Биһиги бүгүҥҥү олохпутугар урукку ССРС систиэмэтин чыыннара лиидэр буолан, урукку өйдөбүлтэн аккаастаммакка бизнес кыайан сайдыбакка турар. Норуот ССРС кэминээҕи тойону истэ үөрэммит үгэһинэн, бизнеһи ырыынак систиэмэтин салалтатын кытта тэҥҥэ өйдөөбөккө олорор. Көннөрү баай-дьадаҥы диэн үрдүнэн өйдөбүллээх.
Биир кыракый холобуру ылан көрүөх. Атыылаһар суотабай телефоҥҥутугар күн аайы кэриэтэ саҥаттан саҥа обновление оҥоһуллан, тупсарылла турарын билиҥҥи киһи барыта билэр. Ырыынак сүрүн ирдэбилэ итинник. Ким дьон туттарыгар табыгастаах арыйыылары оҥорбут – ол сайдыылаах киһи быһыытынан ырыынакка сыаналанар. Бизнескэ үлэтэ- хамнаһа сатанар. Кини бизнеһэ дьэ чахчы тахсыылаах буолар. Бизнесмен диэн – үлэтигэр саҥаны, бастыҥы айааччы. Олох хаамыытын кини түргэтэтэр, бизнестээн нолуок төлөөн дьон олоҕун кини тупсарар, сайыннарар аналлаах. Салалта ол иһин онно сөптөөх усулуобуйаны бизнес сайдарыгар оҥоруохтаах. Оччоҕо судаарыстыба сайдыытыгар элбэх нолуок киирэр. Норуот социальнай олоҕо сайдарыгар, үөрэнэригэр, эмтэнэригэр, сынньанарыгар үп-харчы баар буолар.
Ылан көр чугастыы кытайдары. Государственнай чиновник харчыны, табаары оҥорор бизнесмени хаһан баҕарар өрө тутар. Ураты болҕомтону уурар. Салалта бизнескэ сөптөөх усулуобуйаны тэрийэр. Бастаан дьарыктанар үлэ киһитигэр нолуок төлөппөт. Сөптөөх үлэлиир усулуобуйа тэрийэр. Бизнесмен сайдан сүһүөҕэр турда да улахан нолуок төлөөччү, судаарыстыбаны сайыннарааччы буолар. Ол иһин Кытай олус күүскэ сайынна.
Онтон биһиэхэ хайдаҕый? Үлэлээ-үлэлээмэ – нолуок, иэнэ суох улахан ыстараап төлөөччү буолаҕын. Ол иһин күн бүгүнүгэр диэри Арассыыйаҕа бизнес кыайан сайдыбакка турар. Оннооҕор биһиэхэ гаас, электроэнергия сыаната аһара үрдээн кыра, орто бизнеһи күүскэ хам баттаан банкроттатта. Үлэһит киһи итинник эргиччи батталга, атаҕастабылга олорор. Ол иһин бизнес Саха сиригэр кыайан сайдыбат. Биир эмэ уһулуччу үлэлиир дьоҕурдаах киһи улахан дьаныардаах үлэнэн бизнеһин көтөҕөөрү гыннаҕына, салалта илэ бэйэтинэн өйүүрүн оннугар хаайтарар, холуобунай дьыалаҕа тартарар. Ол туһунан элбэх мүччүргэннээх сырыылары кэпсиэххэ сөп.
Аны тыа хаһаайыстыбатын үлэтин ылан көрүөх. Төрүкү да кыра бүтсүөттээх тэрилтэ харчытын муҥ саатар индексациялаан үрдэтэрин оннугар отой да сарбыйан кэбистилэр. Өссө чааһынай ыалга үүккэ субсидияны ыллылар да сотон кэбистилэр. Онон тыа киһитэ түҥ былыргыттан иитиллэн кэлбит үгэһин, үлэтин-хамнаһын, сибиэһэй иҥэмтэлээх аһылыгын эһэн суох оҥордулар. Тыа ыала сүөһүлээх эрдэҕинэ оҕото кыра сааһыттан үлэ мындырдарын билсэн улаатара. Онон ыал буоллаҕына олоҕун тэринэригэр билиҥҥи курдук уустуктары көрсүбэт. Ыал олоҕо аймаммат, киһи-сүөһү салгыы тэнийэрэ.
Билигин РФ Госдуматыгар депутаттары талыы быыбара буолаары турар. Онно депутаттары таларгытыгар кандидат бу мин эппит бизнеһим өйдөбүллэригэр сыһыанын хайаан да үөрэтэн көрүҥ. Өскөтүн кандидат бизнес туһунан сөптөөх өйдөбүлэ суох буоллаҕына – туһата суох. Талымаҥ даҕаны.
Күндү ааҕааччылар, бу боппуруос тула туруҥ, кэпсэтиҥ, ырытыҥ.
Арамаан ДЬӨГҮӨРЭП.