Киhини өйдүүр буолуохпуттан мин бу номох буолбут киhи туhунан элбэҕи, арааhы истэн кэллэҕим. Бу бухатыыр киhи татаар-саха булкаас хааннааҕын, киhиттэн таhыччы бөдөҥүн, сыалай күүстээҕин, үрүҥ бандьыыт хамсааhыныгар кыттыhан биир салайааччы буолбутун, дьиэ кэргэнин илдьэ Мэлдьэхси Харыйалааҕын мырааныгар землянка хастан хорҕойон сыппытын Уот Субуруускай хамандыырдаах НКВД байыастара сэриилээн ылбыттарын…
Манна Боссоойко кимэн киирээччилэр бырахпыт гранаталарын хабан ылан төттөрү быраҕаттыы сылдьан сыыhа хабан баhын үлтү тэптэрбитин туhунан, уонун саҥа туолбут уола землянка аанын иhиттэн тардан турбутун хас да байыас нэhиилэ тоҕо тардан киирбиттэрин уонна бу оҕону ыстыыгынан өтөрү түhэн өлөрбүттэрин оччотооҕу кырдьаҕастар, ордук биир дойдулааҕым, ытык кырдьаҕас Ылдьаа Варламов – Уус Ылдьаа, харааста кэпсииллэрин истэр этим. Оҕону олус аhынарым.
Онтон сэбиэскэй кэмнээҕи хомуньуустуу тыыннаах литэрэтиирэҕэ Рахматуллин Гизатулла (Элла) Туллович — Боссоойко кыраны-кыамматы халыыр-талыыр, ол быыhыгар Абаҕа пионердарын кыайан сэриилээн ылбат мөлтөх сэрииhит курдук көрдөрүллэр этэ. Кини бэйэтэ элбэх оҕолоох, дьадьаҥы, чычырбас олохтоох, сахалыы иитиилээх киhи оҕолору кытта сэриилэhиэн баҕарбатаҕа буолуо суоҕа дуо? Кэлин биллэххэ, мин биир дойдулааҕым, оччолорго ГПУ начаалынньыга Николай Васильевич Петров Абаҕаҕа баар эбит. Кини онно соҕотох тиийбэтэх буолуохтаах. Онтон олохтоох пионердар, комсомолецтар Афанасий Васильевич Жирков салалтатынан сэриилэспиттэрин, Ганя Старостин диэн комсомолец ытыалаhыыга өлбүтүн, бандьыыттар хотторон атахха биллэрбиттэрин туhунан айымньылары оҕо сылдьан ааҕар этибит, 13-15 саастаах оҕолор бандьыыттартан куттаммакка саасаадах тутан дэриэбинэлэрин, сэбиэскэй былааhы көмүскээбиттэрин астына, киэн тутта кэпсэтэрбит. Онтон бу кэлин ол Сэбиэскэй былааспыт сууллан олох атын ис хоhоонноох кэпсээннэри, номохтору – истибэтэхпитин истэбит, билбэтэхпитин билэбит, сөҕөбүт-махтайабыт. Боссоойко-Рахматуллин туhунан эмиэ балайда биллибит, билиэхпит да турдаҕа.
Ааспыт сыллаахха кыраайы үөрэтээччи Ылдьаа Куолаhап Сахатын сирин ааспытын ырыҥалыыр, былыргыны билэ сатыыр, сэҥээрэр дьонугар сүдү бэлэҕи оҥордо – Боссоойко — Г.Т.Рахматуллин гражданскай сэрии дьоруойа И.Я.Строду, талааннаах сэрииhит, хамандыыр М.К.Артемьевы кытта хайа эрэ түгэҥҥэ хаартыскаҕа түhэн бэйэтин мөссүөнүн кэлэр көлүөнэлэргэ хаалларбытын “Кыым” хаhыакка таhааттарда. Онтон бу Боссоойко туһунан КГБ архыыптарыгар ууруллан кистэнэ сыппыт докумуоннары инньэ Москваттан булан аҕалбыт уонна Емельян Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр түмэлгэ туттарбыт киһинэн биһиги биир дойдулаахпыт, КГБ бэтэрээнэ Калистрат Афанасьевич Кириллин буолар. Киниэхэ сиртэн халлааҥҥа диэри махтал!
Мин, үгүс атын да ааҕааччылар курдук, бу номоххо киирбит бухатыыр киhи мөссүөнүн көрө илик буоллаҕым дии. Хаартыскаттан көрдөххө, дьэ, киhи киhилээхпин диир астык киhитэ олорор. Аатырбыт кыhыл хамандыыр И.Я.Строд Боссоойко киhиттэн таhынан күүстээҕин, дойдутун дьонугар улахан сабыдыаллааҕын туhунан элбэх кэпсээни истэн, интэриэhиргээн, баҕар, бэйэтин диэкитардар санаалаах ыҥырдаҕа диэн сабаҕалыахха сөп. Дьиҥин ким билиэ баарай? Бу хаhан түспүттэрэ буолла? Боссоойко манна М.К.Артемьевы кытта кэлэн түспүтэ кэрэхсэбиллээх. Соҕотоҕун бука кэлиэ суоҕа этэ. Артемьев киниэхэ улахан сабыдыаллаах киhи буолара биллэр. Ол да курдук кинилэр 1928 сыллаахха конфедералистар хамсааhыннарыгар кыттыhан баррикада нөҥүө өттүгэр буолан хаалбыттара, суорума суолламмыттара.
Ааспыты ахсарбат, уруккуну умнубут омук кэнэҕэскитэ, инникитэ суох дииллэр. Олорон ааспыт инники көлүөнэ дьоммутун үрүҥ-кыhыл диэн араарбакка тыыннаахтар истиилэригэр-билиилэригэр таhааран иhиэххэ. Дьон биллин. Киминэн киэн туттарын, кимтэн сиргэнэрин норуот бэйэтэ билиэҕэ.
Мин билигин, хомойуох иһин, биһиги кэккэбитигэр суох Саха араадьыйатын биллиилээх суруналыыhа Николай Иванович Максимов уонна норуот суруйааччыта, драматург Василий Егорович Харысхал элбэх сыл устата ыыта сылдьыбыт “Саха саарыннара” диэн биэриилэрин олус суохтуубун. Ааспыт дьалхааннаах үйэ саҥатыгар олорон ааспыт, умнулла быhыытыйбыт саха омук чулуу дьонун туhунан архыыптартан булан, хомуйан араадьыйанан кэпсииллэрэ олус иhирэх, кэрэхсэбиллээх этэ. Учуонай-историк Владимир Пестерев гражданскай сэрии сылларын тиэмэтигэр балайда тахсыылаахтык үлэлээн испитэ. Кини үлэлэриттэн ити бутуурдаах кэмҥэ олорон, охсуhан ааспыт биир дойдулаахтарбыт тустарынан элбэҕи билбиппит, билиэхпит да турдаҕа.
Онтон бу ыарахан дьылҕалаах, дьиҥ сахалыы тыыннаах, бутуурдаах-булкуурдаах бэйэтин кэмигэр бэрт кылгастык олорон ааспыт дуулаҕа күүстээх биир дойдулаахпыт туhунан балайда матырыйаал хомуйулуннаҕа. Хаартыскалар да көстөн иhэллэр. Өссө да көстүөхтэрэ. Онон сотору барыта түмүллэн кинигэ буолан тахсара күүтүллэр.
Аатырбыт норуот эмчитэ, профессор, талааннаах суруйааччы, ырыаhыт, алгысчыт, хомойуох иhин билигин биhиги кэккэбитигэр суох, Владимир Алексеевич Кондаков “Сахаҕа бухатыырдар бааллара дуо?” диэн соторутааҕыта олорон ааспыт, күүстээхтэр, ааттаах-суоллаах хапсаҕайдьыттар тустарынан хомуйан, суруйан хаалларбыт бэртээхэй кинигэтэ (Бичик, Дьокуускай, 2014) бу тиэмэҕэ, арааhа, бастакы хараҥаччы буолуо. Бу кинигэтигэр Боссоойко Амматтан Алдан Кутанатыгар болуотунан өрө өксөйөн кэлбитин онно олохтоох 85 саастаах Ностуруойап диэн кулаактаммыт, эбиитин хаайыыга олоро сылдьыбыт, бухатыырдыы моhуоннаах (66-67стр.) кырдьаҕас кэпсээбитин суруйбута баар. Болуота ууга барбатын, дьон тыыппатыннар диэн Боссоойко 60 бууттаах сымара тааhынан баттаппытын билигин да кытылга сытарын көрдөрбүт уонна:”Бэрт ньуолбар, сымнаҕас киhини дэлби кыыллаан, кырбаан күрүүргэ, саа-саадах тутарга күhэйбиттэрэ. Бандьыыт аатырбыта… Сылгыны эмтиир, тииhин оҥорор үгэстээҕэ. Ханнык да хаҥыл сылгыны быаламмакка, кими да көмөлөhүннэрбэккэ тутан туран тииhин оҥороро, туйахтарын көрөрө, сэрэнэн баҕайы охтороро, эргитэрэ-урбатара.”(67-68 стр.).
Онтон “Күүстээх Корнилов уонна Боссоойко бухатыыр” диэн кэпсээнигэр Өлүөхүмэттэн Амма Солобуодатыгар кэлэн Күүстээх Корнилов 4-5 саастаах атыыр оҕустуун харсыбыт. Онно Элла Рахматуллин эмиэ баар эбит уонна: “Хайа, доҕор, күүстээх киhибит итиччэ кыра, ситэ илик оҕуhу кыайбат эбит дуу?!” – диэн саҥа аллайбыт (69стр.) уонна: “Ити оҕуhу ол көстөр икки биэрэстэлээх Солобуодаҕа сүгэн барыам этэ”, – диэбит.
Корнилов хап-сабар: “Өскөтүн оннук сүгэр буоллаххына оҕуhу босхо биэрэбин”, – диэбит. Элла (оччолорго Боссоойко диэн аатыра илик эбит) оҕуhу муоhуттан ылан туора тутан баран алларааттан өрө сүгэн таhаарбыт, түөрт атаҕын түүрэ туппут уонна… Солобуода диэки аргыый хаама турбут. Оҕус олус баhыйтаран кэбиhэн хамсаабатах даҕаны (69 стр.). Дьэ, итинтэн ыла дьон бу уолу Боссоойко бухатыыр диир буолбут курдук. Кэпсээннэртэн, соторутааҕыта “Кыымҥа” да суруллубуттан билэрбитинэн, Боссоойко кыhыллартан буруйа суоҕар хаайыллан, кырбанан, кыынньан үрүҥнэргэ кыттыспыта өйдөнөр курдук.
Боссоойко эрэйдээх-буруйдаах олоҕун туhунан Ылдьаа Куолаhапка аҕатыттан Сэмэн Куолаһаптан хаалбыт ахтыылар, Ылдьаа бэйэтэ хомуйбут матырыйааллара балайда мунньулуннахтара, биир “эттээх” кинигэни бэчээттэтэн таhаарарыгар сөп буолар матырыйаал. Онон сотору бу чахчы да уустук, ыарахан диэххэ сөп, дьылҕалаах биир дойдулаахпыт туhунан кинигэни былдьаhа-тарыhа ааҕыахпыт, элбэх саҥа кини туһунан чахчылары билиэхпит турдаҕа. Ааhа баран эттэххэ, киинэ да уhуллар кэмэ кэлэн эрдэҕэ. Олус интэриэhинэй киинэ буолуон сөп этэ.
Дойдубут историятын, олорон ааспыт инники көлүөнэлэр тустарынан хайдах баарынан, туох да кырааската-дуйа, кирэ-хоҕо суох, кырдьыгынан, үрүҥ-кыhыл диэн араарбакка, кимтэн да куттаммакка норуот билиитигэр таhаарар кыах билигин баар буолла. Уруккуну удумаҕалатар “сир түннүктэрэ” өссө да ону-маны сурукка тиhэр кыахтарын толору туhаныаҕыҥ.
Ылдьаа Сэмэнэбис Куолаһапка бу уһулуччулаах биир дойдулаахпыт туһунан тугу булбутун, билбитин ааҕааччылар дьүүллэригэр кинигэ оҥорон таһаарарыгар үбүнэн норуот да көмөлөһүөҕэ диэн эрэллээхпин. Биир бэйэм биэнсийэбиттэн үллэстиэм этэ.
Степан ЛЫТКИН,
уопс. кэрэспэдьиэн,
үлэ, спорт бэтэрээнэ.