Биһигини тыа дьонун көмүскүүр киһибит Бүөтүр Аммуоһаппыт Москуба куоракка барыаҕыттан былааспыт ыт буутун туттараран иһэр. Ону туохтан этэҕин диир буоллахха, төбөҕө 35 тыыһынча солкуобай биэриэхтэриттэн, ол оннугар үүтү чааһынайдартан биир киилэтин 10 солкуобай ылыахтарыттан, элбэх нэһилиэккэ урукку улугуруу кэмитэн тохтоло суох үлэлээн кэлбит үүтү тутар сыахтарбыт сабыллан бардылар.
Инньэ гынан ыаллар сүөһүлэрин ньирэйдэрин кытта мэччирэҥҥэ ыыппыттара ыраатта. Ити биир үүт тутар сыах сабыллыыта тыа сиригэр улахан хорумньу буоларын биһиги, тыа эрэ дьоно, билэн эрдэхпит. Үрдүк сололоохтобут ону билиэхтэрин да баҕарбаттар. Тот дьокутааттар Дархана суох онно эрэ кыһамматтар.
Дьиҥэр “тыа сиригэр сахалар айылҕалыын алтыһан дьоллоохтук тото аһаан, үлэлээн-хамсаан олордуннар” диэн, дьаһайар былаас аан бастаан үүт харчытын сөпкө быһаарыахтаах этэ. Бэкээринэ тыа сиригэр баар да буоллаҕына онно биир биэкэр уонна биир атыыһыт эрэ үлэлиир.
Үлэ диэн бюджеттан бэлэм кэлэр хааһына харчытыгар хамнастаныы буолбатах. Үлэ диэн кэтэх эбэтэр бааһынай хаһаайыстыба тэринэн сүөһү, сылгы иитиитэ, ол бородууксуйатын оҥорон таһааран үүт, эт, оҕуруот аһа олордон ол ордугун атыллаан, онтон дохуот оҥоруу тыа сиригэр “үлэ” диэн буолар.
Үүт сыанатын кэтэх хаһаайыстыбаҕа 10 солкуобай биир киилэтигэр оҥоруохтарыттан ыла үүт оҥоруута нэһилиэккэ эрэ буолуо дуо – бүтүн өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн лаппа намтаата. Ону кытары дьон олоҕун таһыма эмиэ мөлтөөн иһэр. Итини арааран өйдүүр, бар дьонугар кыһаллар биир да депутат, салайааччы суох буолла. Бары Дархан айаҕын кэтээн олороллор. Инньэ гынан барыһа суох эрээри иһи тоторор салааҕа сиэннэрин иитэр кыһалҕаттан кырдьаҕастар эрэ хааллылар. Хайыаххыный, балык уу дириҥэр, киһи олох үтүөтүгэр талаһар дииллэринии эдэр дьон үлэ баар киэҥ сирдэригэр таласпыттара ыраатта. Ол эрээри ол киэҥ сирдэригэр барыстаах үлэни кэлии омуктар ылан олороллор, инньэ гынан нэһилиэктэрбитигэр оскуолабыт, детсадпыт улахан сыаналаах пааматынньык буолан хаалар кутталланнылар. Маннык суолунан бардахха ынахпыт, сылгыбыт букубаар ойуутугар хаалар эрэ туруктанна.
Бу тыа сирин олоҕо тосту уларыйыытыгар суһал дьаһаллары Ил Дархан өттүттэн күүтэбит. Бастакытынан 35 тыһыынча солкуобай хас ынах төбөтүн төлөбүрүн таһынан, үүт сыаната бары хаһаайыстыбаларга киилэтигэр 100-150 солкуобай буолуон наада. Оччоҕо маҕаһыыннарга үүт ас дэлэйиэ, сыаната чэпчиэ этэ. Иккиһинэн тыа сирин реформата түргэнник быһаарыллыан наада, сүөһүтэ суох буолан баран, эбэтэр бөһүөлэккэ олорбот дьоҥҥо тоҕо оттуур сир бэриллиэхтээҕий уонна олор тоҕо арендаҕа биэрэн харчыланыахтаахтарый? Сүөһүлээх, сылгылаах, оҕуруот аһынан хааччыллар дьоҥҥо хотоннорун, дьиэлэрин тутуутун, техникаларын 90% бүтсүөттэн төлүүр наада. Бу айылҕа оҥорор томороон тымныы кыһалҕатыгар бүтсүөт кыһанара наада. Оннук т/х үлэтин үлэлээбэт дьонтон олохтоох дьаһалта сирдэрин ылан кэтэх хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо үллэрэн биэриэхтээх, эбэтэр сирдэрин бэйэбитигэр – оҕолорго, сиэттэргэ хаалларабыт диир буоллахтарына оттообут дьоҥҥо харчы төлүөхтээхтэр, сири сэтиэнэххэ былдьаппатахтарын иһин.
Бу боппуруос тыа сирин быһаарыллыбатах дьарҕа бааһа буолбута ыраатта, баастаах сылгыттан ньалахай арахпат дииллэринии. Ону тосту быһаарар кэм тиийэн кэллэ. Төрөөбүт түөлбэбитин көрүөҕүҥ, кыһаллыаҕыҥ. Быыбардарга бу сыыһын өйдөөбөт дьону салалтаҕа уонна депутакка нэһилиэккэ, улууска баһылыгынан, республикаҕа Ил Дархаҥҥа да буоллун төрүт талымыахха наада. Бу отут сыл тухары маны таба өйдүүр кэм кэллэ.
Прокопий ТАРАБУКИН.
Мэҥэ-Хаҥалас райкомун
ll сэкэрэтээрэ.