииһин курдук ордук-хос олохтооҕу көрбөккүн.
Биэс уонус сылларга сэрии бэтэрээннэрэ элбэх этилэр, билиҥҥи курдук кинилэри улуутутан көрбөттөрө. Көтүүн, ыам ыйын 9-гар, мунньан тылынан ахталлара.
Оскуолаҕа 0 (нуул) кылааска аҕыспын туолуом балтараа ый хаалтым кэннэ ылбыттара, хойутаан. Кэмигэр биир сыллаах саас, сайын төрөөбүттэрэрдэ киирбиттэрэ. Ол эрдэ киирэн эрдэ оскуоланы, орто, үрдүк үөрэхтэри бүтэрэ охсубуттара. Урутаан, сөпкө ойох-эр булунан бур-бур буруо таһааран, ыал-күүс аатыран олорбуттара. Кинилэр үгүстэрэ бу орто дойдуга билигин суохтар, куотан иһэллэр. Туохха, тоҕо ыксыылларын кыайан билбэтим. Олох диэн кэрэтин бэркэ билэбин.
Дьэ ол «нуул» кылааска Дабыыт уола Куолалыын биир паартаҕа түбэстим. Күлэн ырдьайар. Көрүдүөргэ көрбүтүм – муннукка сытыы, кыараҕас харахтаах эрдьигэн биһиги сүүрэн-көтөн өрөҥкөлөһөрбүтүн үөннээхтик сүргүлдьү көрөрө. Уруок саҕаланыыта уҥа буутум аһыс гынна, хара кытаанах суор тыҥыраҕын курдук батары киирэн олорор эбит. Утарылаһабын – күлэн ымах гынар. Аҕыйах тиис көстөр. Оннук саҥата суох, аллараанан «тутуһан» билистибит.
Биир учуутал киирэн уол-кыыс, кыыс-уол гынан олордуталаата. Мин «доҕорбор» ким да чугаһаабата. Ол да гыннар, саас «нуул» кылааһы бүтэрдибит. Куола бэтэрээн Дабыыт оҕото. Сайын мэнээк сылдьар. Тыа оҕолоро, ордук уолаттар, күрдьүгэс, бурҕаа бултуур идэлээхпит. Кини онно соччо кыттыбат. Туспа фермаҕа олорор. Ол эрээри дэриэбинэ оҕолорун аттыларыгар, тэйиччи сылдьан «бултаммыта» буолар.
Күөлү эргийэн истэххэ, кини суон тииккэ эрдэ кэлэн үөһэ хатаастан олорорун көрөбүт. Таах си-дьүгээр ааһыахпыт дуо – мутугунан, буорунан тамнаан хаадьылаан ылабыт. Үөһэ олорон күлэн ырдьах гынар, бу сырыыга тиистэммит, оччотооҕу оҕо хараҕа сытыы, көстөллөр. Сутуругун көрдөрөр, биһиги ааһа турабыт. Ол курдук ферма хотоннорунан өтөх дьиэлэринэн хоно-өрүү, бэйэтэ бэйэтигэр бүгэн сылдьар. Биһиги да чугаһата сатаабаппыт, бэйэтэ да сыстыбат этэ. Дьиҥэр оҕо-оҕо курдук түргэнник, бэйэ бодобутун, миммитин билсэн үөрэ-көтө сылдьыах баара.
– Дабыыт уола чыычаах оҕолорун сиэбит! – диэн суостаах сурах кыра дэриэбинэни тилийэ көттө. Биһиги, саҥа октябреноктар, пионердар ону ирдээн булан дьүүлгэ таһаардыбыт. Дьиҥэр хайа эрэ оҕолор ол сылгы чыычааҕын саҥа тэстибит оҕолорунан оонньуу олорбутун көрбүт курдуктар. Буһаран, үөлэн сиэбитин чуолкай билбит суох.
Ити курдук сайын ньирэйи үргүппүт, ынаҕы-сылгыны хаппыт буорунан тамнаабыт кини буолбута. Сотору аҕата сэриитин араанньытыттан «анараа» дойдуга аттаммыта.
Арай биирдэ кэлин, Бүлүүгэ үөрэнэ сылдьан, милиция формалаах хачаайы соҕус саха уола алын кылаас оскуола үөрэнээччилэрин кытта кумахтаах уулуссанан ааһан иһэллэринэлэкис көрөн аһарбытым.
Ити кэннэ биһиги студеннар милицияҕа дружинниктыыр этибит. Онно иһиттэхпинэ Н.Д.Григорьев диэн, сааһын ситэ илик оҕолор инспектордара, бэрт үтүө үлэһит диэн хайгыылларын истэн эгди буолбутум. Онно сылдьан уһун көрүдүөргэ оҕолору кытта тугу эрэ дьээбэни кэпсэтэн саха милицията мичээрдии турарын уруургуу, астына көрөн ылбытым баара. Итиэннэ оҕо сааһым эмньик кэмин санаан, түөһүм хаҥас хартыга хамнаан ылбытын нэһиилэ туттуммутум.
Өһөс, сытыы харахтарынан миигин билэн, биллибэт бүтэй мичээр кырыалаах тэрэҕэр иэдэстэринэн оонньоон ааспытын мин эмиэ сэрэйбитим.
Оҕо саас. Күндү көмүс кэмнэр…
Боруон Силип.
Дьокуускай.
Хаартыскаҕа: Уҥаттан бастакы – Куола.