Хаһан бүтэрий?
Мин ити испиэс-эпэрээссийэ диэннэрин букатын утарбаппын. Хайа, утарабын диэтим даҕаны 15 сылга хараҥа хаайыыга түҥкэлийэр буоллаҕым. Ким оннугу бэйэтигэр баҕарыай? Күн сырдыга күндү.
Арай ити “эпэрээссийэ” алыс уһаабытын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Эпэрээссийэ буолан баран болдьохтоох буолаа эбитэ ини. Эйигин, холобур, искин хайытан баран, хирурдар барахсаттар: “Бэйи, сүгүн сыт, хаһан бүтэрбитин бэйэбит билэбит!” – диэтиннэр? Иэдээн дии. Кэтэһэ сатаан баран, устунан чахчы да өлөн хаалыахпын сөп буолбатах дуо?
Онон ити испиэс-эпэрээссийэ кэм түргэн-тарҕан соҕустук түмүктэнэ охсоругар баҕарарым баа буолбат ини? Бэйэбит байыаннай күүстэрбитигэр ситиһиини баҕарабын! Оччотугар аны уон сылынан баҕар чэчирии сайдыа этибит. Онно да тиийдэххэ…
Баһылай П.
Үтүө күн кэминэн, убаастабыллаах “Туймаада” хаһыат редакцията!
Эһиги хаһыаккытын уруккуттан олус сөбүлээн уонна биһирээн ааҕабыт. Хаһыат тыла-өһө, олох бары тардыыларын хомуйан суруйар дириҥ ис хоһоонноох, хомоҕой уус-уран тыллаах-өстөөх буолан, биһиги дириҥ биһирэлбитин ылыан ылла!
Бу көҥүллэрэ күөмчүлэммит, Дьокуускай куорат СИЗО-1 олорор сахалыы тыллаах-өстөөх дьон бичийэбит. Эһиги хаһыаккытын илииттэн илиигэ бэрсэ сылдьан хаһыат сонуннарын үллэстэбит.
Федеральный закон РФ от 15.07.1995 №103-ФЗ “О содержании под стражей подозреваемых, обвиняемых в совершении преступлений” 17-с статьятыгар олоҕуран, эһиги хаһыаккытыгар суруйтарар баҕа санаалаахпыт (2022 сыл от ыйын 1 күнүттэн). Мантан, следственнай изолятортан, сурутууну (подписканы) төлүүр кыах суох буолан улахан көрдөһүүлээх тиийдибит: 1 хаһыакка босхо сурутууну көрдөһөбүт! Аккаастаабаккытыгар эрэнэ хаалабыт – кырдьаҕас сылгыһыт уонна бюджет салаатын үлэһиттэрэ уо.д.а.
Бичиктээччи уонна сурутааччы
Прокопий Степанович ТРОФИМОВ,
1974 с.т.
P.s. СИЗО-ҕа (следственнай изоляторга) силиэстийэ барар кэмигэр быыһык кэмҥэ баар дьоммут. Манна үксэ биһиги курдук дьарыктаах-идэлээх, сахалыы толкуйдаах дьон баарбыт.