– Барахсаттар эмиэ этиһэн баран тус-туспа ороҥҥо утуйаахтыыр буоллахпыт… Тоҕо наһаа ыараханый, өйдөһөр? Куттаа да куттаа буолаахтыыгын…
Түүн оройо. Чуумпу ыйдаҥа түүн. Баһылайаптар үс оҕолоох нэһилиэк биир эдэр ыала. Туохха барытыгар көхтөөхтүк кыттан иһэллэр, дьоҥҥо ытыктаналлар. Кыыстара Маайыска быйыл иккис кылааска киирдэ. Иккис оҕолоро Сима оҕо уһуйааныгар сылдьар, биэстээх. Кыралара кыһыл оҕо, кинини сахалыы Дайаана диэн сүрэхтээбиттэрэ. Аҕа баһылык тэрилтэ суоппара, ол быыһыгар таксилаан да ылар. Биир киһи хамнаһа кыра буолаахтаатаҕа, улахан дьиэ кэргэҥҥэ.
Настя оҕолонуоҕуттан тосту уларыйан хаалла. Кыраттан да тырытта, тымта сылдьар. Баҕар дьиэҕэ олорон тэһийбэтэ да буолуо, ийэтэ аах атын, ыраах улууска бааллар. Санаа атастаһар чугас дьүөгэтэ да суох. Күн аайы биир кэм түбүк. Онтон бу киэһэ Оппуонньалыын бэрт кыраттан бурайыстылар. Кэлиҥҥи кэмҥэ туспа утуйаллара үксээтэ.
– Опуонньа, ыл тур! Ааммытын ким эрэ тоҥсуйар, – Настя атах сыгынньах саала хоско, Оппуонньа утуйа сытар дьыбааныгар кэлэн турар.
– Бачча түүннэри хайалара кэллэҕэй… – киһитэ тапочкатын анньынаат, хараҕын сотто-сотто дьиэ аанын аһан күүлэҕэ тахсар.
– Кимий? Ким кэллэ?
– Афанасий Егорович, ааны ас, эйиэхэ повестка кэллэ, – тэрээһэ хаптаһын аанын нөҥүө икки киһи күлүгэ көстөр. Хаһан да истибэтэх куолаһа этиҥ эппитинии соһуччу иһилиннэ,
– Повестка дуо? Туохха? Өйдөөбөтүм… – мунаахсыйан мух-мах барда, ыксаан хаалан ааны аспытын бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла.
– Повестка, манна илиитэ баттаа. Таҥын, бардыбыт, – формалаах эр дьон кытаанахтык туруммуттар, куоластара боччум.
– Билигин барабын дуо? – Оппуонньа соһуйан хаалар, күүлэ уотун холбуур. Дьиэ иһигэр бу кэпсэтиини истибэккэ, тугу да билбэккэ утуйа сыттахтара кини кэргэнэ, оҕолоро. Төһө эрэ айманаллар билигин киирэн хомунан баран, тахсан баран хааллаҕына.
Оппуонньа дьиэтин аанын аһан хоһугар ааһар. Ыскаабын аһан аҕыйах таҥаһын хостоон пакекка угар, соттор, мыыла, тиис суунар суоккатын ылар.
– Чэ, бардыбыт, бэлэммин… Тохтооҥ эрэ, оҕолорбун сыллыым… – туора турар хоско оҕолоро минньигэс түүлү көрө, утуйа сыталлар. Биэстээх уола суорҕанын тэппитин Оппуонньа көннөрөн биэрэр, уолун сүүһүттэн сыллыыр: «Уолчааным, эн улаатаххына сэрии диэн суох буоллун…». Онтон улахан оҕотугар Маайыс оронугар тиийэр. Аҕатын хараҕар кини өссө да кырачаан кыыс, ытыһыгар сотовайын тутан баран утуйан хаалбыт. Баттаҕа сирэйигэр саба түспүт. Сарсын эмиэ билии ылаары оскуолатыгар барыа. Оппуонньа кыыһын ытыһыттан тутан олорон: «Сыллыыйыам, аҕаҥ барда. Аны хаһан көрсөрбүт биллибэт. Эн кытаат, улаат, ийэҕэр туһа киһитэ буолаар, чукучуом…» – оҕотун баттаҕын имэрийээт, сүүһүттэн сэрэнэн сыллаан ылар.
Хостон тахсан иһэн ааҥҥа тохтоон оҕолорун диэки өссө биирдэ эргиллэн көрөр, тура түһэр, сүрэҕэ ньүөлүйэр: «Чээн, барахсаттарыам, кыра да дьон… Этэҥҥэ эрэ буолуҥ. Паапаҕыт сэриигэ барда…».
Куукунаҕа тахсыбыта кэргэнэ кыһыл оҕотун көтөхпүтүнэн остуол аттыгар олоппоско олорор эбит. Долгуйбут куолаһынан:
– Оппуонньа, бырастыы гын дии миигин, мин наһаа хаппырыыстаатым. Аны хаһан эрэ төннөҕүн… – Настя хараҕа уу-хаар баспыта ырааппыт эбит. Бадаҕа, бу кэлбит дьон туохха кэлбиттэрин барытын кэпсээтэхтэрэ.
– Чэ, покаларыҥ, этэҥҥэ олоруҥ! – ыал аҕата дьиэтин аанын сабан, ыйдаҥа түүн ортото дьиэтиттэн тахсан барда. Кэнниттэн ыта Дохсун улуйа хаалла. Онтон ый быыһынан былыттар ханна да ыксаабакка оргууйдук сыыйылла, уста турдулар. Настя айманан дуу, хаһыытаан дуу кэргэнин сатаан тохтоппотун билэрэ. Куукуна иһигэр кыһыл оҕотун көтөхпүтүнэн хаалан хаалла. Иэдэһин устун хараҕын уута сүүрдэ.
–- Оо дьэ, барахсаным, куруук тэлэбииһэринэн сэрии хонуутун сонунун көрөрө, дойдубут туһугар ис сүрэҕиттэн ыалдьара. Тас дойдулары мөҕүттэрэ, ардыгар кыыһыран күүлэҕэ табахтыы тахсара. Аны сотору бэйэтэ ол хонуу устун сүүрүөҕэ…
…»Аллоо, аллоо, Настя-аа, мин-мин! Оппуонньабын! Бу атын нүөмэртэн эрийэбин. Эһиги хайдах олордугут? Оҕолорбут этэҥҥэлэр дуо? Миэхэ бүгүн кааска, бронежилет уонна аптамаат туттардылар. Кааскам иһигэр оҕолорум уонна эн ааккын суруйдум. Эһиги мин баарым-суоҕум буолаҕыт! Чэ, пакааларыҥ, сыллыыбын! Манна ардыы турар…» – Настя кэргэнин куолаһын истэн эмиэ кэбирээн, куолаһа титирэстээн ылла. Бу санаабыта барытын кэргэнэ тутан олорбут эбит – дьиэни-уоту, аһы-үөлү, оҕолору. Аҥаардас мас, муус да тардыалаһар саҥа төрөөбүт дьахтарга уустук буоллаҕа эбээт…
– Оо, Афоням… Тоҕо аттыбар бааргар таптыырбын биирдэ да эппэт этибиний? Тоҥуй да эбиппин. Туораттан көрдөххө өссө биир атаах оҕото курдугум буолуо. Ыарахан да эбит, соҕотох олорор. Ити үйэлэрин тухары соҕотох олорор дьон үөрэнэн хаалаллара буолуо дуо? Ол эрээри мин аттыбар оҕолорум баар буоллахтара. Кэргэним уонна оҕолорум санаалара күүстээх буоларын туһугар бастатан туран бэйэм самныа суохтаахпын, барыта үчүгэйи эрэ ыраланыахтаахпын. Киһи тугу саныыр да, ону бэйэтигэр тардан ылар курдук ээ. Билэбин, эн барытын кыайыаҥ, өлөн-охтон биэриэҥ суоҕа! Эн хайаан да эргиллиэҥ! Сотору уруккубут курдук бары бииргэ буолуохпут! Биһиги барытын кыайыахпыт!
САРДААНА.