Ааспыт үйэ аҕыс уонус сылларын сааһа. Биһиги кыһыныгар Бэлэһэ Баһылайдыын, былырыын уон кылааһы бүтэрбит уолаттары кытта, Дибдир ферматыгар түөрт сүүс алта уонча борооскону көрөн кыстаабыппыт.
Сайыныгар дьаһалтабыт бу уолаттартан биэс уолу талан, отделение субай сүөһүтүн подсуостары, эрэмиэнтинэй тыһы тыһаҕастары, эккэ туттарыллар сүөһүлэри – чэ, быһата субай сүөһүнү барытын биир тыһыынча төбөнү тутан Мөрөөйү түбэтигэр сайылыыгыт диэн былааннаан бүтэ сылдьаллар. Ону эппиппитигэр хата уолаттарбыт сөбүлэстилэр. Ол гынан баран аны күһүн, бу биир тыһыынча сүөһүнү хомуйан, хас биирдиилэрин ыйааһын нөҥүө аһарыахха диэтэххэ саллымардаах үлэ буоларын эппиппитигэр да чаҕыйбатылар.
Пиэрибэй маай бырааһынньыга аастаҕына сылгы инвентара устуллуохтаах, онтон тохсус маай бырааһынньыга аастаҕына сүөһү тутуһуута саҕаланыахтаах диэн былаанныыллар. Ол саҕана билиҥҥи курдук уончалыы хонукка өрөөн бырааһынньыктаабат этилэр. Пиэрибэй маай ааспытын кэннэ бэтэринээрдэр, зоотехниктар, сылгыһыттар, инвентарь устааччы бэрэстэбиитэл үөһэ сылгы базатыгар көһөн таҕыстылар. Мэччиргэҥҥэ тахсалларыгар бэтэринээрдэр араас ыарыылары – эмкээркэ, сибиирискэй дьааспаны онтон да атын ыарыылары утары быһыы, укуол бөҕөнү оҥороллор.
Ол курдук хас да күн үлэлээн бүтэннэр, сылгылары таһаартаары сырыттахтарына биир тый ааны көтөн тахсаары кыайан көппөккө аан сабыытыгар кэлин атаҕын олуйан тосту тардан охтон түстэ. Дьон чугаһаабытыгар тура сатаан, охто-охто түһүтэлээтэ. Дьэ, иэдээн да буолар эбит, ити аан аһыллыар тиийбэккэ бу айылаах буоллаҕа, дьэ маны хайдах гыныахха диэн буоллулар. Атаҕын тутан көрбүттэрэ отой куруппалыы барбыт. Маны тутан да диэн, ол манна ким хаалан кинини биэбэйдиир, от да суох. Саатан этин туһаҕа таһаарыаҕы эмкээркэ, дьааспаҕа быһыы ылбыт сүөһү этин уон хонук иһигэр киһи да, кыыл да сииригэр көҥүллэммэт, уматыллыахтаах дииллэр бэтэринээрдэр.
– Хайа, доҕор, – диир биригэдьиир. – Уонна хайдах гынаары гынаҕын, сиэри гынаҕын дуу.
– Сиэбэтэрбин даҕаны – биригэдьиир мух-тах барар. – Билигин биһиги кинини астыахпыт, – диир.
Сылгыларын таһаартаан баран, бары саба түһэн тыйдарын астаан кээһэллэр. Төбөтүн, моонньун, иһин барытын ыттарга быраҕалаан биэрэллэр.
– Хас ыт өлөр, – диир биригэдьиир. Этин тириитин тэлгэтэн хочуоҥкаҕа уктарар. Ыкса киэһэ алын киллэрэр массыына кэлиэр диэри биригэдьиир ыттары ыйыталаһа сырытта.
– Хайа, биир эмэ ыт ыалдьыбыта биллэр дуо, бары бааллар дуо, сүһүрэллэрэ буоллар аныаха диэри биллиэ этэ, – диир.
Массыына кэлбитигэр этин бирисиэҥҥэ суулаан алын киллэрэрдии дьаһанар.
– Онно да ыттар бааллар, – диир.
Сарсыныгар хотоҥҥо биһиэхэ кэлэн:
– Дьэ, нохолор, үөһэ биир атаҕын тоһуппут тыйы өлөрөн, этин тиэйэн киирбитим, түҥэтиэм, эмис соҕус. Киэһэ бүтэн дьиэҕитигэр бараары дьиэбэр сылдьан ааһаарыҥ, – диэтэ.
Инньэ гынан киэһэ биэстии-алталыы киилэ эмис соҕус тый этин ылан үөрэ-көтө дьиэбитигэр бардыбыт. Тыйын биир кэлин атаҕын эттээбэтэх, бүтүн сытар этэ. Дьоммут бу быстыаҥка саҕана хата миин иһиэхпит, хара сиэхпит диэн үөрүү бөҕөлөр. Сарсыныгар хотоммутугар сырыттахпытына биригэдьиирбит кэлэн ону-маны кэпсэппэлээн баран: “Эккитин сиэтигит дуо, доруобуйаҕыт хайдаҕый? Искит эҥин ыалдьыбата дуо?” – диэн ыйыталаһар.
– Суох, үчүгэйбит, ол тоҕо ыалдьыахтааҕый?
– Ээ, суох, саҥа сылгы этин сиэн баҕар истэрэ ыалдьыахтара диэн ыйытабын, – диир.
Сарсыныгар киирэн эмиэ “доруобуйаҕыт хайдаҕый, этэҥҥэҕит дуо, түүн үчүгэйдик утуйаҕыт дуо, мэйиигит эргийбэт эҥин дуо” диэн ыйыталаһар. Ону туох ааттааҕын биһиги доруобуйабытын ыйыталаһаҕын дэһэбит.
– Һа, хайа доҕор, хомуйуус баартыйа биһигини оробуочайдаргыт олохторун, доруобуйаларын туһугар кыһаллыҥ диэн түүннээх күн үөрэтэр дии, ол иһин ыйыталаһабын.
Биһиги истэн эрэ кэбиһэбит. Онтон сүөһү тутуһуута бүтэн эрдэҕинэ, икки улахан баҕайы борооску көйөрбөнү олус сиэн истэрэ дэлби баран өлөн хааллылар, эмиэ эмп-том бөҕөнү толору ылбыт сүөһүлэр. Онон эмиэ син биир туһаҕа таһаарар көҥүллэммэт диэн бэтэринээрдэр быһа хаһыытыыллар.
– Ээ, ити сымыйа, сиэбит да иһин киһи да, кыыл да сүһүрбэт, үнүр Мөрөөйүгэ оннук укуолланан баран атаҕын тоһутан өлбүт тый этин ыттары-кустары сиэбиппит да, туох да буолбакка сылдьабыт дии, – диир биригэдьиирбит.
Биригэдьиирбит ол эти сиэн баран биһиги бэйэбит да, кэргэттэрбит да туох да буолбатахпытын, ыалдьыбатахпытын чахчы билэн баран, ордорбут этин сиэбит эбит. Хайдахтаах киитэрэй өйүй! Биһиги тугу-тугу сиэбиппитин истэн баран дьэ куттанныбыт. Ол биһиги диэн – оҕолорбут баар ээ! Ону истэн туран, Бэлэһэ Баһылай:
– Хата, мин дьэ ыалдьаары гынным, – диир.
Инньэ диэбитигэр биригэдьиирбит:
– Дьэ ити таах санаа, доҕоор, санаа, – диир.
– Дьэ, доҕор, буолар да эбит, арай онно ол эти сиэн баран сүһүрбүт буолуубут, бачча элбэх киһи, хайа уонна оҕолорбут котокулар, – диибин.
– Мөрөөйүгэ ыттарга иһин эҥин сиэтэн боруобалаабытым, туох да буолбатахтара. Онон атараабата суоҕун билэр буоллаҕым дии, дьиҥэр ити манна да өлбүт борооннору сиэбит да буоллар туох да буолуо суох этэ, – дии-дии биригэдьиирбит икки ыстаанын сиэбигэр уктан баран, утуруктуу-утуруктуу хаамыталыыр. Ону истэн дьээбэлээх Бэлэһэ Баһылай:
– Хайа, доҕор, дьэ атараабы буолаары гынныҥ дуу, – диир.
Дьэ, киһи тугу саҥарыа баарай.
Таркаайы КИҺИТЭ.
tuymaada.ru