Ахсынньы 19 күнүгэр 2019 сылга Путин пресс-конференцията буолла. Онно барыта 1900 журналист сырытта. Биир да “сөбө суох” боппуруос суох этэ. Алексей Навальнай курдук дьон чугаһаабат эбиттэр.
Мин сиһилии истэн баран, манныкка кэллим:
1. Путин сөпкө саҥарар эрээри, онтун толорбот.
2. Путин сэбиэскэй кэми критикалаан тахсар уонна бэйэтин хайҕанар. Холобур: Россия 600 хостонор баайы арыйда, 2000 сылтан. Итини итэҕэйэр кытаанах.
3. Биһиги кылаабынай сыалбыт дьадаҥыны кытта охсуһуу, диир РФ президенэ.
а) Ол гынан баран тоҕо сыана, тариф, нолуоктар үрдүү туралларый?
б) Россия Арҕааҥы дойдуларга сырьевой придаток тоҕо буолла? Тоҕо собуоттарбыт уонна фабрикаларбыт үлэлээбэттэр?
в) Харчы тоҕо кыраныысса таһыгар тахса турарый?
г) Тоҕо Т.Н.К. нолуок төлөөбөттөр (транснациональные корпорации)?
д) Учёнайдарбыт тоҕо кыраныысса таһыгар бараллар?
4. “В портах переваливается в 2 раза больше грузов, чем в советское время”, – диир Путин.
Ити биһиги сырьёбутун тиэйэн бараллар, атын дойдуларга. Харчы олигархтар хармааннарыгар киирэр, норуокка кыра тиксэр. Ити сырьевой придаток буоларбытын дакаастыыр.
5. Путин: “Россия из главного покупателя зерна превратилась в главного экспортёра”.
Мин санаабар ити Путин өҥөтө буолбатах. Сэбиэскэй кэм саҕана ССРС атын дойдуларга көмөлөһөр этэ. “Целина и залежные земли осваивались именно в советское время”. Ону учуоттуур наада.
6. Путин: “Особый статус Донбасса необходимо ввести в Конституцию Украины”.
Мин санаабар билиҥҥи былаас Украинаҕа баар эрдэҕинэ ити кыаллыбат.
7. Путин: “Новая пенсионная реформа РФ не обсуждается”.
Дьиҥэр пенсионнай саас улаатта. Пенсия олус кыра, атын дойдуларын кытта тэҥнээн көрдөххө. Пенсионердар нэһиилэ олороллор.
8. Путин: “Идеология в демократическом обществе – патриотизм”.
Ол гынан баран Россияҕа демократия суох. АХШ-гар демократия баар. Холобур, негр аҥаардаах Барак Обама президент буола сылдьыбыта. Биһиэхэ Аман Тулеев (Амангельды Молдагазыевич Тулеев) президент РФ буола сатаабыта. Онно элбэх запискалар Тулеевка анаммыттара. Холобура: “Эн, эбисийээнэ, сиэркилэҕэ көрүн. Хайдах Россия президенэ буолуоххунуй”, – диэн.
9. Путин: “Россия не вмешивается во внутренние дела других государств”.
Ити отой сымыйа. ТВ уонна СМИ отой сымыйа информация биэрэллэр. Мин отой итэҕэйбэппин. Сирияны, Украинаны ылан көрүҥ.
10. “Антиалкогольная политика увеличивает продолжительность жизни россиян”, – диир Путин.
Дьиҥ хартыына отой атын. Дьон элбэхтик иһэр, олох кытаанах, кырдьыгы булар уустук. Тыһыынчанан государствоҕа биллибитинэн собуоттар палёнай водканы, самогону оҥорон боростуой дьону ырайга таһаараллар. Кинилэргэ харчы эрэ киириэн наада (на народ плюют).
11. Путин: “Нельзя давать характеристику Зеленскому и другим политикам”.
Мин санаабар ханнык баҕарар норуот бэйэлэрин баһылыктарыгар характеристика биэрэр.
Путин характеристиката:
а) Дьадаҥы дьадайар, баай байар. Россияҕа миллиардер ахсаана элбээтэ. Ону кытта дьадаҥылар элбээтилэр.
б) Норуот үлэ булбат.
в) Аан дойдуга этэллэр: Россия – агрессор, Путин – … .
г) 1 доллар = 62 солк.
2019 сылга Сталин авторитета улаатта:
а) Сталин выиграл ВОВ.
б) Сталин Россию получил с сохой, а оставил мощную ядерную державу.
в) Сталин не был популистом, т.к. пресс-конференции с народом не проводил, как Путин.
г) СССР был впереди во всём (наука, спорт, космос, атом).
д) Образование и медицина были бесплатными.
е) 1 доллар = 90 коп. всего.
Только благодаря Сталину состоялся Нюрнбергский процесс.
12. Путин: “Годовой план по расселению аварийных домов перевыполнен”.
Итини итэҕэйэр кытаанах.
Саха сиригэр аварийнай дьиэ олус элбэх. Тутааччылар суобастара кыра. Саҥа дьиэ тас көрүҥэ олус үчүгэй. Аҕыйах ыйынан дьиэ ыһыллан барар.
13. Путин: “Продолжение работы в Нормандском формате целесообразно”.
Мин санаабар Украина илии баттыыр уонна толорбот.
14. Путин: “Россия сохранит транзит газа через Украину”.
Мин санаабар Украина иэһин билиммэт. Хата харчы көрдүүр, транзит газа иһин. Газпром (Алексей Миллер), Нафтогаз (Украина баайдара) хаһан баҕарар уопсай тыл булуохтара. Тоҕо диэтэххэ бэйэлэрин харчыларын сүтэриэ суохтаахтар. Россия дьонугар нефть, газ, алмаас атыыламмытыттан отой кыра тиксэр.
15. Путин: “Здравоохранению РФ выделим 550 млрд, а зарплата врачей увеличится”.
Миэхэ боппуруостар элбэхтэр.
1) Тоҕо балыыһалары сабалларый, врачтар үлэтэ суох хаалалларый?
2) Тоҕо медицина төлөбүрдээх буолла? Дьадаҥы эмтэнэр харчыта суох.
Кырдьаҕас баҕайы баайдар 30-40 саастаах дьон ис органнарын трансплантация көмөтүнэн ылаллар уонна салгыы олороллор (до 100 лет). Урут этэр буоларбыт: “Доруобуйаны атыыласпаккын”. 21 үйэҕэ баайдар төһө баҕарар уустук операция уонна трансплантация көмөтүнэн доруобуйаны атыылаһан ылаллар. Онтон дьадаҥылар кып-кыра ыарыыттан өлөн хаалаллар.
16. Путин: “Россия будет отвечать зеркально на санкции США”.
Кырдьык да Шойгу армияны современнай гына сатыыр. Анатолий Сердюков (торгаш) армияны ыста, хас да миллиарды сиэн баран сүттэ. Скрынник диэн дьахтар тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлии сатаабыта. Эмиэ хас да миллиарды сиэн баран сүтэн хаалла. Сердюков уонна Скрынник Путин дьоно. Ол иһин МВД туох да миэрэ ылар кыаҕа суох.
17. Путин: “Россия за чистый спорт. Наказание за допинг должно быть индивидуальным”.
Бу сөптөөх этии. Дьиҥэр Россия спортсменнара олус күүстээхтэр. ВАДА 4 сыл Россия олимпиадаҕа уонна аан дойду күрэхтэһиитигэр кыттар быраабын быста. Мин санаабар, аан дойду спортсменнара допинг туттубуттара ыраатта. Биһиги сорох спортсменнарбыт киирэн биэрдилэр. ВАДА ону максимально туһанна. Тоҕо диэтэххэ биһиги чемпионнарбытын күрэхтэһиигэ киллэрбэттэр, куттаналлар. РУСАДА куһаҕаннык үлэлиир.
18. Мин Путины популист буолан бүттэ дии саныыбын. ТВ, СМИ күн аайы Путины көрдөрөллөр, кини туһунан кэпсээн тахсаллар. Сталин сэмэй этэ. Норуот хаһан да кинини умнуо суоҕа.
Ивановскай.