Сүүрбэ биирис үйэҕэ киириэх инниттэн Лэпсэйгэ “Билбэтчэй” диэн хос аат иҥэрбиттэригэр бастаан өһүргэнэр этэ. Онтон хайа мэлдьи, бэйэтэ да үөрэнэн дьиҥнээх аатын курдук ылыммыта.
Бииргэ үлэлиир дьоно тугу эмэ ыйыттахтарына “билбэппин” дии охсор. Хараҕа мөлтөх, чугас соҕуһунан кэргэнэ Балбаара барбытын “ити хайа дьахтарый?” диэн ыйыппыттарыгар, билбэтим диэн кэбиһэн күлсүү буолбуттаах. Хас оҕолооххунуй диэн ыйыталлар, ону “билбэтим ээ, эмээхсиним билэр” диэбититтэн “Билбэтчэй” диэн хос аата суураллыбат гына иҥмитэ.
Сүүрбэ биирис дьалхааннаах үйэҕэ киирэн баран “Билбэтчэй” аата туһалаабыта. Быыбардар бөҕө буолан аастылар, Билбэтчэйи ханнык депутакка куоластыыгын диэн ыйыталлар, олору отой билбэппин ыыра мэлдьэһэн кэбиһэр. Онтон төлөпүөн ватсаба кэлбитигэр бары группаларга холбонон, барытын ааҕар. Биир эмэ киһи ыйытан суруйдаҕына, билбэппин диэн суруйар. Дьиҥинэн иһигэр куолуһут бэрдэ, элбэх хаһыаты ааҕар, ватсап сонунун өйүгэр тиһэ сылдьар. “Билбэтчэй” элбэҕи ырытар, Аан дойду сонуна, дьиэ таһынааҕы үһүйээннэри барытын билэр, ону хаһан да билэбин диэн кимиэхэ да кэпсээбэт, билбэппин диир чэпчэки, эйигин ким да баайсыбат, хос ыйыппат, сынньалаҥ.
Лэпсэй төрдүс кылааска үөрэнэ сылдьан, уруһуй уруогар улахан илиискэ тэллэҕэр улахан сэлээппэлээх уолу уруһуйдаан, кырааскалаан баран “Билбэтчэй” 2 сыананы соспутунан сүүрэн иһэрин уруһуйдаан учууталыгар көрдөрбүтэ. Ол уруһуйун карикатура диэн истиэнэҕэ ыйаан кэбиспиттэриттэн, оҕолор “Билбэтчэй” диэн хос ааттыы охсубуттара. Ол умнулла сыһан баран күөдьүйэн, оҕо сылдьан ыралаабыт аатын курдук тиллэн кэлбитэ. Онно бэйэтин майгыта, тас быһыыта сөп түбэһэн биэрбитэ. Билигин сааһыран баран ыаһыйалаан, хос-хос ыйыталларын сөбүлээбэт буолан “билбэппин” диирэ элбээтэ. “Билбэтчэй” аатын курдук тугу билиэҕэй диэн сапсыйан кэбиспиттэрэ ыраатта.
Билигин олохпут укулаата уларыйан, атах тэпсэн олорон кэпсэтэр суох. Бары суох, билбэппин дииллэр. Тэрилтэ салайааччыларыгар төлөпүөннээтэххэ бэрт ыксалынан аҕыйах тылы этээт, билбэппин диэн арааран кэбиһэллэр. Төһөнөн сибээс сайдар да билбэппин дииллэрэ элбээн иһэр. Ханна эрэ дэлби дакылааттаан кэбиһэн тыллара, сыҥаахтара сылайара буолуо. Уулуссаҕа көрдөххө оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ төлөпүөннэринэн кэпсэтэллэр, оннооҕор ыксаллаах такси суоппарын кабинатыгар аҥаар атахтарын уган баран кэпсэтэ тураллар. Онтон үлэлэригэр тиийэн бары билбэтчэй буолан хаалаллар.
Билбэтчэй этэр:
– Бу сымыйа-кырдьык аҥаардаах сонуннаах араадьыйа, тэлэбиисэр, хаһыаттар, төлөпүөн, ватсап, ол-бу хоп-сип хорохоотторо – ону кырдьыктанан кэпсии сылдьыам дуо? Билбэппин диир сүүс төгүл ордук. Билбэппин диир үчүгэй, элбэх сорудахтан куотаҕын, ол оннугар бэйэҕэ туһалааҕы ыган-түүрэн ыйытыахха, ол ордуга чуолкай.
Аны билээҕимсийэн эттэххэ араас дьыалаҕа эрийэн туоһу гыныахтара. Чэ, кэбис, “Билбэтчэй” диэн хос ааппар үөрэнним. Онтон “Билэчиэх” диэн аат ону-маны билэ-көрө сатааччы, хобуоччу диэн тылга чугас өйдөбүллээх. Оннук эрэ буолбатын, ааппын бутуйумаҥ – “Билбэтчэй” диэммин. “Билбэтчэй” да билэрим элбэх. Алта кылаас үөрэхтээхпин, онтон ордугу билбэппин. Билбэппин диир туһалааҕын өйдөөтүгүт ини, хайа муҥун!..
Тилин.