“Туймаада” хаһыат 501-с нүөмэрдээх кулун тутар 13 күнүгэр “Сиэрэ суох холуннарыыны утарабыт” диэн, ол иннигэр журналист, спорт ветерана Роман Егоров “Саха түҥнэри идэтэ – хатыйсыы” диэн эмиэ “Туймаада” хаһыакка олунньу 13 күнүгэр тахсыбыт ыстатыйатыгар сөбүлэспэккэбит, хас да киһи илии баттааһыннаах харда сурук бэчээттэммитэ. Онно мин аатым эмиэ баар.
Роман Егоров суруйуутугар 13 сыл устата республика спорда сайдыытыгар сирэй салайааччы быһыытынан ситиһиилээхтик үлэлээбит Михаил Дмитриевич Гуляевы аһара холуннарбытын онно суоҕунан ааҕан, бэйэбит санаабытын хаһыат нөҥүө эппиппит.
Афанасий Егорович Алексеев диэн, эмиэ өр сылларга республика спордун салайбыт үчүгэйдик билэр киһим, биһиги ыстатыйабытын иилээн-саҕалаан суруйарга ылыммыта. Афанасий Егоровиһы сурук ис хоһоонун миэхэ аҕалан көрдөрөрүгэр көрдөспүтүм уонна ол эрэ кэннэ илии баттыам диэн сэрэппитим. Кини миэхэ иккис кэлиитигэр ыстатыйа чэрчитин көрдөрбүтүгэр Гуляев Михаил Дмитриевиһы сиэрэ суох хайҕаабытын уонна уруккута республика спордун салайааччылара буолан үлэлээбиппитин: “Биһиги Михаил Гуляевтааҕар биллэр аллараа кэрдиискэ турарбытын дьэҥкэтик өйдүүбүт”, – диэн суруйбутун олоччу утарбытым.
“Ама да буолтун иһин, биһиги да үлэлии сатаабыппыт, быар куустан олорботохпут”, – диэн Афанасийга быһаарбытым уонна бэйэни сэнэбиллээх этиилэри туоратан, ыстатыйаҕа киллэрбэт эрэ түгэнигэр сөбүлэҥмин биэриэм диэн модьуйбутум. Ону кини сөбүлэспитэ уонна сыыһаны-халтыны көннөрөн баран ыстатыйаны бэчээккэ биэрдиэм диэн эрэннэрбитэ. Ону баара сурукпут туох да көннөрүүтэ суох Афанасий Алексеев суруйуутунан хаһыакка бэчээттэммит.
Мин Михаил Гуляевы төһө да хайҕаабытым иһин, “остуоруйаҕа киирэр улахан салайааччы” диэн Афанасий Алексеев суруйбутун олус улахан этии дии саныыбын. Гуляев М.Д. остуоруйаҕа киирэрин-киирбэтин күн-дьыл бэйэтэ быһаарыа буоллаҕа. Билигин ол туһунан быһаччы этии, сахалыы да сиэринэн, соччо табыгаһа суох. Итэҕэс-быһаҕас ханнык да таһымнаах салайааччыга баар суол. Спорт уонна физическэй культура эйгэтэ киэҥ, далааһына муҥура суох.
Дьиҥинэн элбэҕи суруйуохха сөп этэ буолан баран, отой чуолкайдык этэбин: биһиги үлэлээбит кэмнэрбитигэр 60-с, 70-с, 80-с сылларга спорт маассабайдык сайдыыта таһыччы этэ.
1990-с сыллартан саҕалаан республикабыт бастакы президенэ Михаил Николаев физическэй культура уонна спорт дьон-сэргэ эт-хаан өттүнэн сайдарыгар ураты суолталааҕын өйдөөн уонна тус бэйэтинэн өйөөн Сахабыт сиригэр спортка аналлаах баараҕай тутуу бөҕө барда. Уонна ити далааһыннаах хамсааһын быйылгааҥҥа диэри өссө тэтимирэн бара турарын тус бэйэм сөҕө-махтайа көрөбүн.
Хайа баҕарар спорт көрүҥэ сайдар аарыма спорт дыбарыастара, ууга харбыыр бассейннар, спортивнай мээчик оонньууларынан дьарыктанар бэртээхэй базаланныбыт. Ол эрээри, киһи хомойоро диэн, бу үлүгэрдээх тутуулар баалларын үрдүнэн дьон-сэргэ физкультуранан уонна спордунан дьарыктаныылара мөлтөөтөр мөлтөөн иһэрин киһи барыта этэр. Стадион бөҕөнү туттубут да онно дьон тоҕуоруһалларын, дьарыктаналларын көрөҕүт дуо, доҕоттоор, – суох эбээт!
Быһаччы эттэххэ, спорт маассабайдык сайдыыта улаханнык түспүт кэмигэр олоробут. Буолаары буолан биир мөлүйүөнү кыайбат нэһилиэнньэлээх республикабытыгар икки физкультура уонна спорт института, биир спортивнай квалификациялаах училищелаахпыт, ону таһынан университеппытыгар спортка аналлаах факультеттаахпыт. Кадр бөҕө бэлэмнэнэр. Ханна баалларый бу кадрдарбыт? Төһө таһаарыылаахтык үлэлииллэрий, профессионалларбыт? Ити хайысхалары эмиэ үөрэтэн көрүөххэ баар этэ.
1980-1987 сыллардаахха ДСО “Урожай” обществотын салайааччыта буолар кэммэр хайыһар спордун өрө тутуу бөҕө буолбуппут. “Урожай” сыл аайы ыытыллар хайыһарга лично-команднай чемпионатын үксүгэр Чочур Мырааҥҥа ыытылларын кэҥэтэммит Мэҥэ-Хаҥаласка, Уус-Алдаҥҥа, Аммаҕа, Чурапчыга, Бүлүүгэ, Сунтаарга тиийэ көһөрө сылдьан элбэх түбүгү, ороскуоту уйан туран бэртээхэй күрэхтэһиилэри тэрийтэлээбиппит.
23 тыа оройуоннарыттан 250-260 хайыһардьыттар кэлэн кытталлара. Онно спортсменнарбыт күрэхтэһиилэрбитин Спорткомитет тэрээһиннэринээҕэр лаппа үчүгэйдик ыытарбытын этэллэрин, махтаналларын салайааччы быһыытынан олус үөрэ истэрим. Хас биирдии күрэхтэһиилэрбитин анал сценарийдаан, доҕордоһуу биэчэрдэрин тэрийэн, араас тэрилтэлэри хас оройуон хамаандаларыгар сыһыаран көрсүһүүлэри тэрийэн, культурнай программалаах ырыа-тойук бөҕө дьиэрэйэрэ. Хайыһардьыттарбыт араас талааннаахтарын билэммит кинилэринэн концертары тэрийэммит олохтоох нэһилиэнньэ үөрүүтэ-көтүүтэ сүрдээх буолара.
Оттон билигин хайыһарбыт сайдыыта хайдаҕый? Саха түөлбэлээн олорор улуустарбытыгар аатырбыт хайыһардьыттары төрөппүт Уус-Алдаммытыгар, Чурапчыга, Аммаҕа, Мэҥэ-Хаҥаласка, Тааттаҕа, Хаҥаласка, Бүлүү оройуоннарбытыгар хайыһар суоллуун сүттэ. Наука биһиэхэ сүбэлиир аҕай ээ – хайыһар спорда киһи доруобуйатын чэбдигирдэригэр саамай туһалаах спорт диэн. Ол да инниттэн хайыһары сайыннарыахха наада.
Ону туох диигит республика спордун салайааччылара? Тоҕо хайыһар спорда 8 ый устата кыһыннаах Сахабыт сиригэр симэлийдэ?
Саха норуотун дууһатыгар дириҥник иҥмит көҥүл тустуубут сайдыыта сылтан сыл ахсын дьоммутун-сэргэбитин хомоторун төһөлөөх суруйдулар? Барыта муҥатыйыы, куруутун туохпут эрэ тиийбэт, ситэ сайдыбатах курдукпут. Республика салалтата тустууну өйүүр ээ, болҕомто бөҕө тустууга ууруллар, үп-харчы да тыырылла сатыыр. Дьэ, улахан хомолто диэтэҕиҥ… Бэйэм санаабар, хайа баҕарар дьон олоҕун хайысхаларыгар наука сүбэлиир, ыйар-кэрдэр.
Аатырбыт тустуук, медицинскэй наука доктора Алквиад Иванов олохтон туораабытын кэннэ кинини салҕааччы спортивнай наукаҕа көстүбэтэ хомолтолоох. Ити итэҕэһи, урукку Ил Дархаммыт Егор Борисовтыын сирэй көрсүүбүтүгэр эппитим. Ону “анал спортивнай наукаҕа специалистарбыт суохтара бэрт” диэбитин ылыныахха сөп этэ буолан баран, биирдиилээн, холобур сүрэх, быар, бүөр, хаан эргиирин талааннаах специалистара баалларын, олору түмэн маҥнай утаа саҕалааһын быһыытынан көмөлөһүннэриэххэ сөп этэ диэн баҕа санаабын тиэрдибитим.
Сахалар тустууну таптыырбыт бэрт. Тустуу биһиги да үйэбит кэнниттэн баар буоларыгар саарбахтаабаппын. Тустуу саха норуотун көрүҥэ, дьоммут-сэргэбит киэн туттуута. Тустуута суох, этэргэ дылы, сатаан олорбоппут да буолуо. Ол иһин спортивнай науканы хайаан да сайыннарыахха наада. Кэмиттэн кэмигэр инникитин спортивнай медицинаҕа уһаппакка-кэҥэппэккэ специалистары Россия киин куораттарыгар ыытан, үөрэттэрэн бэлэмнээһини саҕалыахха.
Аммаҕа буолбут спортивнай оонньууларга 48 спорт ветераннара бочуоттаах ыалдьыттар быһыытынан ыҥырылламмыт күрэхтэһиилэри көрө сатаатыбыт. Саҥа спортивнай объектары хайҕаатыбыт, суол-иис бэркэ оҥоһуллубут. Амма бастыҥ спортсменнарын хаартыскаларын анал буклеттарга ахтыы бэрээдэгинэн бэчээттээбиттэрин хайгыы көрөн, ааҕан, араас спортка аналлаах ыҥырар лозуннар, баннердар дьон хараҕа хатанар сирдэригэр туруорбуттарын сөптөөҕүнэн аахтыбыт.
Амма сэлиэнньэтэ ырааһырбыт, кырааскаламмыт, тупсубут, үлэ бөҕө барбыт. Спортсменнар, ыҥырыылаах ыалдьыттар, спортивнай судьуйалар аһыыр сирдэрин үтүрүспэккэ, анньыаласпакка орто оскуола спортивнай саалатыгар бэркэ тэрийбиттэр. Аһыыр ас да менюта куһаҕана суох. Ыҥырыылаах ыалдьыттар, биһиги, үгүс өттүбүт стадиоҥҥа чэпчэки атлетикаҕа күрэхтэһиини көрдүбүт. Афанасий Алексеевтыын уһун дистанцияҕа сүүрүлэри көрө олорон, киһим сүүрүктэри соччо сайдыбатахтар эбит диэн астымматаҕын биллэрдэ.
Афанасий этэринэн, урукку ситиһиилэрин санаан “бу таһымҥа бастыҥнар ахсааннарыгар киирсиэ эбиппин” диэн миэхэ имнэнэ-имнэнэ сибигинэйдэ. Киниттэн көҕүйэммин, били албын саһыл аҥала турааҕы хайҕаан “даах!” дэтэн ытыран олорор иэдьэгэйин төлө ыһыгыннарбытын курдук, “мин даҕаны кылгас дистанцияларга миэстэлэһиэ эбиппин” диэн дорҕоонноохтук саҥарбыппын кулгааҕым эрэ истэн хаалла!
Кырдьыга, сөптөөх этиилэр. Чэпчэки атлетикаҕа саҥа ааттары истибэтибит, барыта профессионаллар кыайдылар-хоттулар. Дьэ ол олорон, өйдөөн көрбүтүм чэпчэки атлетикаҕа аҥаарыттан ордуга оскуола оҕолоро эбиттэр. Ол иһин да кырачаан кыргыттар, эттэрэ-сииннэрэ сиппэтэх уҥуох-тирии хатыҥыр уолаттар сүүрэр-көтөр эбиттэр.
Дьэ, сөхтүм. Былыр диирбэр тиийэбин, биһиги тэрийэрбитигэр спортивнай оонньуулар улахан дьоҥҥо анаан ыытыллар буолаллара. Бу сырыыга оҕо былаастаах күрэхтэһиилэр буоллулар. Дьэ бу маны отой сыыһа диибин. Тоҕо диэтэххэ юношалар, юниордар күрэхтэрэ туспа ыытыллаллар эбээт, аан дойдуга барытыгар.
Эмиэ үс күнү быһа стадиоҥҥа аттыбар Россия көҥүл тустууга үтүөлээх тренерэ, биир саамай биллиилээх аксакалбыт 87 саастаах Николай Николаевич Волков биһигини кытта тэҥҥэ чэпчэки атлетиканы көрө олордо. Ити кэмҥэ стадион хонуутугар көҥүл тустуу бара турара. Николай Николаевиһы: “Тустууну тоҕо көрбөккүн”, – диэбиппэр киһим: “Биир да билэр тустуугум суох уонна тоҕо көрүөхпүнүй”, – диэн соһутта. “Даа, оттон ааттаах-суоллаах тустууктарбыт бу үлүгэрдээх улахан түһүлгэҕэ тоҕо тустубаттарый?” – диэбиппэр: “Ону тэрийээччилэртэн ыйыт”, – диэтэ. Тохтуу түһэн баран: “Аркадий Михайлович, билбэт эбиккин, тустуу таһыма түспүтэ сүүрбэччэ сыл буолла”, – диэн баран, автобустар диэки хаама турда. Билии былдьаспаппын эрээри, опыттаах тренер сөпкө этэрэ буолаарай?
Арыый халыйаары гынным быһыылаах. Ол эрээри үрдүк үөрэхтээх физкультура уонна спорт специалиһабын. Төһө кыахпынан 27 сыл үлэлээн, эдэр сааспын спортка анаабыт киһи буоларым быһыытынан ааҕааччым миигин өйдүүрүгэр көрдөһөбүн.
Суругум саҕаланыытыгар төннөбүн.
“Сиэрэ суох холуннарыыны утарабыт” диэн “Туймаада” хаһыакка ыстатыйа тахсыбытынан сибээстээн бииргэ үлэлээбит, спорт эйгэтигэр сибээстээн бииргэ үлэлээбит, спорт эйгэтигэр олохторун анаабыт коллегаларым, ону тэҥэ аҕа саастаах спорт ветераннара сэмэ-суҥха тылларын, ол иһигэр биһигини биир көлүөнэ дьону барыбытын түһэн биэрбиккин диэн миигин буруйдуур, сэмэлиир тыллаах элбэх киһи эппиттэриттэн улаханнык хомойоммун, ону тэҥэ Афанасий Алексеев суруйуутугар сөбүлэспэккэбин ити ааттаммыт ыстатыйаттан бэйэм ааппын төттөрү ыларга быһаарынным.
Атыттар хайдах сөбүлэспиттэрин уонна илии баттаабыттарын ырыта барбаппын, билбэппин.
Убаастабыллаах Михаил Дмитриевич!
Эн билигин норуот депутата уонна Ил Түмэн физкультура уонна спорт сайдыытыгар аналлаах профильнай комитетын салайааччыта буолаҥҥын бары улахан тэрээһиннэргэ кыттаргын билэбин.
Ол иһин, физкультура уонна спорт сайдыытыгар баар итэҕэстэри, алҕастары туоратарга бары күүһү түмэн, сүбэнэн-аманан өссө күүскэ үлэлэһэриҥ буоллар, мин эйиэхэ махтаныам этэ.
Аркадий АЛЕКСЕЕВ.
Быһаарыылар:
— 1980-1987 сылларга Саха сирин ДСО “Урожай” обществотын председателэ буолан үлэлээн, 5 сыл устата Россия ДСО “Урожай” советын көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамятын хаһаайыттара буолбуппут. Ити кэмнэргэ күргүөмнээхтик бииргэ үлэлээбит коллегаларбар махталым улахан;
— 1981 сыллаахха олимпийскай чемпион Роман Дмитриев көҥүл тустууга турнира төрөөбүт дойдубутугар Жиганскайга хаста да ыытыллыбытын, күрэхтэһии таһымын үрдэтээри, тус бэйэм туруорсуубунан, улахан утарсыы баарын үрдүнэн Дьокуускайга көһөрбүт салайааччыбын;
— Тыа сирин спортивнай оонньууларын 4-түү сыл буола-буола көһөрүллэ сылдьан, тыа сиригэр спортивнай база кэҥииригэр, физкультураны уонна спорду маассабайдык пропагандалыыр сыалтан чуолкай графигы олохтообут суолталаахпын;
— Баһылай Манчаары бирииһигэр национальнай көрүҥнэр спартакиадалара кини дойдутугар, Мэҥэ-Хаҥалас Майатыгар, 5 төгүл ыытыллыбытын уларытан, 2-лии сыл буола-буола көһөрө сылдьан ыытары олоххо киллэрэн 1985 сыллаахха Бүлүү куоратыгар, 1987 сыллаахха Аммаҕа үчүгэй тэрээһиннээхтик ыыппыппытын улаханнык астына ахтабын: Аммаҕа саҥа стадион тутуллубута. Бүлүү куоратыгар стадионнара саҥардыллыбыта;
— 1981 сыллаахха Советскай Союз Добровольнай спортивнай обществоларын Советтарын (ССРС спордун комитетыгар тэҥнээх) председателэ үрдүк сололоох Ряшенцев Н.Н. уонна кини I-кы солбуйааччыта Попов В.В. ааттарыгар сурук бөҕөнү суруйаммын, тус бэйэлэригэр хаста да приёмнатаммын тэрилтэлэр олимпийскай резервэлэри бэлэмниир көҥүл тустууга спортивнай оскуоланы астарбытым. Бу бэйэбит кыахпытыгар олус улахан ситиһиибит этэ. 13 тренер штата, дириэктэр, дириэктэри солбуйааччы уонна үрдүк кылаастаах специалист дуоһунастара көрүллүбүттэрэ. Бу оскуоланы Баишев Ю.П. дириэктэрдээн, старшай тренеринэн анаммыт Уваров В.П. олус ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ;
— 1984 сыллаахха Украинаҕа тиийэн коллегаларбар ДСО “Колос” тойотторугар сылдьан, билсиһэн бараммыт солбуйааччыбынаан Михаил Друзьяновтыын Киев куораты уһаты-туора сырсаммыт, спортивнай инвентардары оҥорор байыаннайдар собуоттарыгар ДСО “Динамо” салайааччыларын ууга-уокка түһэрэн, атын сиргэ анаммыт стандартнай 12х12 м иэннээх покрышката да суох буоллар 19 толору комплектаах тустуу көбүөрдэрин ДСО “Колос” нөҥүө бары ороскуотун төлөөн туран, Москваны курдаттаан Саха сиригэр тимир суолунан “Сковородино” станцияҕа харчы бөҕөнү төлөөммүт перевалочнай базаҕа түһэрэн харайбыппыт. Көбүөрдэрбитин элбэх оройуоннарга түҥэтэммит кыайыы-хотуу үөрүүтүн билбиппит.
— 1984 сыллаахха Москваҕа институкка үөрэммит табаарыстарбын булаттааммын эккирэтиһии бөҕөнөн Югославияҕа оҥоһуллубут международнай үрдүк хаачыстыбалаах “Elan” диэн пластиковай 30 паара хайыһары санныбар сүгэммин, “Урожай” сүүмэрдэммит хамаандатын бары бастыҥ хайыһардьыттарын хааччыйаммын санаам улаханнык көтөҕүллүбүтэ. Ол саҕана Саха сиригэр пластиковай хайыһардар улахан дефицит кэмнэрэ этилэр;
— 1986 сыллаахха Майа стадионугар Үөрэх министерствота кыттыгастаах тыа сирин оҕолоругар аналлаах “Эрэл” диэн сайыҥҥы спортивнай оонньуулары толкуйдаан, олус табыллан улахан далааһыннаахтык тэрийбитим. “Эрэл” сайыҥҥы спортивнай оонньууларыгар 23 тыа сирин оройуоннарыттан 585 оҕо кыттыбыта.
Бу хаарыаннаах проекпыт кэлин биирдэ да ыытыллыбатаҕа…
Хаартыскаларга:
1. Майа орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Аркадий Алексеев 100 м сүүрүүгэ 11,4 сөк. Кэлэн Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун саҥа рекордун олохтуур сүүрүүтүгэр. 1957 с., Майа стадиона.
2. Оскуоланы бүтэрбит сылыгар (1957) 200 м уонна 400 м дистанцияларга сахалартан аан-бастаан республика чемпиона буолар. Хаартыскаҕа 200 м сүүрүү кэмэ, А.Алексеев кэнниттэн Л.Дербенёв, В.Бондаренко сүүрэн иһэллэр.
3. “Урожай” ДСО уобаластааҕы сэбиэтин председателэ А.М.Алексеев.
4. Майа сэлиэнньэтигэр “Эрэл” ыччат I-кы тыа сирин спортивнай оонньууларын үөрүүлээхтик аһыы. Тэрийэр комитет председателэ – А.М.Алексеев, Саха АССР Үөрэҕин министрин солбуйааччы А.М.Лыхина.
5. Аммаҕа Баһылай Манчаары спартакиадатын уонна саҥа стадион аһыллыыта. 1987 с.
tuymaada.ru