Мин политик да, аналитик да буолбатахпын. Саатар куолуһут да буолбатахпын, остуолбар туох кэлэн түһэрин кэтэһэ үөрэммит көлүөнэ киһитэбин. Ол да буоллар хас биирдии киһи тус санаалааҕа буолуо дии саныыбын.
Олоҕум саамай чэгиэн кэмин сэбиэскэй кэмҥэ олорон кэллэҕим. Сэбиэскэй да кэмҥэ барыта эриэ-дэхси буолбатах этэ. Сэрии сылын оҕолоро, сэрии тулаайахтара аччыктыыры, тоҥору-хатары, ыарахан үлэни, быт-былахы, таракаан дьукаахтаах, социальнай олох мөлтөҕүттэн трахоматыгар тиийэ, араас сыстыганнаах ыарыыларга сутуллан баччаҕа таҥара көмөтүнэн тиийэн кэллэхпит.
Сэбиэскэй былаас саханы дьэбэрэттэн, түҥкэтэх олохтон сырдыкка ороон таһаарбытын ким да мэлдьэһиэ суоҕа. Ол да буоллар үчүгэй куһаҕана, куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат дииллэригэр дылы ханнык баҕарар былааска ити баар суол. Холобур биһигини 6-с, 7-с, 8-с кылаас оҕолорун колхуос сайыҥҥы окко үлэтигэр – от мунньуутугар, кээһиитигэр сиик көтүөҕүттэн, сиик түһүөр дылы үлэлэтэллэрэ уонна үлэ күнүн оҕо киэнинэн төлүүллэрэ. Ону оччоҕо да оҕо сылдьан оскуолаҕа үөрэтэллэринэн дьону кулут курдук тутан үлэлэтэллэрин истэр, билэр буолан биһиги оҕолор бу култуурунай кулуттааһын дэһэрбит. Субботникка үлэ кыайтарбатаҕына тойотторбут ыһыктарын арыылаах алаадьы, бичиэнньэ сииллэрэ. Биһиги силбитин быһа ыйыста-ыйыста лэппиэскэ дуомун сиирбит да, топпот этибит.
Онтон кэлиҥҥи кэмнэргэ, 1980-1990 сылларга дьон уоппускатын да сүгүн туһаннарбат буолбуттара, учууталлары уоппускаларын кэмигэр совхозка сайыны быһа окко модьуйан таһаараллара. Хамнаһа 2-3 центнер от буолара, онтон бэйэҥ сүөһүгэр атырдьах ыйын 20-25 күнүттэн көҥүллүүллэрэ, ону да быраҕыллыбыт сирдэртэн тирбэҕэлэһэн оттуурбут. Ити барыта хомуньуус партия соппооһуна этэ. Аны уоппускатыгар от кэмигэр оройуон киинигэр, куоракка да сылдьар киһини милиция тутан ылан ханна эрэ оттото, арыыларга таһаарар этилэр. Онон республика үрдүнэн итинник хомуньуустар былаастарын туһанан, таптаабыттарынан дьаһайар буолбуттарын кырдьаҕас көлүөнэ бары билэр. Итинник аҥаардастыы айбардаан аптарытыаттара түһэн, сэбиэскэй былаас сэриитэ суох былааһын туран биэрдэҕэ.
Аны туран билиҥҥи олоххо дьон көҥүл олох амтанын биллэ, ол аата ким сатабыллаах, сүрэхтээх үлэни өрө тутар төһө баҕарар олоҕун оҥостор, сайдар, байар кыахтанна. Ылан көрүөҕүҥ истиэнэтэ ардьайан турар саах сыбахтаах, муус чэҥинэн бүлүллүбүт, быт-былахы, таракаан уйата буолбут, сирэй оһохтоох ферма балаҕаннарын билиҥҥи иккилии этэстээх, бары өттүнэн хааччыллыылаах чааһынай дьиэни кытта тэҥнээн көрүөҕүҥ. Ону таһынан билиҥҥи ыал араас массыыналаах, трактордаах, мотоцикллардаах. Ол барыта урут фонданан эрэ биир эмит сүөһүгэ үчүгэй түмүгэр көрдөрбүт ылара. Онон билигин ким урукку олоххо хаттаан эргиллиэн баҕарыай?
Балаҕан ыйын 17-с, 18-с, 19-с күннэригэр 2021 с. буолбут Госдума дьокутааттарын быыбарыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр КПРФ кыайыытын ылан көрүөҕүҥ. Норуот хаһыата буолбут «Туймаада» хаһыакка бэс ыйыгар, от ыйдарыгар сэрии сылларын, сэрии тулаайахтарыгар аналлаах Мэҥэ Хаҥалас улууһун сэрии сылларын оҕолоро В.В.Филиппов, А.Е.Чычахов, А.М.Андреев уо.д.а. Ил Дархан А.С.Николаевка, Ил Түмэн пердседателэ П.В.Гоголевка, правительство председателэ А.В.Тарасенкоҕа суруйбут көрдөһүү суруктара, «Дети войны за улучшение жизни простого народа» – Зинаида Винокурова, председатель совета Якутской городской организации «Дети войны», «Биһиги сүүс бырыһыан өйүүбүт» диэн сэрии тулаайахтара, сэрии сылын оҕолоро: Е.М.Семенов, А.А.Николаев ыстатыйалара бэчээттэнэн тахсыбыттара хаһыат ааҕааччыларын сэрии сылларын, сэрии тулаайахтарын, атын да көлүөнэ дьон интэриэһин тартаҕа. Сэрии сылларын оҕолоро, тулаайахтара ааспыт ыарахан кэмнэрин, олохторун сэбиэскэй да былаас, аныгы да былаас баччааҥҥа диэри кыайан, 76 сыла буолуор диэри өйдөөбөтө, өйөөбөтө, өлөн бүтэрбитин кэтэһэллэр. Ол да курдук буолан эрэр. Холобур Үөһээ Бүлүү улууһугар үс эрэ сэрии тулаайаҕа хаалла. Оннооҕор хотторбут Германия бэйэтин пенсиялаахтара биэс төгүл элбэҕи хоппут көлүөнэ пенсиялаахтарынааҕар ылаллара биһиги былааспыт бу көлүөнэҕэ хайдах сыһыаннаһара ырылхайдык көстөн кэлэр.
Бу көлүөнэ элбэҕи билбит, үчүгэйи-куһаҕаны араарар, аймахтарыгар, урууларыгар, оҕолоругар тиийэ өйдөтөр кыахтаах буолан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн төһө да урукку былааһы билигин төнүннэрбэттэрин билэн туран утары куоластаатахтара. Билигин да инники өттүгэр элбэх быыбардар буолаллара күүтэр: эһиил улуустар дьокутааттарыгар быыбар, онтон икки сылынан улуус баһылыгын быыбара. 2023 сылга Ил Түмэҥҥэ уонна Ил Дарханы талыыга быыбардар. Онтон дойду бэрэсидьиэнин быыбара.
Онон сибээстээн «ытыыр оҕону эмсэхтээн» сэрии сылларын, сэрии тулаайахтарын көрдөһүүлэрин, туруорсууларын Ил Түмэн дьокутааттара, Ил Дархан, СӨ правительствота өйөөтөҕүнэ, кинилэр махталларын ылан аныгыскы быыбардарга куоластааһын тыҥааһына суох барарыгар көмөлөөх буолуо этэ.
Сиэн ЧОХЧО,
педагогическай үлэ
бэтэрээнэ, сэрии тулаайаҕа,
РФ Суруналыыстарын
сойууһун чилиэнэ.