Арай биирдэ Баайа иһэ ыалдьыбыт. Ааһар ини диэн уонна үнэ сылдьар кыыһыттан тардыстан, дьиэ да үлэтэ, сүөһүтэ, оҕуруота эҥин биричиинэ буолан, ыарыыта ааһарын кэтэспит.
Ону баара хонон турдаҕын аайы ыарыыта ааһыахтааҕар бэргээн иһэр курдук. Хас да хонугу тулуйа сатаан баран, тулуйарын ааһан оҕонньорун бырааһы аҕал диэбит.
Аҕалара баран кэлбит да: “Урукку быраас барар буолбут, саҥа быраас киэһэ кэлиэх буолла. Тутуһа сылдьаллар”, – диэбит. Онуоха Баайа: “Эн мин өлүөхпүн баҕарар буоллаххына барыма. Мин өлүөхпүн баҕарбат буоллаххына бырааһы аҕал”, – диэбит. Аҕалара мэлис гынан хаалбыт. Сотору икки бырааһы илдьэ кэлбит.
Саҥа быраас көрөн баран: “Ничего не понял”, – диэбит. Онтон урукку быраас илиитинэн Баайа иһин баттаан көрөн баран, солбуйааччытын: “Пойдём, поговорим”, – диэбит.
Куукунаҕа тиийэн урукку быраастара: “У неё аппендикс лопнул, дело плохо. У неё перитонит”, – диэбит. Онон санрейс көрдөөбүттэрин “тыала бэрт, сөмөлүөт көтөр кыаҕа суох” диэбиттэр.
Киһи өлүө суох буоллаҕына айылҕа да көмөлөһөр курдук. Сотору чуумпу баҕайы буолла. Онтон арай сөмөлүөт тыаһа иһилиннэ. “Санрейс кэллэ. Быстро да быстро”, – диэн саҥа быраастара массыыналаах кэлбит.
Баайа чугас туох таҥас баарын кэппит, сыгынньах атаҕар унтуутун анньыммыт. Быраас оҕону көрөн эмэр дуо диэбитин, эмэр диэбитигэр илдьэ барабыт диэн дьыбаан сабыытынан оҕону суулаабыт да массыынаҕа тахсан олорон сөмөлүөккэ барбыттар. Хаайтаран сылдьар дьон эмиэ барсыбыттар.
Сөмөлүөккэ олороотторун кытта тыал да тыал бөҕө буолбут. Болталка бөҕө буолбутугар барсан иһэр дьон Баайаны сорохтор илиититтэн тутан, сорохтор түөһүттэн баттаан иһэн өссө баһыыбалааччы да баар үһү. Уопуттаах лүөччүк буолан этэҥҥэ Сангаарга түспүттэр.
Баайа трапка бэйэтэ түспүт. Сиргэ түһээтин кытта тыал дэллэритэн илдьэ бара турбут. Онуоха лётчик: “Больную ветер уносит, поймайте больную”, – диэн үөгүү бөҕө буолбут. Онуоха икки киһи сүүрэн кэлэн икки илиититтэн сиэтэн, санитарка массыынаҕа илдьэн укпуттар.
Балыыһаҕа аҕалан операционнайга киллэрбиттэр. Онуоха быраас: “Раздевайте”, – диэбитигэр сиэстэрэлээх няня сыгынньахтаабыттар. “Быстро на стол”, – диэбитигэр Баайа хайдах остуолга баар буолбутун өйдөөбөтөх. Маҥан таҥас сабыылаах остуолу аҕалан, сабыытын ылааттарын кытта ханна да бартын билбэккэ хаалбыт. Инструменнаах остуолларын көрөөт өйүн сүтэрбит. Уонна үс хонон баран биирдэ өйдөммүт.
Өйдөммүтүгэр: “Оҕоҕун көрбүтүҥ дуо?” – диэбиттэрин суох диэтэҕэ дии. “Бастакы уонна иккис этээскэ көрдөөн булбатыбыт”, – диэбиттэр. Онтон үһүс этээскэ эр дьон палааталарыгар аһыы олорорун булбуттар. Бастаан үнэн тиийбитигэр эр дьон: “К нам дама пришла”, – диэн хата дэлби аһатан, харайан бөҕө буолбуттар. Бука, ийэтэ өйө суох сытарын истэллэрэ буолуо.
Ол Ачихнин диэн быраас билиилээх диэн Дьокуускайга ылбыттар үһү. “Ачихнин барбытын кэннэ ыалдьыбытым буоллар, өлүөхтээҕим хаалбыта”, – диэн кэпсиир Баайа.
Хотунаа.
Үөдүгэй.
tuymaada.ru