Криокорм – кыһыннары күөх үүнээйи
Кырдьыгынан этиим. Мин бэрт кэнникээҥҥэ диэри крикорм диэн туох үүнээйитин билбэт этим. Онтон биһиэхэ Чурапчыга 2011-2015с.с. ТХУ насальнигынан т/хаһ-н билимин кандидата Филатов А.С. үлэлии сылдьыбыта. Кини билигин Аграрнай университекка үлэлиир үһү. Онон криокорм туһунан бастаан Александр Семеновичтан билбитим. Онтон…
Криокорм диэн туох үүнээйиний?
Криокорм диэн эбиэс, рапс, горох уо.д.а үүнээйилэр сиэмэлэрин сайын хойутуу, от ыйын ортотун диэки ыстахха балаҕан ыйын бүтүүтэ сиэмэтэ ситэ буспакка, чээлэй күөхтуу тоҥон хаалар үүнээйини этэр эбиттэр. Быһаччыта, биһиги тымныыбытын туһанан күөхтуу кэнсиэрбэлэммит от, бурдук диэххэ сөп.
Бу криокорму Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын научнай – чинчийэр институтун учуонайа В.А.Румянцев үөрэтэн, дакаастаан, саҥа арыйыы быһыытынан патент ылбыт. Мин кинини биирдэ Чурапчыга быстах көрсөн кэпсэтэн ааспытым. Онуоха кини уонна Д.В. Румянцеваны кытта «Производство зеленого криокорма в центральной Якутии» диэн 2010с. тахсыбыт кыра кинигэтин (брошюратын) автографтаан бэлэхтээбитэ. Онтон ыла криокормунан “ыалдьаммын” олохтоох хаһыаппар хас даҕаны ыстатыйалары суруйбутум. Холобур «Ынахтарым күөх оту сирэллэр» диэн. Ити 10-ча сыллааҕыта. Ол саҕана улууспутугар криокорму ыһыы син тэнийэн испитэ даҕаны, хомойуох иһин кэнники кэмнэргэ уостан хаалла.
Криокорму бааһынаны бэлэмнээн баран от ыйын 9-20 күннэригэр халлааны көрө сылдьан ыһар эбиттэр. Үүнэр болдьоҕо ортотунан 60 хонук. Оччотугар балаҕан ыйын бүтүүтэ умнаһа толору уһаан баран сиэмэтэ ыктахха үүт курдук үрүҥ симэһин (восковая спелость) буолан баран тоҥон хаалар. Учуонай Г.Угаров этэринэн хайа даҕаны үүнээйи +4 кыраадыска үүнүүтэ тохтуур үһү. Ол кэнниттэн тымныылар түстэхтэринэ сайыҥҥылыы, күөхтүү тоҥон чэлгийэн, иҥэмтэлээх эттиктэрин төрүт кэриҥэ сүтэрбэккэ туран хаалар. Онон криокорм күөх ыһыыттан уратыта диэн ыһыллар- хомуллар болдьоҕо эрэ атын. Технологията туох да улахан уустуга, уратыта суох.
Онтон ордуга туохханый? Холобур, оту-бурдугу куурдан баран хомуйдахха, иҥэмтэлээх эттиктэрин 40-45%-на, силистээһиҥҥэ 30-35%-нын, сенажтыырга 17-20%-н сүтэрэллэр эбит. Онтон криокорм, атыннык эттэххэ тоҥорон кэнсиэрбэлээтэххэ, от-бурдук баара суоҕа 5%-н курдугу сүтэрэрэ биллибит. Учуонай В.А. Румянцев бигэргэтэринэн күөх криокорм каротинын ахсаана оттооҕор 20(!), протеина 4,2(!) төгүл элбэҕэ дакаастаммыт. Тэҥнээн көрүн! Хайдахтаах курдук уратылааҕый, ордугуй? Букатын, этэргэ дылы, «өлбөт мэҥэ уутугар» тэҥнээх үүнээйи! Хатылыыбын, криокорм оттооҕор каронтина 20(!) төгүл, протеина 4,2(!) төгүл элбэх. Киһи сымыйанан эппитин курдук! Атын ордугунан криокорм хойут ыһыллар буолан бурдук ыһыытын, хомуйуутун, от үлэтин мэһэйдээбэт. Онтон күөх ыһыы үлэлэрэ, бурдук хомуурун кытта бириэмэтинэн алтыһар, онон сороҕор мэһэйдэһэр. Аны туран хойуутук үүммүт күөх маасса охсуллан баран, кууран биэрбэккэ моһуоктуур, күһүҥҥү ардахтарга баттатан иҥэмтэтин улаханнык сүтэрэрэ үгүстүк тахсар. Онтон криокормҥа туох даҕаны куурдуу-хатарыы, элбэх плёнка, пресс быаны атыылаһан ороскуотуруу, рулоннааһын даҕаны наадата суох буолуон сөп.
Муҥур уһукка, ыксаатахха, сылгы үөрүн, убаһалары, мөлтөөбүт биэлэри, ынах даҕаны сүөһүлэри киллэрэн, биир кэппиэйкэ ороскуота суох бэйэлэринэн “хомуйтардахха” ыйааһыннара эбиллиэ, туруктара тупсуо. Онтон хомуллубут криокорм отун-бурдугун төрдө, кэнчээритэ ордук сылгы сүөһүгэ үтүө аһылык буоллаҕа. Аны туран криокорм хойут ыһыллар буолан, биһиги усулуобуйабытыгар күһүҥҥү ардхтарга сөп түбэһэрэ, кини өлгөмнук үүнэригэр төрүөт буолар.
Өскөтүн 1 гектар орто үүнүүлээх ходуһаттан иҥэмтэлээх эттиктэрин аҥаарын кэриҥэ сүтэрбит 1-2 тонна оту ылыахха сөп эбит буоллаҕына, оччо сиртэн (бааһынаттан) 10-15 тонна чээлэй күөх криокорму хомуйуохха сөп.
Нөмүгү опытнай учаастагыттан 1 гааттан 34(!) тоннаҕа тиийэ үүнүүнү ылбыт практика кытта баар эбит. Аны туран криокорму ынах-сылгы эрэ сиир буолбакка, табаҕа, сибиинньэҕэ, дьиикэй да кыылларга эмиэ бэртээхэй иҥэмтэлээх аһылык буолара дакаастанан турар.
Атыннык эттэххэ, криокорм диэн Сахабыт сирин буор-босхо тыйыс тымныытын туһунан, күөх үүнээйини тоҥорон харайыы буолар. Онтон тоҥоруллубут ас-үөл, үүнээйи уһун кэмнэргэ улаханнык буорту буолбакка харайылларын бары билэбит. Криокорм, суруйбутум курдук, оттооҕор иҥэмтэтинэн хас эмэ төгүл ордук, комбикорманы, сиилэһи, сенаһы солбуйар аһара көдьүүстээх сүөһү аһылыга.
Криокорманы ким барыта, биирдиилээн ыал, кыра бааһынай даҕаны аҕыйах суотай, гектар сири оҥорон, илиинэн даҕаны ыһан үүннэриэхтэрин сөп. Арай бөҕө-таҕа күрүө эрэ наада. Криокорм комбайҥҥа, уустук техникаҕа соччо наадыйбат. Онон суолтатын өйдөөтөххө, баҕарар, кыһаллар буоллахха криокорманы үүннэрии олус уустук дьыала буолбатах диибин.
Оо! Абакка! Мин эдэрим буоллар хайаан даҕаны ыһыам этэ. Холобур 1 гаа бааһынаны ити суруйар фрезалаах, тараахтаах кыра кытай тыраахтарынан биир күн оҥорон илиибинэн даҕаны ыһыам этэ. Кураан сайын буоллаҕына 1-2 күн ол сирбин носуоһунан ыстаран баран ыстахпына кырата 15-20(!) тонна ылыахпын сөп. Ону хаар түһүөн иннигэр мустаран, бугуллаан баран кыһыннары кыра-кыралаан, эбэтэр барытын эрдэ тиэйэн кэбиһиэм этэ. Криокорм ордук сылгы иитээчилэргэ олус туһалаах аһылык буолара чуолкай. Онно туох нааданый? Онно баҕа уонна сүрэх эрэ наада. Сүрэхтээх, баҕалаах, үлэһит киһи үүннэриэн сөп бөҕө.
Криокорму кимнээх үүннэрбиттэрэй?
Ити үөһээ ахтыбыт В.А. Румянцев, Д.В. Румянцева кыра книгэлэригэр маннык суруллубут.
1985 с. «Күүлэт» сопхуос (Бүлүү) 4,5 гектарга ыһан 80,2т криокорму хомуйбут.
1998 с. Өймөкөөҥҥө «Учугэй» ОПХ 0,87 гектартан 11,4 тоннаттан үүннэрбит. Көрүн, оннооҕор тымныы полюһа Өймөкөөҥҥө гаатыгар таһаардахха 13 тоннаны ыла сылдьыбыттар эбит.
2000 с. Аммаҕа «Бөтуҥ» ТХПК 195 гааҕа ыһан ортотунан гектартан 11(!) тоннаны үүннэрбит.
Онтон биһиэхэ Чурапчыга кэллэххэ, эрдэ суруйбутум курдук, 2001с. мин от ыйын саҥатыгар боруобаҕа гектар аҥарын курдук кырыс, мэччирэҥ сири ардах кэниттэн чэпчэки диискэнэн, тарааҕынан (борона) дэлби бытарытан, хараардан баран илиибинэн ыспытым. Онтукам балаҕан ыйын ортотун саҕана киһи курданарынан хойуу, күөп-куөп эбиэс үүнэн тахсыбыта. Ону ынахтарбар сиэппиппэр үүттэрэ тута эбиллибитэ. Онтукам, аны санаатахха, криокорм курдук эбит.
2013с. Сылаҥҥа Пётр Трофимов диэн фермер үүннэрбит криокормун кыһын ыанар ынахтарыгар биэрбитэ, кэннигэр турар сүөһүлэр ону көрөн, кэннилэрин хайыһан тураллар диэн кэпсээтэ. Ону истэн хаһыакка ол туһунан «Ынахтара күөх оту сирэллэр» диэн ыстатыйа суруйбутум.
Эмиэ ити кэмнэргэ Алаҕарга Россия үтүөлээх фермера «Кырымах» б/х баһылыга Н.Н. Лыткин бөһүөлэктэн тэйиччи 10-тан тахса гектардаах бааһынаҕа криокормҥа анаан бурдук ыспыт. Онтуктара курааннаан киһи бэрбээкэйинэн хойуутук үүнэн баран тохтоон хаалбыт. Киһи сатаан оҕустаран хомуйбат буолбут. Ону кыраһа хаар түспүтун, муус тоҥмутун кэннэ хотонун сүөһүлэрин биир күн үүрэн иппит. Онтукалара киэһэ истэрэ мээчик курдук буолбуттарын үүрэн аҕалбыт. Сарсыныгар хотонуттан таһаарарын кытары атахтарын өрө тэбэ-тэбэ сонуоктарын диэки түһэ турбуттар.
Оннук ый аҥаарын курдук мэччитэн ынахтарын үүттэрэ сайыҥҥыллыы элбээбит, идэһэлэрэ өссө эбиллибиттэр. Онон атаһым Ньукулай сонуокпун хомуйбаккабын төрүт ночоотурбатым, хата үүт-эт бөҕө эбилиннэ диэн миэхэ кэпсээбитэ.
Итинтэн сиэттэрэн ордук сылгынан дьарыктанааччылар криокорму ыһан баран төрүт хомуйбакка даҕаны хастардахтарына, эмиэ ночоотуруо суоҕа эбиттэр. Букатын ыарахан сыаналаах тоннанан бурдугу абылаһыахтааҕар субсидиялаах сиэмэни булан 1-2 күн үлэлээн криокорм ысталлар барса быдан буолуо этэ диибин.
Түмүк
Криокорм ити үлүгэр “өлбөт мэҥэ уутун” курдук олус туһалааҕын, иҥэмтэлээҕин үрдүнэн ыһыыта адьас өнүйбэтэ. Биһиги диэки букатын сүтэн эрэр. Тоҕо? Мин саныахпар үөһээ салайааччылартан саҕалаан криокорм суолататын, туһатын ситэ өйдөөбөттөр. Онон “ыалдьар”, “умайар”, а5ытаассыйалыыр дьоннор, суохтарын кэриэтэ. Онуоха эбэн, куруук суруйарым курдук, үөһээлэрбит гигантоманиянан “ыалдьан” 300 гектар ыһыылаахтарга эрэ наар көмөнү оҥорон атыттарга төрүт кэриэтэ болҕомто, көмө суох кэриэтэ буолбута оҕуста диибин.
Ол иһин куруук суруйарбын эмиэ хатылыыбын. Сири оҥорууга, бааһынаҕа, ыһыыга улахан суолта биэрэ иликпитинэ төрүт өнүйүөхпүт суоҕа. Онон сибээстээн, ити мин этэрим курдук, чааһынайдары баҕастары бары ыанар ынах баһыгар 0,5 гектардаах бааһыналаах буоллахтарына киилэ үүт субсидиятын 10 солк. эбэр киһи бары хамсаммытынан барыа этилэр. Маныаха бары КП-р, улахан бааһынайдар, сорохторо ыспаталлар даҕаны, бары кэриэтэ бааһыналаах буолуохтара. Бааһына арай чааһынайдарга, кыра бааһынайдарга үгүстэригэр суоҕа чахчы.
Онтон 2 ынахтаах кэтэх ыал, а5ыйах ынахтаах фермер үүтүн сыаната 10 солк. улаатар буолла5ына бааһыналаныахтарын сөп бөҕө. Манна бюджеттан биир солк. көрүллүмүөн сөп. Көннөрү көрүллүбут сыанаттан 10 солк. көҕүрэт да бүттэҕэ дии. Хата бюджет ордуктаах хаалыан сөп.
Онтон эһиилгиттэн кэтэхтэртэн үүт тутуллубат, ынах төбөтүгэр 35 тыһ. көрүллэр буоллаҕына криокорм буолуохтааҕар кэтэхтэргэ бааһына, күрүөлээһин туһунан кэпсэтии даҕаны барыан табыллыбат. Үүт соҕотуопката аччыыра, кэтэхтэр сүөһүлэрин боруодата кэхтэрэ, албын-көлдьүн элбиирэ туох даҕаны мөккүөрэ суох. Бу туһунан син биир суруйа туруом.
Түмүгэр, ким сүөһүттэн элбэх үүт-эт ылыан баҕалаахтар кыра да сиргэ оттон 2-3 төгүл иҥэмтэлээх криокорму ыстаххытына төрүт ночоотуруоххут суоҕа. Оччотугар эккит-үүккүт, дохуоккут-харчыгыт элбиирэ эмиэ мөккүһүллүөн табыллыбат.
Уйбаан ПОНОМАРЁВ.
Чурапчы.
tuymaada.ru