Пуле – өсүөл үүтүттэн оҥоһуллубут сербскэй сыр. Пуле билиҥҥи бириэмэҕэ аан дойду саамай үрдүк сыаналаах сырынан ааҕыллар. “Засавица” заповедникка олорор балканскай ослицалар үүттэриттэн оҥороллор. “Пуле” диэн тыл нууччалыы “ослёнок” диэн тылбаастанар. Рецептуратын 1700-с сылларга оҥорон таһаарбыттар. Ослинай үүт ынах киэнинээҕэр 60 төгүл элбэх С витаминнаах, эбиитин сыата олус кыра – баара-суоҕа 1%. Минньигэс соҕус эриэхэ амтаннаах үһү. Биир киилэтин сыаната – 1000-1700 доллар (73-124 тыһыынча солкуобай).
Сицилияҕа оҥоһуллубут качокавалло сыр. Качокавалло сыры атыннык “конский сыр” диэн ааттыыллар, ол гынан баран биэттэн буолбакка ынах үүтүттэн оҥороллор. Оннук ааттаабыттар, тоҕо диэтэххэ сыры полкаҕа уурбаттар – акка анаммыт ыҥыыр суумкатын курдук көстөр гына мөһөөччүк курдук ыйаан кэбиһэллэр. Онтон качокавалло подолико диэн сыры оҥороору подолица диэн сэдэх ынах боруодатын үүтүн тутталлар. Ынаҕы экологическай ыраас сиргэ иитэллэр, үчүгэй оту сиэтэллэр, сороҕор отонунан аһаталлар. Ол эрээри ынахтар кыра сыалаах үүтү биэрэллэр, онон сыаната үрдүк. Киилэтин сыаната – 1430 доллар (104 тыһыынча солкуобай).
Уайт Стилтон Голд – кыһыл көмүһүнэн киэргэтиллибит сыр. Сырнай тэриэлкэ – гурманнар сөбүлүүр астара. Уайт Стилтон Голд – оннооҕор британскай королева остуолугар ууруллуон сөптөөх күндү сыр. 24-каратнай сусальнай кыһыл көмүһүнэн киэргэтэн оҥороллор. Элитнай сыр оҥоһуллар дойдута – Великобритания, “Clawson” хампаанньа сыроделлара оҥороллор. Оҥоһуута олохтоох сокуонунан харабылланар, ол иһин Ноттингемширгэ, Дербиширгэ уонна Лестерширгэ эрэ оҥороллор, атын сирдэргэ оҥоһуллубат. Атыылаһааччылар (Персидскэй залив шейхэ уонна поп-эстрада сулустара) ааттара биллибэт, кистэнэр, кинилэр бэйэлэрэ даҕаны ааттарын этиэхтэрин баҕарбаттар… “Кыһыл көмүс” сыр киилэтин сыаната – 1000 доллар (73 тыһыынча солкуобай).
Тайах үүтүттэн оҥоһуллубут швейцарскай сыр. Тайах үүтүн сыра Швецияҕа, Бьюрхольм куоракка оҥоһуллар. Сууккаҕа тайахтар кыра үүтү биэрэллэр, биэс литрэ курдук. Онтон сыыһа ииттэххэ уонна аһаттахха отой даҕаны биэримиэхтэрин сөп. Элбэх сыры оҥорор кыаллыбат, ол иһин наһаа сыаналаах буолар. Амтана тугу да кытта тэҥнэммэт үһү. Биир сыл иһигэр производителлэр баара-суоҕа биир эрэ тонна сыры оҥорон таһаараллар. Киилэтин сыаната – 900 доллар (65 тыһыынча солкуобай).
Битто Сторико – ынах уонна коза үүттэриттэн оҥоһуллубут альпийскай сыр. “Битто” диэн аат кельтскайтан bitu – “вечный” диэнтэн тахсыбыт, ол иһин сыр бэлэм буолуор диэри олус өр турар. Хас даҕаны сиргэ бэлэмнэнэр: Лекко, Бергамо уонна Сондрио провинцияларыгар, Италияҕа. 1400-2000 метрэ үрдүктээх хайалар сирдэригэр олорор ынахтар үүттэринэн оҥоһуллар. Производство технологиятынан коза үүтүн эбэллэр – 20%-ҥа диэри. Сыр бэлэмнээһинин сылы эргиччи буолбакка, бэс ыйын саҕаланыытыттан балаҕан ыйын бүтүүтүгэр диэри оҥороллор. 70 күнтэн 10 сылга диэри ситтин диэн ууруллан туруон сөп. Биир киилэ сыры 300 долларга атыылаһыахха сөп (21 тыһ. солкуобай).
Эпуас – монашескай орден рецебинэн оҥоһуллубут французскай сыр. Дьикти текстуралаах, эмиэ да аһыы, эмиэ да минньигэс амтаннаах сыры Наполеон сөбүлүүр этэ, онтон Брилья-Саварен бу сорду “король сыров” диэн ааттыыра. Гурманнар олус сыаналыыр шедеврдарын бастаан XVI-с үйэҕэ французскай дэриэбинэҕэ католическай орден монахтара оҥорон таһаарбыттар. Билигин Кот-д’Ор департамеҥҥа ынах үүтүттэн оҥороллор. Ол кэнниттэн, сыр төбөтө сиппитин кэннэ, олохтоох винонан сууйаллар, оччоҕуна амтана олус “сытыы” буолар. 1-2 ый туруораллар, онтон сииргэ бэлэм буолар. Амтана ураты буолан, любителлэргэ эрэ барсыан сөп. Киилэтин сыаната атыттардааҕар арыый чэпчэки – 90 доллар (6 тыһ. солкуобай).
Бофор – Римскэй империя рецебинэн оҥоһуллубут альпийскай сыр. Франция өссө биир сыаналаах сырынан киэн туттар. Альпаларга XVII-с үйэттэн саҕалаан Римскэй империя рецебинэн олохтоох монахтар оҥорон таһаарбыттар. Бастаан сыры “вашрен” диэн ааттыыр этилэр (Vacherin, от vache – корова), онтон “Бофор” диэн ааты 1865 сыллаахха ылбыт, оҥоһуллар дэриэбинэтин чиэһигэр ааттаабыттар. 1 киилэ сыыры оҥорорго 11-тэн тахса литрэ үүт наада, ол үүтү Альпаларга олорор ынахтартан ылаллар. Оҥоһуллан баран сыл аҥаарыттан биир сылга диэри турар, онтон биирдэ бэлэм буолар. Биир киилэтин сыаната эмиэ 90 доллар (6 тыһ. солкуобай).
Роуг Ривер Блю – халлаан күөх түүнүктээх американскай сыр. Күһүҥҥү ыйдарга эрэ бэлэмнэнэр сезоннай сыр. Ылыллыбыт ынах үүтүн амтана хойуу, састаабынан сөптөөх буолар. Орегон штакка, Грантс-Пасс куоракка “Rogue Creamery” диэн хампаанньа оҥорон таһаарар. Сливочнай Роуг Ривер Блю халлаан күөх түүнүктээх, халыҥ текстуралаах, фрукта-эриэхэ амтаннаах. Биир киилэтин иһин 80 доллар.
Горау глас – английскай характердаах сыр. Горау глас – Англия гурманнарыгар аатырбыт сыр. 2002 сыллаахха Маргарет Дэвис диэн үүт фермерэ оҥорон таһаарбыт. Англичаннар олус күүскэ сөбүлээбиттэр. Маргарет алҕаска сыровар буолбут. Уол оҕото специализированнай курстарга барыахтааҕын барбатах, онон бэйэтэ баран үөрэммит, тоҕо диэтэххэ үөрэх харчыта төлөммүт этэ. Бастакы уруоктарын Маргарет олус интэриэһиргээбит, үөрэҕин сөбүлээбит. 2002 сыллаахха “Gorau Glas” сыр “British Cheese Awards” диэн конкурска кыайбыт уонна кыһыл көмүс мэтээли ылбыт. Онтон ыла Англия улуу, биллэр рестораннарыгар атыыланар буолбут. Сыаната – биир киилэ иһин 80 доллар (5 800 солкуобай).
Виннимер – еловай ноткалардаах кыһыҥҥы сливочнай сыр. Сымнаҕас кремовай текстуралаах уонна еловай ноткалардаах минньигэс сүөгэй амтаннаах сыры американецтар олус сөбүлүүллэр. Вермонт штакка, Джаспер Хилл фермэтигэр кыһыҥҥы бириэмэҕэ эрэ оҥоһуллар. Ол кэмҥэ ынахтар олус үчүгэй хойуу үүтү биэрэллэр. Аан дойду үрдүнэн саамай сыаналаах сырдарга киирсэр. Биир киилэтин сыаната – 60 доллар (4 380 солкуобай).
Тарбаахаптыы эттэххэ – минньигэстик аһааҥ! Силбитин эрэ быһа ыйыстабыт дуу… Холобур, мин оннук гынным.
Хаартыскаҕа: 1. Уайт Стилтон Голд. 2. Битто Сторико.
Бэлэмнээтэ Дмитрий СИВЦЕВ.