Саамай киһи ырар сирэ балыыһа реанимацията эбит. Ороҥҥо илиигин-атаххын баайаллар, уу биэрбэттэр, биэрдэхтэринэ даҕаны туох эрэ эмп амтаннаах ууну биэрэллэр.
Айаххыттан санаҥ да тахсыбат гына таналайыҥ, тылыҥ сыстаҥныы сылдьар буолар эбит. Аһылык аҕаллахтарына эйиэхэ биэрбэттэр, бэйэлэрэ мэҥиэстэллэр. Сыбыс-сымыйанан памперс уонна пеленка бөҕөтүн ыллараллар. Дьонум тлф-нан ыйыттахтарына реанимацияҕа в тяжелом состоянии дииллэр үһү, онтон бэйэбэр 60-нун ааспыт киһи ковидтыахтаах дии-дии. Түннүгү, ааны арыйан баран сквознякка сытыараллар.
Түүн илиигин-атаххын баайан кэбиһэллэр. Испэр алта трубка угуллубутун реанимацияттан тахсыахпар диэри ороҥҥо баайан сыппыттара. Уонна түүн, эн хайдах да буол, утуйан хаалаллар. Оннук баалла сытан хаҥас өттүм инсультаабыта. Бу үөһүм тааһын операцияланыахпар диэри 120/80 давлениелаах, суолларга рабочайдыы сылдьыбыт киһи билигин почти инбэлиит буоллум быһыылаах. Билигин 160-200-тэн тахсар буолла уонна балыыһаланан абыран. Кыайан ковидтаппаккалар давлениебын дэлби укуоллаан, буккуйан кэбистилэр.
Бастакы операция кэнниттэн трубкабын ыллара бэс ыйын саҕаланыыта киирбитим. Сарсын таһаарар инигин диэбиппэр бырааһым “биһиэхэ1-2 күҥҥэ харчы төлөөбөттөр, кырата уонча хонуохтааххын” диэбитэ. Уонна аппараат бөҕөтүгэр түһэрэн, үөһүҥ протокатыгар биир таас хаалбыт, ону ылыахпыт диэбитэ. МРТ түһэ сытан көрдөххө онон-манан хара точкалар бааллар этэ. Үөспүн быһан баран таһааралларыгар тамалаппыттар быһыылаах. Узига көрдөххө элбэх таас баар этэ да, аҕыйах баҕайыны бу ыллыбыт диэн биэрбиттэрэ. Онон айахпынан ылаары протокабын хайа тардан кэбиһэннэр, икки хонон баран быарым ыалдьар диэбиппэр илдьэн көрөөт да үһүс операцияларыгар илпиттэрэ.
Уонна реанимацияҕа сыттахпына сорбун сордообуттара, ковидтыахтааххын дии-дии. 3 нэдиэлэ курдук реанимацияҕа хаайа сытан сордообуттара. Эбиитин инсультаппыттара. Хата кэргэним сүтүктээн, ыксаан уолаттарбын булан звоннаан, быраас бырааппын булларан реанимацияттан түргэнник таһаарбыттара. Ол иннигэр миигин ылабыт диэн кэллэхтэринэ отой атын киһини ыыталлар этэ. Мин бу сытабын дии сатыыбын да испэр эрэ сибигинэйэбин, айаҕым кыайан аһыллыбат, тылым сыста сылдьар. Уонна туох саҥата кэлиэй?
Саатар “бу киһи аһаабат” диэн баран муннубар трубка анньан кэбистилэр уонна убагас йогурду халлыгыраччы куталлар, онтум да аҥаара эрэ киирэр. Онон аһаан бүтэбин. Кыайан атахпар да уйуттан хаампат буолбут этим. Аны ол трубкаларын укпуттарын кэннэ кыайан тыыммат буоллум, айахпынан тыына сатыыбын. Дьэ онно бу киһи хриптаах, пневмониялаабыт дии-дии эмтээн бөҕө буоллулар. Аараттан бэйэм итэҕэйэ сыстым, хата биир быраас муннубар укпут трубкаларын хас хонной диэбиттэрин, мух-мах барбыттарын мин “нэдиэлэ буолла” диэбиппэр быраас “тоҕо бачча уһуннук уктугут, ыла охсуҥ” диэбитигэр ылбыттарыгар – оо, көҥүл-босхо тыынар үчүгэйиэн!
Онно эттэҕим дии: пневмониялаабыт, кыайан тыыммат дииргит ханна баарый? Ыйыппыппар, ким да саҥарбат. Ол трубкабын ылалларыгар муннум перегородкатын тоҕо тардан кээспиттэрэ билигин да эрэйдиир.
Дьэ оннук эмтииллэр, балыыһаҕа. Урут куттаммат буолар этим да, билигин балыыһа диэн тылтан этим тардар…
Сордоммут ЭМТЭНЭЭЧЧИ.