Иллэрээ сыл тыа оҕонньоро Якутскай куорат олохтооҕо аатыран, дойдубун ахтыбычча ыаллыы олорбут, өр сылларга трактор көлөттөн түспэккэ уһуннук үлэлээбит биир идэлээхпэр, элбэх оҕолоох, сиэннэрдээх чугас ыалбар Василий Семёновичтаахха хоноһолоотум. Кэргэнэ Раиса Гаврильевна минньигэс аһын тото аһаан, уонча хоннум.
Ыалларым уонча сүөһүнү иитэн, саҥардыы бааһынай хаһаайыстыба тэриммит улахан уолларыгар Толикка биэрэн туора муостааҕын элбэттилэр. Сүөһү, сылгы кыстыгы этэҥҥэ туоруулларыгар сөптөөх оту чөкөтөн олороллор. Эдэр ыал оҕолоро, оҕолорун илдьэ сылдьан от үлэтин кыайа-хото туталлар.
Бэйэм оттуур ходуһам ардахтаах сайыҥҥа, көлүкэ уулара ардахха эбиллэн, күөлгэ кубулуйда. Молдаван күтүөтүм дьиэтин анныгар баар эбэҕэ илимнээн, биэс кыра балыгы биэрдэ. Ходуһаҥ уутугар ыытан үөскэт диэтэ. Бэс ыйын ылааҥы күнүгэр кэргэммэр алаадьы буһаттаран, балыкпын ходуһам уутугар ыыта бардым. Күөлбэр тиийэн уот оттон уоппар алаадьы биэрдим. Чуумпуран турар уубар балыктарбын ыыттым. Үөскүүр-ууһуур уубут диэбиттии устан хааллылар. Күөлүм уу-чуумпу уутугар балыктарым төкүнүк иилэри таһааран бардылар.
Төрдүс сайыммар ыалым Аркадий күлбүт-үөрбүт сирэйдээх киирэн кэллэ: “Дьэ, нокоо! Күөлгэр кытылга балык бөҕө ыан имитэ сытар”, – диэтэ. Күтүөтүм илимнээх, тыыгын сүгэн барыахха диэн соруйда. Күөлбүт уута балык оонньууруттан оргуйа олорор. Илимнэрин түһэрэн, төннөллөрүгэр балык харыыта суох туппут пакекка толору балыктаах кэлбиппэр эмээхсиним үөрүүтэ сүрдээх. Ходуһабыттан чугас сытар ууларбар балык ыыталаатым. Балык бөҕө үөскээн, дьон абыраммыта.
Кэлин курааннар кэлэннэр күөлүм олоччу уолан хаалла. Ол оннугар от бөҕө үүнэн, Назаровтар абыраммыттар. Сирбин-уоппун көрөн, куораттаары сырыттахпына кэргэним отонноох кытыаҥҥа аҕал диэн соруйда. Дойдубар кытыан дэлэй. Кэргэним дойдутугар кытыан элэ үүммэт эбит, хата ырыаҕа ылланар сардаана сибэкки үүнэр. Кытыан хомуйа эбэм уҥуор бардым. Уҥуор аймахтарым Тууйастар, Ардьаахтар олорбут өтөхтөрүттэн чугас оҕо сааспар дэриэбинэм оҕолорунуун элбэхтэ сөтүөлээбит хоруубар бардым.
Эбэм уҥуорунан сылдьыбатаҕым букатын үйэ аҥаарыттан ордубут. Балыыһа аннынан уолбут үрэх омоонунан туораан, хонуунан баран истэхпинэ ойууртан биир суор саҥара-саҥара көтөн иһэн, мин диэки салалынна. Хонууга соҕотох турар хатыҥҥа олордо. Тэйбитим кэннэ саҥара-саҥара ойуур саҕатыгар үөккэ олордо. Салгыы тиийиэхтээх үрэҕим омоонугар, кытыыга улахан дулҕанан төгүрүччү үүммүт дулҕаҕа олордум. Суорум көтөн кэлэн, миигиттэн чугас үөккэ олордо. Тугу эрэ мөҥүттэрдии кулук-халык саҥарар.
Куоракка көһөөрү сүөһүлэрбин сүүстээн, уһаайбам уһугар хаппыт улахан харыйаҕа куруук икки суор мэлдьи олорор буолааччылар. Сүөһү өлөрбүт миэстэбэр хас да күнү супту аһаатахтара. Ол-бу быччаххайы, сыаны киэҥ ааным баҕанатын үрдүгэр уурдахпына суордарым көтөн кэлэн тумсуларынан ытыран бараллар. Сохсоҕо баттаппыт кутуйаҕы, килиэп хоруоскатын ууруом эрэ, сонно көтөн кэлэн илдьэ бараллар. Ол суор баҕар мин аһаппыт суорум буолуо. Үөккэ олордоҕуна “тоҕо киһини сырсаҕын, аһатар тугум да суох” диэтим. Суорум өс киирбэх хара тыатыгар көтө турда.
Хоруум таһыгар дулҕаҕа олордохпуна, сөтүөлүү сылдьарбыт харахпар көстөн кэллэ. Биир бэйэм 70 сааспар чугаһаан сылдьабын. Ол саҕана төрөппүт дьонум бааллара. Биһиги күн кыһалҕата суох сөтүөлээн, кииһилэ, хаптаҕас сиэн, дьиэбитигэр диэри кумаартан куотан сүүрэрбит. Бурдук буһуута эбэм уҥуор дэриэбинэм тупсан көстөрө. Буспут бурдук сиккиэр тыалга нуоҕайа хамсыыра, бука этэр соҕуруу дойдуттан итэҕэһэ суох буолуо.
Оҕо сааспар хорууга сөтүөлэспит сорох оҕолор сирдээҕи олохтон барбыттара хомолтолоох. Эмээхсиним сорудаҕын толорон, сөтүөлээбит хоруум оҕо сааспын элбэҕи санатта. Кыра бириэмэҕэ оҕо сааспар түһэн ыллым.
Тобуй ӨЛҮӨСЭ.