Биһиги бырааппытын 2019 сыллаахха күн сириттэн суох гыммыт С. диэн киһи билигин да босхо көччүйэ, арыгылыы-арыгылыы күүлэйдии сылдьар. Дьыала маннык…
…2019 сыллаахха бэс ыйын 5 күнүгэр биһиги бырааппыт, өлөр быата тартаҕа буолуо, билбэт үс уолун кытары уулуссаҕа билсиһэн баран, кыбартыыраҕа тиийэн арыгы испиттэр. Топпокколор икки уол өссө арыгы ыла барбыттар. Биһиги бырааппыт С. диэн уоллуун хаалбыттар.
Онтон туохтан эрэ айдаарсан баран, С. биһиги бырааппытын үлтү кырбаан кэбиспит. Сотору соҕус буолан баран били арыгы ыла барбыт уолаттар кэлбиттэр. Аны олорго киһиргээн буолуо, нэһиилэ сытар киһини эмиэ хаста да тэбиэлээбит. Бырааппыт өйүн сүтэрбитин кэннэ соһон таһааран подъездка быраҕан кэбиспиттэр.
Сарсыарда сэсиэд эмээхсин хайы-үйэҕэ көһүйэн хаалбытын булан, полицияларга тыллыыр. Полиция кэлэн сэсиэдтэртэн быһаарыы ылар, сиэбигэр кумааһынньыга да, пааспара да суох (кэнники табаарыһа көрдөрөрүнэн пааспарын наар портмоне суумкаҕа укта сылдьара диир). Ол иһин биллибэт өлүк диэн протоколлаат, бараллар.
Ол оннук хаалар, өлөрүөхсүтү көрдүү да сатаабаттар (по горячим следам). Холуобунай дьыала тэриллибэт, сводкаҕа “найден труп неизвестного мужчины, азиатской внешности со следами насильственной смерти” диэн суруллар. Уонна бүттэ.
Онтон бэс ыйын 8 чыыһылатыгар миэхэ биир аймаҕым төлөппүөннээн: “Бассаапка биһиги бырааппытын өлөрбүттэр диэн кэллэ, ыйыталаһан бил эрэ”, – диэтэ. Мин иһиттим-истибэтим диэт төлөпүөн үрдүгэр түһэн, дьуһуурунай чаастарга эрийтэлээн бардым. Дьуһуурунай чаас булуллубут өлүк биһиги бырааппыт буоларын бигэргэттэ уонна толору аатын, хантан сылдьарын, хас сыллаах төрүөҕүн эттилэр. Бэйэтигэр туох да докумуона суох этэ, ити барыта дактилоскопия түмүгүнэн билиннэ диэтилэр. Дьыала следственнай отделга баар диэтилэр.
Дьэ мин онно түргэн үлүгэрдик тиийдим. Следственнай отдел аһаҕаһын аһаҕас да, следователлэр үксүлэрэ өрүү сылдьар эбиттэр. Аҕыйах кабинет аһаҕас. Син ыйыталаһан дьыаланы ким диэн следовательга биэрбиттэрин биллим даҕаны, следователим бэс ыйын 11 күнүгэр биирдэ кэлэр диэтилэр. Бука Кыайыы күнүн бэлиэтээн, өрүү-сынньана сыттаҕа.
Бырааппытын морга илдьибиттэр диэн буолла. Аны онно бардым, кырдьык кини дуу, атын киһини буккуйбуттара дуу диэн билээри. Хата морг үлэһиттэрэ бырааһынньык кэннэ кэлээр диэбэтилэр. Көрдөрдүлэр, биһиги бырааппыт сытаахтыыр… Этэ, сирэйэ барыта күөх баламах буолбут. Сидьиҥник кырбаммыта көстөр.
Бэс ыйын 11 күнүгэр оруобуна 9 чааска кэллим. Следователим хата баар эбит. Майор сыбаанньалаах, омугунан бүрээт. Бурятияттан практикаҕа дуу, көмөлөһө дуу диэн Дьокуускайга командировкаҕа кэлбит. Следствие өттүттэн туох да үлэ барбатах. Хантан билэн кэллигит диэн ыйытар. Мин бассаапка кэлбитэ диибин, ону биһиги ханна да ыыппатахпыт ээ диир. Көннөрү бомж дии санаабыппыт диэннээх. Ол аата тугуй, бомж да киһи буолбатах дуо? Бомж буолла да дьыала сабыллыахтаах диэн дуо? Ону мин “дьэ дьиэлээх-уоттаах, үлэлээх киһи этэ” диибин.
Ол эрэ кэннэ хамсаннылар, холуобунай дьыала тэрийдилэр. Буруйдаах С-ы булан хаайдылар. Экспертиза түмүгүнэн биһиги бырааппыт сүрдээх элбэх эчэйиилээх эбит. Ол курдук:
— разрыв брыжейки тонкой кишки с повреждением верхней брыжеечной артерии, кровоизлияние в брюшину, гимоперитонеум, разгибательные переломы 4, 5, 6 рёбер, кровоизлияния в лобной, височной области, ушибленная рана слизистой оболочки нижней губы… Множественные ссадины, кровоподтёки… (барытын суруйбатым).
Бу маннык үлүгэрдик барытын биир киһи кырбыан сөп дуо диэн боппуруос үөскүүр. Аны туран пааспара, кумааһынньыга сүппүтүн эмиэ следователь билэ сатаабата (дьиэтигэр пааспарын булбатахпыт, ол аата укта сылдьыбыта чуолкай).
Сотору соҕус кэминэн били бүрээт следовательбыт барбыт аатырда, дьыаланы атын следовательга биэрбиттэр. Көмөҕө кэлбит бүрээппит оннук дуоннаах көмөнү оҥорбокко бардаҕа. Иккис следователь эмиэ улахан тугу да үлэлээбэт, кэнники истибитим отой да уурайбыт дуу, үүрүллүбүт дуу диэн буолбута.
Дьыала үһүс следовательга кэлэр. Син үлэлии сатыыр, дьыаланы бүтэриэҕин аны били бииргэ арыгыласпыт сибидиэтэллэрин кыайан булбаттар, күрээбиттэр диэн розыскаҕа биллэрдибит диэтэ. Бириэмэ бардар баран иһэр. Сибидиэтэллэрбит көстүбэтилэр. Буруйдаах С. мин отой да биирдэ эрэ тэппитим диэн көрдөрүү биэрбит, өссө адвоката буруйданааччы оҕо сылдьан атаҕын эчэтэ сылдьыбытын туһунан справка булан аҕалбыт уонна маннык ыалдьар атаҕынан итинник күүскэ эчэтэр кыаҕа суох диир. Ол иһин хаста, хайдах тэппитин дакаастаары ол бииргэ арыгылаабыт уолаттарын кытары очнай ставка онороору гыналлара дьоно күрээн хаалбыттар.
Ол оннук дьыала бүппэт, аны төрдүс следовательга тиксэр. Номнуо биир сыл ааһа охсор. Били хаалла сытар буруйданааччы С. срога бүтэр диэн буолла. Прокурор уһаппатах, инньэ гынан С. следственнэй изолятортан босхолонон хаалар.
Син кэмниэ-кэнэҕэс били күрүөйэхтэри булан, очнай ставка ыытан дьыаланы бүтэрдибит диэн, бырааппыт бииргэ төрөөбүт убайын оройуонтан ыҥыртаран дьыаланы кытары билиһиннэрэллэр. Уонна кэтэһиҥ, суукка ыҥырыахтара дииллэр.
Кэтэһэбит, туох да биллибэт. Аны били аан дойдуну аймыыр ыарыыбыт ковид-19 саҕаланар. Сууттар тохтууллар, бары дистанционнайга көһөллөр. Дьыалабыт ол тухары биллибэт.
Күһүөрү, ыарыы намтаабытыгар эмиэ сураһан бардым. Следствие начальнигар киирэ сырыттым, дьыаланы көрдөтөн көрдө да булбатылар. Буллахпытына биллэриэхпит диэн буолла.
Аҕыйах хонон баран дьыаланы буллубут диэн биллэрдилэр. Архыыптан булан ылбыттар. Оттон дьыала бүтэн суукка барбыта диэбиттэрэ дии, диэн этэбин. Онтукам баара прокурор дьыала ситэтэ суохтук барбыт диэн төттөрү ыыппыт эбит. Ону следователь архыыпка ыытан кэбиспит буолан тахсар.
Хайдах итинник киһи өлөрүүлээх дьыала ситэри быһаарыллыбакка архыыпка барара буолла. Онтон маннык дьыалалар, мин урут үлэлиирим саҕана, прокуратураҕа улахан ирдэбилгэ турар буолар этилэр дии. Сокуонунан ыйыллыбыт сроккар дьыаланы бүтэрбэтэххинэ үлэҕиттэн да көтүөххун сөбө.
Дьыалабытын булан, сөргүтэн аны бэһис следовательга биэрдилэр. Бу следовательбыт эдэр уол, син үлэлиир диэххэ сөп. Дьыаланы сотору соҕус бүтэрэн, эмиэ хаттаан билиһиннэрэ ыҥырда. Уонна суукка ыытар. Бу сырыыга төлөпүөннээн ыйыталаһа турабын, эмиэ архыыпка ыытыахтарын сөп буоллаҕа.
Бириэмэ добуочча барбытын кэннэ дьыалабыт эмиэ прокуратураттан төннөр. Аны бу сырыыга буруйданааччыбыт 2018 сыллаахха эмиэ киһини кырбаабыт уонна массыынаны алдьаппыт буолан тахсар. Отой да бу киһибит төрүкү күлүгээн эбит. Ол 2018 сыллаах дьыала бүппэккэ сыппытын хостоон таһаарбыттар. Бука эмиэ архыыптан буолуо. Прокурор бу буруйдары биир киһи оҥорбут, онон икки холуобунай дьыаланы холбуурга диэн дьаһал биэрбит.
Инньэ гынан дьыалабыт эмиэ уһуур-кэҥиир. Ол 2018 сыллаах дьыалаҕа кырбанан эчэйбит киһиэхэ хаттаан экспертиза ыытаары гыммыттара, эмтэммитин туоһулуур медицинскэй карточката сүтэн хаалбыт. Медиктэр следователь көрдөөбүтүгэр биэрбиппит, онтон төннүбэтэҕэ диэбиттэр. Ол аата 2018 сыллаахха дьыаланы ыыппыт следователь сүтэрбит буолан тахсар.
Бэһис следовательбыт кэмниэ-кэнэҕэс дьыаланы тиһэҕэр тириэрдэн, син бүтэрдэ. Эмиэ дьыаланы кытары билиһиннэрии саҕаланар. Буруйданааччы С. кытары дьыаланы билиһиннэрээри гыммыттара киһилэрэ сутэн хаалбыт диэн буолла. Көрдүүбүт, ханна эрэ арыгылыы сылдьар үһү дииллэр. Итинник сүтэр, куотар киһини тоҕо да хаайбакка ньээҥкэлэһэллэрэ буолла? Эмиэ кими эрэ өлөрөрүн кэтэһэллэрэ дуу. Онтон быйыл тугу да гыммакка дьиэтигэр олорбут Ойуун Саасканы (Габышевы) дьиэтигэр тиийэн тараччы тутан ылан, билиҥээҥҥэ диэри хаалла сытар дии. Түргэн үлүгэрдик холуобунай дьыала тэрийээт, номнуо суута буола турар. Холобур, ити Ойуун Саасканы уонна бу буруйданааччы С. тэҥниир буоллахха, хайалара ордук уопсастыбаҕа кутталлааҕа биллэр ээ. Арыгылыы-арыгылыы дьону кырбыыр, өлөрөр С. дуу, эбэтэр дьиэтиттэн ханна да тахсыбакка олорбут Ойуун Сааска дуу.
Соторутааҕыта следователь буруйданааччы С. булан, дьыаланы билиһиннэрэн баран суукка ыыттым диэтэ. Бу сырыыга дьыала төннүбэккэ, суут буолан өлөрүөхсүт сөптөөх миэрэҕэ тардыллар ини диэн эрэнэ күүтэр эрэ буоллахпыт.
Одун.