Оҕо сааспыт наһаа да үчүгэйдик ааспыт эби-ит! Сайынын наар ип-итии уһун күнү быһа хараҕыҥ кытарыар диэри сөтүө, ойуулаах таас хомуйааһын. Аны ол булбут тааскын айаххар батары биэрээт, силгинэн илитээт ырбаахыгар ыбылы аалан кэбиһэҕин.
Скакалкалаан тибийэҕин, классиктаан кыырайаҕын, ону да биирдэ эмит кыайаҕын. Онтон эмиэ атын оонньууну оонньуу ыстаныы. Ыаллаах буолан бадараанынан алаадьы, бэрэски оҥоруута, иһиппит-хомуоспут кэнсиэрбэ бааҥката, туһата суох буолбут миискэ, чаанньык, от-мас буолара.
Аны киэһээтин арыый элбээтэххэ, убайдар-эдьиийдэр үлэттэн кэллэхтэринэ дьэ киэһээҥи аһы аһаан баран утуйа барыахха диэри лапта, бырыычыка, былаах былдьаһан, үспүйүөн-милииссийэ буолан оонньоон да биэрэр этибит уһун күнү быһа.
Ити 3-с кылааска диэри күнү быһа оонньооһун Онтон 4-с кылаастан оҕо барыта үлэлиэхтээх, кыралар лабыкта, 6-с кылаастан кирпииччэ үктээһинэ, оскуола, хотон, детсад өрөмүөнэ диэбит курдук. Өссө пришкольнай учаастакка үлэлээһин. Улааппытыҥ кэннэ дьэ 14-15 саастаах кыргыттары доярка солбуйтара сайылыкка ыыталлар, уолаттары окко. Мин саастыы бары да итинник ааспыта буолуо ээ, оҕо сааскыт.
Дьиэбитигэр теплица, сибэккини эҥин ким да үүннэрбэт, хортуоска эрэ олордор этилэр дии. Биир ынах, биир ньирэй диэбит курдук. Дьиэҥ иһигэр остуол, ыскамыайка, ороннор уонна бүттэ. Ээ, арба куурусса хас биирдии ыалга, саха кууруссалара. Ол сымыытын хотоҥҥо ыаҕайаҕа, солуурга мунньаллар.
Оҕо сааспын наһаа да үчүгэйдик саныыбын! Күммүт өрүү чаҕылыччы тыгар курдук. Эмискэ этиҥнээх ардах кэлэн курулаччы кутан ааһара, ол кэннэ хайаан да кустук тахсара дии. Атах сыгынньах чалбах устун сүүрүү да сүүрүү. Саахымат ырбаахылаах, хортуустаах, өрүү сүгэлээх аҕаларбыт сарсыарда үлэлэригэр бараллара, олус сэмэй ийэлэрбит эмиэ үлэлии бараллар. Дьиэҕэ үксүн уһун ырбаахылаах, сиэптэригэр хамсалаах эбээлэрбит, кыра кылаас оҕолоро уонна кыралар эрэ хаалаллар. Үлэбит диэн хоспоххо амынньыар хомуйабыт, түптэҕэ кии аҕалабыт уонна оонньуу сус гынан хаалабыт. Урукку оҕолор бары наһаа эрдэ турар этибит.
Кыратык оҕо сааспын ахтан-санаан суруйдум
Кэрэ КУО.