Билгэhиттэр араас санааны этэллэр. “Быйыл маннык дьыл кэлиэ, кураан буолуо, куйаас сайын кэлиэ, элбэх баhаар туруо”, – эҥин диэн элбэх санаа иһиллэр.
Ол эрээри, кистэл буолбатах, итинник этиилэри биhиги кулгаахпыт таhынан истэрбит, сыыhа эппит диэн сапсыйан кэбиhэрбит баар суох. Үгүс билгэhиттэр киин эбэтэр илин эҥэр улуустар олохтоохторо буолаллар, биллэн турар кинилэр бэйэлэрин түөлбэлэрин күнүн-дьылын анааран билгэлииллэр. Ону биhиги ситэри сыаналаабаппыт, биhиги эҥээри эмиэ эппит курдук өйдүүбүт. Ити иһин өрөспүүбүлүкэ арҕаа уонна Бүлүү эҥэрдэрин билгэлэрин чопчулуур санаа бэрт татым диэххэ сөп.
Дьэ онон Бүлүү эҥэр быйыл туох-ханнык дьыл кэлэн иhэрин ырытан, сылыктаан көрүөххэйиҥ.
Былырыын күhүн кураан, буор бурҕайбытынан тоҥоруу буолбута. Улахан тымныылар иннилэринэ сөптөөх халыҥ хаар түспүтэ уонна сылаас даҕаны этэ. Онон от сиэмэтэ улахан тоҥууну билбэккэ, иһэр сайын сөптөөх үүнүү буолуохтаах. Ону таhынан кыһыммыт тибиилээх буолан хаарбыт халыҥ, чиҥ. Билэрбит курдук тибиилээх кыhын ууну аҕалар, санатан эттэххэ былырыыҥҥы кыhын эмиэ тибиилээх этэ.
Хаар көмүрүөтэ халыҥ, онно сааскы сөҥүү эбиилик буолуо. Ириэрэ-ириэрэ хаардаан-ардаан кыстык хаары өссө уулаан биэриэ, онон үрэхтэр уонна күөллэр туолар саастара кэллэ. Быйылгы сааһы бэрт көхтөөх буолуо дии санаабаппын, хатааhыннаах саас кэллэ. Муус устарга өр сылларга отуттан намыһах кыраадыс буолбатаҕа ыраатта, хаар, сөҥүү кэнниттэн тоҥорор буолан ириэрбитин ситэн иhэр. Инньэ гынан уу-хаар наhаа халлааннаан көтүө суоҕа.
Ыам ыйыгар бастакы ылааҥы күннэр 10-с чыыhыла кэнниттэн бэлиэтэниэхтэрэ. Манна былырыыҥҥытын батыhыан сөп, ардах кэннэ хаар аргыстаныа, оннук дьэ дьылбыт сыыйа кэлэн иhиэ.
Бэс ыйын ортотун эргин ардахтаах буолуо. Биир улахан уулаах ардах баар буолуо, бу ходуhаны үчүгэйдик угуттуо. Мин санаабар быйыл оту эрдэ-сылла үмүрүтэр ордук.
От уонна атырдьах ыйдарын курааннара, куйаастара оту түргэнник хагдарытыахтара – манна бу ааспыт өр сылларга буолбатах тымныы кыhыммытын саныаххайыҥ. Салгыы күhүҥҥү унньуктаах ардахтар кэлиэхтэрэ. Күhүҥҥү ардах баhаар буруота хайдаҕыттан тутулуктаах буолла быhыылаах, ойуур баhаара айылҕаны бүтэhик сылларга улаханнык уларытта. Илин эҥэрдэргэ кыhыннара олус тымныы буолар буолла, баhаартан сөҥүү аҕыйаҕа ити тымныыга төhүү буолан эрдэҕэ. Итини хайаан да бэлиэҕэ ылыахха наада.
Быйыл саас кусчуттар кэтэhэр уулара сөбүн баар буолуо. Хата дьыл сөбө суох кэлиитигэр кус айанын суола атын буолуон сөп, быйыл туллук кэлиитэ олус мөлтөҕүн учуоттуохха.
Элбэх билгэhит дьиктилэрдээх саас, сайын иhэр диэн этэр. Эмискэ күүстээх тыаллар баар буолуохтара, итинтэн сэрэниэххэ наада. Ыраах кэлэргэ-барарга интернет ситиминэн күн-дьыл туругун билсэ сылдьар олус табыгастаах буолуо. Ол эрээри үчүгэй сайын иhэр, былырыыҥҥы курдук үүнүүлээх, ичигэс түүннээх сайын дьон өйүгэр хаалыа диэн эрэнэбин.
Алексей ВАСИЛЬЕВ.
Бүлүү, Халбаакы.
Автор туһунан: Алексей Иванович Васильев 1984 сыл бэс ыйын 6 күнүгэр Бүлүү улууһун Халбаакы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыттан айылҕаны кэтээн көрүүнэн утумнаахтык дьарыктанар. 2003 сылтан улуустааҕы «Олох суола» хаһыакка күнү-дьылы кэтээн көрүүлэрин, билгэлээһиннэрин таһаарар. Идэтинэн саха тылын учуутала, билигин Бүлүү улууһун П.И.Быканов аатынан Халбаакы орто оскуолатыгар эбии үөрэхтээһин уһуйааччытынан үлэлиир.