Skip to content

Туймаада.ру

Общественно-политическое сетевое издание

  • Личный кабинет
  • Подписка на «Туймаада.ру»
Primary Menu
  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • АУДИО
    КЭПСЭЭННЭР
  • Архив газеты
    «Туймаада»

Байанай тиһэх тосхойуута

tuymaada 14 октября, 2026

Ийэм бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Маарыйа диэн баара. Кини оҕонньоро Дьэпсэй үйэлээх сааһыгар кыра булка булчут. Аһаан-таҥнан олорор хара тыатын, ийэ айылҕатын олус харыстыыр, киниэхэ сүгүрүйэр эбит. Кини аҕата Буххаан эдэр сылдьан түөһүгэр күннээх хара саһылы өлөрбүтүн кэпсииллэрэ. Онон аҕатыттан утум тардан, үөрэнэн, Дьэпсэй булчут буолбут.

Маарыйа эмээхсин өлөрүгэр мин баар этим. Түүнү быһа чүмэчи умаппыттара. Күнүс, дьон ол-бу сорукка тарҕаһан, икки күн иккиэйэҕин олорбуппут. Мин оскуолаҕа үөрэнэр дуу, үөрэммэт дуу бэдик, ийэм эдьиийин Маарыйаны эбэм диэн ааттыырым. Онон отой толлубакка, куттаммакка, бу сытар киһини сүүһүн, муннун имэрийэрим. Бастакы күн чүмэчини харыстаан буолуо, сабыта үрэттээн кэбиһэн, сэмэлэммиппин өйдүүбүн. Ийэм: «Эдьиийим онно отой хараҥа сиргэ бараары сытар. Саатар, манна дьиэтигэр сырдыкка сыта түстүн», – диэбитэ билигин даҕаны иһиллэргэ дылы.

Дьэпсэй оҕонньор эһэкээннээҕин туоһулуур биир дьикти түбэлтэ буолбутун истибиппит. Өлүөн икки сыл иннинэ, илимин көрө өрүскэ киирэн истэҕинэ, биир тайах өрө сүүрэн тахсан, олорор өтөхтөрүн утары хордоҕойго талах саҕатыгар тохтоон, сири табыйа-табыйа турбут. Оҕонньор: «Бээ, бу хайдах-хайдаҕый?» – диэн сээбэҥнии түһэн баран, өй булан, дьиэтигэр барбыт. Кырдьаҕас хаһан дьиэтиттэн аҕылаан-мэҥилээн саатын илдьэ кэлиэр диэри тайаҕа сол курдук буорун табыйа турара үһү. Ону талахтарынан сөрүөстэн киирэн ытан охторбут. Булдун пиэрмэ уолаттарын аҕалан сүлэн, астаан, үллэстэн сиэбиппит. Дьэпсэй оҕонньор: “Эһэкээним көмүллэр сирбин ыйан биэрдэ”, – диэбитэ. Кини эппитинэн, билигин кырдьаҕас көмүс уҥуоҕа Быһыттаах томторугар хараллан сытар. Бу туһунан сиһилии Маарыйалаах Дьэпсэй кыыстара Варвара Петрова «Куокуну – мин дойдум» диэн кинигэтигэр суруйан киллэрбитэ баар.

Арааһа, ити түбэлтэ тосхойуу кэннэ буолуо, Дьэпсэй миигин батыһыннара сылдьан, ойууру-тыаны кэрийэн, туһаҕын, сохсотун, ол-бу тэрилин эспитэ. Онно көрдөхпүнэ, онто барыта эргэ этэ. «Хайдах манныкка булт иҥнэр?» дии санаабытым баара. Наһаа нарын оҥоһуулаах чааркааннар бааллара. Олортон бииргэ тиксэн, сайылык дьиэтин кутуйахтарын бултаспытым.

Валерий МИХАЙЛОВ.

Continue Reading

Previous: Куттаныы
Next: «Өлүөн баҕарбыт» кус

Похожее

Үс тайахтыын «хоонньоһон» утуйуу

Үс тайахтыын «хоонньоһон» утуйуу

24 октября, 2026
Куба үөмүүтэ

Куба үөмүүтэ

21 октября, 2026
«Өлүөн баҕарбыт» кус

«Өлүөн баҕарбыт» кус

17 октября, 2026

Свежие записи

Анджелина Джоли окончательно уехала из Голливуда 1

Анджелина Джоли окончательно уехала из Голливуда

14 ноября, 2026
«Дойдубар тиийэр суолум Берлининэн…» 2

«Дойдубар тиийэр суолум Берлининэн…»

13 ноября, 2026
Названы главные правила диеты для долголетия 3

Названы главные правила диеты для долголетия

12 ноября, 2026
Университет бастакы хараҥаччылара 4

Университет бастакы хараҥаччылара

11 ноября, 2026
Под Брянском мужчина погиб при попытке разобрать БПЛА 5

Под Брянском мужчина погиб при попытке разобрать БПЛА

10 ноября, 2026
Оҕо баар дьолбут! 6

Оҕо баар дьолбут!

9 ноября, 2026
Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит 7

Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит

8 ноября, 2026

Сетевое издание TUYMAADA.RU. Свидетельство о регистрации СМИ Эл № ФС77-71324 от 17 октября 2017 г. Выдано Федеральной службой по надзору в сфере связи, информационных технологий и массовых коммуникаций.

Учредитель и главный редактор: Яковлев А.П.

Электронная почта редакции: tuymaada_2017@mail.ru

Телефон редакции: 8-914-222-85-50

16+

РУБРИКИ

  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • АУДИО
    КЭПСЭЭННЭР
  • Архив газеты
    «Туймаада»
  • Политика конфиденциальности
  • Публичная оферта и правила возврата
  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • АУДИО
    КЭПСЭЭННЭР
  • Архив газеты
    «Туймаада»
Copyright © tuymaada.ru | MoreNews by AF themes.