Соруйан оҥоһуу, бобуу-хаайыы
Бу ыарыы оҥоһуу, дьону хааччахтааһын биир көрүҥэ. Үбү биир хочуолга түмэ сатааһын. Коронавирус дьаҥыгар биллэриллибит хааччахтааһынтан бэйэлэрэ дьарыктаахтар, аччыгый бизнестээхтэр үлэлэрэ тохтоото. Кыра тэрилтэлээхтэр эргинии эйгэтиттэн туораатылар. Хата ол оннугар улахан эргиэн, өҥө, аһатыы кииннэрэ үлэлэрэ өрө таҕыста. Эминэн, маасканан, инфекцияны аччатар убаҕаһы атыылааччылар харчыны аахсаллара тэтимирдэ.
Оскуоларга ыраахтан олордон үөрэтиини олоххо киллэрии бэрэбиэркэтэ бара турарыгар дьон кыһаммата. Ылыннылар. Дьэ билигин сүрүн эрэ предмэттэр оскуола үөрэҕин программатыгар хаалыахтара. Изо, труд, физкультура, черчение курдук уруоктар суох буолар чинчилэннилэр. Бу предметтэри биэрэр учууталлар үлэтэ суохтар ахсааннарын элбээтиннэриэхтэрэ.
Коронавируһу дьаныһан туран баарын биллэрэ сатааччылар сүрүн куоһурдара дьон чэгиэн туруктаах буолуута диэн даҕаны, ис санаалара атыҥҥа сытар. Олох ыараханыттан норуот түмсэн, уулуссаҕа тахсан былааһы утарыаҕа диэн сэрэнэннэр, коронавируска сигэнэн дьиэлэригэр олордуу. Ону биһиги 100 % ылынан, маасканы баанан, куппут-сүрбүт тостон сырыттахпыт. Өссө даҕаны маннык дьаабыланан уһуннук олорууһубут.
Кырдьыксыт.
Бастаан сиилиэххит эрээри…
Мин 51 саастаахпын, кэргэммиттэн чахчы хал буоллум. Маннык түгэнҥэ көҥүл биэрэллэрэ буоллар эдэр сулумах, оҕоҕо баҕарар дьахтарга оҕо оҥоруохха баара. 51 саас диэн эр дьоҥҥо сааһырар саас буолбатах эбит. Дьахтар оҕолонон бүттэ да, биһиги таах халтайга сылдьаахтыыбыт.
Мин ил дархан эбитим буоллар манна программа оҥоруо этим: саха ахсаана элбиирин туһугар туһунан харчы көрөн. Оҕо оҥорбут киһиэхэ сөбүгэр харчы көрөн, итинник программанан оҕоломмут чүөчэҕэ быстах эмиэ харчы көрөн.
Оччоҕо дьахтар эр киһитин оҕо оҥотторо ыытыа этэ. Маны боростуойдук санаамаҥ. Докумуон бөҕө толоруллан, доруобуйаҕын көрдөрүнэн, доруобай оҕо төрүүрүгэр үлэ барыахтаах. Эр киһи допуск ылан эҥин. Оччоҕо тыа сирдэригэр детсадтарга оҕо элбиэ, оскуола оҕонон туолуо этэ. Билигин ханна баарый – детсадтаргыт кураанахтар, оскуолаларгыт эмиэ.
Харчы суох диэмэҥ, харчы баар буолан күнү быһа күрэхтэһии, харчы баар буолан ыһыах бөҕө. Харчы баар буолан хас эмит мөлүйүөннээх аал луук мастар “үүнэллэр”. Ол оннугар саха ахсаана сыллата аҕыйаан иһэр.
Маннык программаны бастаан сиилиэххит, оттон төһөлөөх сааһыра баран эрэр кыргыттар оҕоҕо баҕараллара буолуой – доруобай, чөл киһиттэн? Кинилэр да эмиэ кэннилэригэр ыччат хаалларыахтарын баҕараллара биллэр.
Донор КИҺИ.
Туһата суох, киһиргээһин эрэ
Саха тыла өлүктүйэн эрэр. Куоракка кыра оҕо 85-90 %-на сахалыы билбэт буолла. Ордук саха эдэр дьахталлара оҕолорун кытта нууччалыы кэпсэтэ сылдьар буолаллар. Иһиттэҕим аайы өһөҕүм буһар. Хайдах Саха сиригэр олорон, сахалар ортолоругар сылдьан итинник төрөөбүт тылларын умуннарыахха сөбүн өйүм хоппот. Куоракка нуучча да аҕыйаата ээ.
Ол оннугар таджик, армян, киргиз оҕолоро бары бэйэлэрин тылларынан кэпсэтэллэр. Бу чиэски, кый бырах ыраах сиргэ кэлэн бараннар! Ити көлүөнэ улаатан оҕолонон ууһууругар биһиги сахалар тылбыт симэлийэн сүтэр, бүтэр, өлөр… Тылбыт дьылҕата итинник буолла. Ону билиниэхтээхпит, билинэрбитигэр тиийэбит.
Көҥдөй киһиргээһин: саха тыла оннук баай, былыргы түүр тыла диэн халаарыы – туһата суох. Син биир били “сахалар икки полушариебыт тэҥҥэ үлэлиир” диэһин курдук көҥдөй киһиргээһин. Ис-иһигэр киирдэххэ тылбыт сүтэн эрэр. Баар да буоллаҕына дьадайан, судургу “кэл-бар, олор-тур, ыыт-тут” диэбит курдук сымсаан, оннугунан муҥурданан эрэр.
Ыччатыҥ урукку кинигэлэри аахпат, сахалыы санаатын тилэри, толору эппэт, тиэрдибэт. Оннооҕор ТВ-га, радиоҕа иһиттэххэ “нууччалыы эттэххэ маннык” диэн, нууччалыы этиинэн санааларын ситэрэллэр. Ол аата дьонуҥ нууччалыы кэпсэтэллэрэ тиийимтиэ, өйдөнүмтүө диэн буолар. Илин эҥэргэ холобур “солуурда аҕалыҥ эрэ” диэтэххэ өйдөөбөттөр, саха дьоно эрээри. Кинилэргэ киэргэтэн биэдэрэ диэтэххинэ өйдүүллэр.
Саха дьиҥ ҥ, ҕ дорҕооннорун (буукуба диэхпин тылым тардар) нууччатымсыйбыта буолан туттубат буолбуттара охсон билигин туттубаттар. Көрүҥ, истиҥ – “көрүн, истин”, туруҥ, олоруҥ – “турун, олорун” диэн буолбута ыраатта. Өтөрүнэн өрүттүбэт уонна бэл оннук суруйар буоллулар ити дьон…
Бу сайдыы буолбатах, кэхтии буолар. Сылга биирдэ, олунньу 13 күнүгэр саха буолалларын өйдөөн саха тылын күнүнэн эҕэрдэлэспитэ буолаллар. Киһи хараастар… Аны дьахтар диэтэххэ эмиэ өһүргэнэн кэбилэнии бөҕөтө. Саха тыла ээ, дьахтар диэн. Киһи өһүргэнэрэ суох.
Саха КИҺИТЭ.
Омугуттан тутулуга суох
Сидьиҥ дьон омугуттан тутулуга суох буолалларын Сунтаарга тахсыбыт киһи өйүгэр батарбат быһылаана да кэрэһэлиир. Онно кэрээниттэн тахсыбыт киһи эдэркээн кыыһы үнтү кырбаан, тыыныгар турбутун киэҥник сырдатан тураллар.
Нууччалар эрэ өттүлэриттэн сидьиҥ быһыы тахсыбат. Ити видеоҕа саастаах киһини кырбыыр ыччаттарга, кинилэр тастарыгар сахалар эмиэ сылдьаллар эбээт. Тоҕо тохтоппотторуй?
Бу сайын 202 м/р-н балыктаан кэлэн иһэн сынньана олорор нуучча уолун итирик саха уолаттара реанимацияҕа киириэр дылы ныһыйбыт этилэр. Кэлин хайаабыта буолла, тыыннаах хаалбыт да буоллаҕына үйэтин-сааһын тухары инбэлиит буоллаҕа. Ол сидьиҥнэр тутуллубуттара эбитэ дуу, суоҕа дуу. Көҥүл сылдьар буоллахтарына, суут иннигэр турбатахтарына өссө өрө баран хас киһини эчэтэллэр… Дьиҥэр балконтан киһи көрбүт ээ, хараларыттан харбаттылар ини.
Иэдээннээх олоххо олоробут. Олохпут укулаата уларыйан, сэбиэскэй кэмҥэ курдук сиэрдээх быһыы-майгы хаһан иэгэйэр икки атахтаахха олохсуйар?
Борокуоппай.
tuymaada.ru