“Туймаада” бу сыл 4-с нүөмэригэр Онотуолуй Чыычаахап “Сыал-сорук турда, үлэни саҕалыахха!” диэн суруйуутун ааҕан баран, бэйэм санаабын этиим. Кини ити суруйуутугар сэрии оҕолоругар оҥоһуллар көмөнү тыыл бэтэрээннэригэр оҥоһуллар көмөҕө тэҥниири туруорсар. Сүнньүнэн ити туруорсуута сөптөөх диибин.
“Сэрии оҕолоро” диэн ситэ үчүгэйдик ырыҥаламматах дьаһал тахсан турар. Итиннэ 1945 сыл бүтүөр диэри кэмҥэ төрөөбүт оҕолор бары хапсыбыттара. Бу дьаһал Улуу Кыайыы юбилейынан сибээстээн ылыныллыбыта. Мин саныырбынан, кыайыыга кыттыгастаах оҕолорго эрэ ананыахтаах дьаһал буолуохтаах этэ, ол аата 1935-1939 сыл төрүөх дьоҥҥо. Кинилэр дьиҥ-чахчы сэрии алдьархайын, ити сыллардааҕы ыар олох амтанын, үлэ-хамнас ыараханын эттэринэн-хааннарынан билбит, оҕо саастарыгар оонньооботох оҕолор буолаллар. Оттон 1940-1945 сылларга төрөөбүт оҕолор Улуу Кыайыыга туох кыттыгастаахтарый, көмөлөөхтөрүй? Биллэн турар, суох. Өссө була сатаан эттэххэ, кинилэр төрөөннөр кыайыыга туһаайыллыбыт үлэҕэ-хамнаска харгыстааччыларынан буолбуттара. Тоҕо диэтэххэ, хат дьахтар уонна саҥа оҕоломмут дьахтар үлэтин оҥорон таһаарыыта да, уопсай үлэтин кээмэйэ да сулумах дьахтардааҕар кырата биллэр. Ол иһин этэбин, үлэни харгыстаабыттара диэн. Бу оҕолору үөһээ эппит 1935-1939 сыллардааҕы оҕолору кытта биир кэккэҕэ хайдах тэҥҥэ туруоруохха сөбүй? Дьаһал сыыһата итиннэ сытар, ол иһин олоххо киириитэ утарсыыны көрсөр.
Мин санаабар дьаһал чопчу сыаллаах, хайысхалаах буолуохтаах уонна “Кыайыыны уһансыбыт сэрии сылларын оҕолоро” диэн ааттаныахтааҕа. Оччотугар көмө кинилэргэ хайы-үйэ оҥоһуллубут буолуон сөп этэ. Онон мин этиим урукку дьаһалы чопчулаан “Кыайыыны уһансыбыт сэрии сылларын оҕолоро” диэн ааттаан көмөнү тыыл бэтэрээннэригэр тэҥнэнэри туруорсаргыт ордук буолуо.
Оттон ити сэрии сылларыгар төрөөбүт оҕолорго аһара кыһаллааччыларга манныгы этэбин. Сэрии бүппүтүн кэннэ олох-дьаһах, норуот хаһаайыстыбата сэрии иннинээҕи таһымын 1950 сылга эрэ сиппитэ, тэҥнэспитэ. Онон аас-туор олох дьайыыта 1948 сылга төрөөбүт оҕолору кытта хаарыйбыта. Онон ол-бу чэпчэтиини туруорсар буоллаххытына итилэргэ “Норуот хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэрии сылларын оҕолоро” диэнинэн киирсиэххитин сөбө буолуо.
Мин бу суруйуубар Ил Түмэн дьокутааттара харахтарын хатыыллара буоллар уонна сөптөөх дьаһалы ылалларыгар баҕарабын.
Уйбаан АРХИПОВ.
Сунтаар сэл.