Бастатан туран, биир дойдулаахтарбын бу саҥа сылга үктэммиппитинэн итии-истиҥ эҕэрдэ буолуохтун! Уонна дьэ кэпсээммин, санаабын тоҕо тардан кэбиһиим.
Бу саҥа сылга үктэнэн дьон-сэргэ үөрэ-көтө сырыттаҕына, биир үтүө күн Маалыкайбыт иһин хара былыт сабардыырыныы куһаҕан сонун тилийэ көтөн кэбистэ. Биир эдэр элбэх оҕолоох уолу биир саастаах киһи быһаҕынан анньан өлөрбүт диэн. Ити күн дэриэбинэ үүтүн тохпут оҕолуу умса туттан чуумпуран олордоҕуна, аны киэһэлик били өлөрүөхсүппүт сэлиэстийэлэнэ олорон бэйэтигэр тиийиммит диэн буолла.
Дьэ ити Саҥа дьыллаан үөрүү-көтүү буола сылдьар дьону шоковай турукка киллэрэр киһи өйүгэр баппат быһылаан. Итинник характердаах быһылааннар бу манна сылын аайы кэриэтэ буолар буоллулар диэн киһи дьиксинэр.
Бу ааспыт сайын 3 киһи уунан айанныыллар. Дьиэлэрин ситэрэ таарыйа балыктыы, бултуу. Ол үстэн иккитэ доҕордуулар, кур бииргэ бултуур эҥин дьон. Ол дьоммут иирсэн, биирэ биирин саанан ытан өлөрөр. Сэлиэстийэ билигин да бүппэккэ, суут буола илик.
Ол иннинэ иллэрээ сыллаахха дуу үс сыллааҕыта дуу, эмиэ икки отой аллар атастыылар өрүһүнэн айанныыллар. Сирдэригэр тиийэн баран эмиэ иирсэннэр биирэ биирин кырбаан өлөрөр уонна тыллыы кэлэн баран төттөрү барсан, ол быһылаан буолбут сиригэр бэйэтигэр тиийинэн кэбиһэр.
Дьэ ити курдук быһылааннар бу кэлиҥҥи кэмҥэ биһиги кыра дэриэбинэбитигэр буолаллара киһини толкуйдатар, санааҕа түһэрэр. «Тоҕо?» диэн боппуруос үөскэтэр.
Мин санаабар итиннэ барытыгар буруйдаах испиир дии саныыбын. Тоҕо испиир итиннэ буруйдаах диир буоллаххытына, толкуйдаан көрүҥ – урут маҕаһыыҥҥа аргы атыыланарыгар дьон бултуу сынньана баралларыгар икки-үс буоккалаах барар этилэр, сир аһатарга диэн. Билигин буоллаҕына арыгы маҕаһыыннарын тыаларга суох оҥорбуттарын кэннэ, өр буола бултуу барар дьон бары куораттан испиир аҕалтаран ону илдьэ бараллар. Онтулара 5 лиитирдээх кэниистиргэ буолар. Араастаһыытын тэҥнээн көрүҥ: икки-үс буокка дуу, биэс лиитир испиир дуу? Ол 5 лиитиртэн 23 буокка тахсар, ону санаан көрүҥ. Дөссө ол испиирдэригэр Кытай “убайдарбыт” тугу буккуйаллара биллибэт.
Испиири элбэх уулаатахха киһини сүрэҕин эрийэн хотуолатар, онтон аҕыйах уулаатахха киһини түргэнник итирдэр, өйдөрүн сүтэрэллэр, тугу да өйдөөбөт буолаллар. Итиннэ кэлиҥҥи быһылаан сөп түбэһэр, “баҕар гыммытым буолуо” диэн, тугу гыммыттарын да өйдөөбөттөр.
Билиҥҥи кэмҥэ түүннэри атыылыыр точка элбэх. Дэриэбинэлэргэ дьон син-биир иһэр, испэт буолбатах. Ол точкалар син-биир испиир аҕалан атыылыыллар. Холобур, биһиги дэриэбинэбитигэр 20-чэ атыылыыр киһи баар. Дьэ маны санаан көрүҥ, дьон испэт эбит дуу, иһэр эбит дуу? Арыгы маҕаһыына суох буолан, мин санаабар, төттөрүтүн дьону иһээччи оҥордулар. Бопсубута буолан, «запретный плод сладок» диэн мээнэҕэ этиллибэтэх өс хоһооно. Син-биир иһээччи, хаартыһыт киһи курдук, азарт оонньотон иһэрдэр. Эбиитин потребность буолар.
Биир үксүн ол түүннэри атыылыыр дьон иэс биэрэллэр. Ол иһин хара сарсыардаттан итирик бөҕө буолар. Маҕаһыын иэс биэрбэт. Сарсыардаттан үлэлээбэт, атыылаабат, сокуоҥҥа эппиэттиир. Оттон точкаларыҥ кыһамматтар, көҥүлэ суох арыгы атыылыырыҥ сокуона чэпчэки. Ыстараап уонна күһэлэҥ үлэнэн хааччахтанар. Ол сылы быһа атыылаабыт дьон тутулуннахтарына ама 30 тыһ. төлүөхтэрэ суоҕа дуо? Онон маҕаһыыннааҕар точкаҥ алдьатыыта элбэх дии сананар.
Манна бопсуу саҕана ватсап ситимигэр убаастанар дьоммут маннык кэпсэтэллэрэ: «Маҕаһыын аһыллара куһаҕан, ол оннугар точкалар баар буоллуннар. Иһэр киһи ол точкатыттан ылан истин, аны маҕаһыын аһылыннаҕына үчүгэй арыгыны иһэн түргэнник өлөн хаалыахтара», – диэн. Дьэ бу сүрдээх этиилэр буолбатах дуо. Мин өйбөр баппат акаары этии дии. Ол аата бу бырааттарын-убайдарын, эдьиийдэрин-балтыларын харыстыыр быһыылара үһү.
Сорох “точкаттан иһэр эрэ киһи ылан иһэр, маҕаһыын көҥүл атыылаатаҕына испэт дьон иһээччи буолуо” диир дьон эмиэ бааллар. Ол испэт киһи иһэр буолан хаалара маҕаһыынтан тутулуктаах үһү дуо, суох буолуо арааһа. Испэт киһи бэйэтин санаатыттан ини, иһэр буоллаҕына маҕаһыын баара-суоҕа тутулуга суоҕа буолуо ээ.
Онон, ити маҕаһыын баар буоларын утарсар дьон бэйэлэрин иннилэрин эрэ саныыллара, оҕолорун-урууларын, доҕотторун-атастарын улахаҥҥа уурбаттара, туох да буоллунар дии саныыллара хомолтолоох дьыала.
Аалык.