Skip to content

Туймаада.ру

Общественно-политическое сетевое издание

  • Личный кабинет
  • Подписка на «Туймаада.ру»
Primary Menu
  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • АУДИО
    КЭПСЭЭННЭР
  • Архив газеты
    «Туймаада»

«Өлүөн баҕарбыт» кус

tuymaada 17 октября, 2026

Атырдьах ыйын бүтүүтэ, түүнүн улаханнык хараҥарар буолтун кэннэ, биирдэ киэһээ Ойбон Эбэ арҕаа баһын көлүччэтигэр кус кэтии бардым. Аҕам кыһыҥҥы өтөҕөр соҕотоҕун олорор, убайым аах Дүпсүҥҥэ көһөн киирбит кэмнэрэ. Мин аҕабар бэйэтин чааһынай отун кэбиһэригэр көмөлөһө, киниэхэ хоно сылдьабын. Көлүччэбэр тиийиибэр күн киирэн, борук-сорук буолан барда. Онуоха эбии былыттаах, тыала суох ичигэс киэһэ буолар чинчилээх. Бу уруккута син балачча улахан күөл, уута кэнники сылларга уолан, билигин көлүччэм уҥуор кытыытыгар түспүт кустары үчүгэй саалаах киһи ытыах курдук. Хомуһа суох, барыта от биэрэк. Тиийэн, олоруохха айылаах кураанах сири булан, от быыһыгар олордум, хараҥаҕа кус миигин наһаа өйдөөн көрүө суох. Балачча уһуннук кэтээтим.

Былыттаах буолан, халлаан түргэнник хараҥаран, олордохпуна, уум хараарар, кустар түстэхтэринэ да, сүгүн көстүө суохтар. Ол иһин аны турдум. Билигин халлаан сырдыгар кыһайан, уум балачча ыраахха диэри сырдаан көһүннэ эрээри, онтукайым да наһаа уһаабата, күөлүм уута барыта биир кэлим хараара боруорда. Киһи дөйөр чуумпута сатыылаата: ханна да биир кус саҥарбат, биир кынат тыаһа иһиллибэт. Ууну кыҥаан көрдөхпүнэ, саам уоһа хараарар, кыҥыыр чөкчөҥөтө ханан баара да биллибэт. “Арааһа кус кэлбэт буолла быһыылаах, дьиэлээтэххэ да сөп буолсу”, – дии саныы турдум. Ол эрээри тута бара охсубатым, санаабар, туох эрэ ыыппат. Ол турдахпына эмискэ төбөм сиигин үрдүнэн күүстээх кынаттар тыастара өрө куһуура түһэр да, улахан кус үөрэ көлүччэм ортотугар түһэн барылаан кэбистэ. Маҥнай ууга олоро түһүүлэригэр уу талааныгар харааран, элбэх бөдөҥ кустар көстөн ыллылар. Талааннарын сырдыгар тута быыс булан ыппакка хааллым, ол иһин кустарым көстүбэт буолан хааллылар, арай санаабар, уум ортото харааран, кустар бааллара биллэр курдук. Мин саабын кустар баар сирдэрин диэки туһаайан баран турабын. Онтон, арааһа, кустар хамсаан, устан бардылар быһыылаах, били нэһиилэ боруорар хараҥа чуолкайданан, бөлүөхсэн барда. Мин уһуну-киэҥи толкуйдуу барбатым ол улахан хара диэки саабын туһаайаат, тардан кэбистим. Чуумпуга, хараҥаҕа саам тыаһа бүтэҥитик “күп” гына түстэ да, кустар өрө көтөн барылаан тахсар тыастара иһилиннэ. Ол икки ардыгар ууга эмиэ таптарбыт кус кынатынан ууну таһыйар тыаһа иһилиннэ. Мин саабын иккиһин ииттээт, олоро түһэн этэрбэспин, ыстааммын устуохпар диэри, били кустарым кынаттарын тыаһа үрдүбүнэн сирилээн, соҕуруу диэки түһэ турда. Көлүччэм уута чычааһын уруккуттан билэр буоламмын, таҥаһым үөһээ өртүн устубатым, курдаах батарантааспын да сүөрбэтим.

Саабын хонноҕум анныгар кыбыммытынан, ууну кэһэн, кустарбын ыппыт сирим диэки харбыаластым: “Хайаан да биир эмэ кус хаалбыта буолуо”, – диэн эрэллээхпин. Уум курданарбын ааһа сыһан, батарантааспын хонноҕум аннын диэки өрө сыҕарыттым. Кэһэн иһэр уум талааныгар үс улахан баҕайы кустар өлө сыталларын көрөн үөрдүм, тиийэн харбаталаан ыллым. Көҕөттөр эбит. Ол сылдьан көрбүтүм: арай биир көҕөн олох аттыбар, куйааска сылгы уурастаан, төбөтүн кэҕиҥнэтэрин курдук, моонньун хамсатан, үөһээ-аллараа тоҥхоҥнуу олорор эбит. Илиибин уунан, моонньуттан харбаан ылан истэхпинэ, куһум эмискэ өрө тилигирээн көтөн таҕыста да, ытыс таһынар ыас хараҥаҕа кынатын тыаһа хоту диэки куһугуруу турда. Мин куспун сыыһа харбаан баран, кынатын тыаһын улаханын бэркиһии, уубар туран хааллым. Онтон арай куһум кынатын тыаһа миигин хаҥас өртүбүнэн эргийэн, балачча ырааҕынан биир толору куруугу оҥордо. Иккис-үһүс эргииригэр кынатын тыаһа өссө улаатан, миэхэ чугаһаан истэ. Ол курдук улам чугаһаан, өссө хас да төгүл эргийдэ. Мин ол аайы уубар туран эрэ кынат тыаһын кытта тэҥҥэ эргийсэ тэпсэҥнии турдум. Өр-өтөр буолбата, куһум адьас мин сирэйим аттынан охсулла сыһан, олох иннибэр илии тиийэр сиригэр ууга олоро түстэ. Мин сонно тута моонньуттан харбаан ыллым. Маҥнай утаа соһуйар, муодаргыыр да санаа быыс булан киирэ охсубата. Маҥнайгы кустарбын хаҥас илиибэр, кэнникибин хайдах харбаан ылбыппынан уҥа илиибэр бобо туппутунан, кытыыга таҕыстым. Саабын, атын кустарбын хонууга уурталаан баран, бу куһум туһунан дьэ толкуй бөҕөҕө түстүм: “Итиччэ көтөн хаалан баран, туох буолан, соруйан сиэтээри, төннөн кэлэн аттыбар түстэҕэй? Үчүгэйдик өлүөн баҕарбыт куһуй?!”. Онтон дьиэбэр тиийэн аҕабыттан ыйытыам дии санаан, бу куспун “бэлиэтээн” моонньун булгу эрийдим уонна икки атахтарын тииспинэн быһа хадьырыйан кэбистим. Таҥнан, кустарбын, саабын ылан, уон биир чаас ааһыыта түүн аҕабар кэллим. Оҕонньор уһуктан, турбакка эрэ, маҥнай испиискэтин булан, чүмэчитин уматта, онтон хамсатын ылан, табахтыы сытта. Түөрт көҕөннөөхпүн көрөн, астыммыттыы көхсүн этиттэ. Мин аһыы, сойбут чэйи иһэ олорон, аҕабар туох дьиктигэ түбэспиппин сиһилии кэпсээн биэрдим. Омуммар ойон туран ууга хайдах эргичиҥнии турбуппун көрдөрөбүн.

Аҕам тугу да саҥарбакка кэпсээммин сэргээн иһиттэ уонна: “Аҕал эрэ ол кускун, көрүүм”, – диэтэ. Хап-сабар били атахтарын быһа ыстаабыт куспун аҕабар уунабын. Оҕонньор сытан эрэ куспун балачча чинчийдэ, тутан-хабан көрдө уонна: “Ол иһин да. Көр эрэ, кэл: уҥа хараҕын тэһэ ытан кэбиспиккин. Ол иһин ити куһуҥ хаҥас өртүнэн эйигин тула көтө сылдьыбыт”, – диэтэ. Кырдьык, куһум уҥа хараҕын оннугар кып-кыһыл хаан бөлүөхсэн, уһулу ойон тахсыбыт. “Оттон тоҕо оруобуна мин аттыбар олоро түстэ?” – диэн ыйытабын. Аҕам күлэр: “Оттон, доҕоор, кускун кытта эргийсэ туран, хамсааҥҥын, уу талаанын таһааран, куһуҥ хаҥас хараҕынан ол сырдыгы көрөн олоро түстэҕэ”, – диир.

Билигин да санаатахха, аҕам оччотооҕу быһаарыыта саамай сөп буолуохтаах.

Көрдүгэн.

Continue Reading

Previous: Байанай тиһэх тосхойуута
Next: Куба үөмүүтэ

Похожее

Үс тайахтыын «хоонньоһон» утуйуу

Үс тайахтыын «хоонньоһон» утуйуу

24 октября, 2026
Куба үөмүүтэ

Куба үөмүүтэ

21 октября, 2026
Байанай тиһэх тосхойуута

Байанай тиһэх тосхойуута

14 октября, 2026

Свежие записи

Анджелина Джоли окончательно уехала из Голливуда 1

Анджелина Джоли окончательно уехала из Голливуда

14 ноября, 2026
«Дойдубар тиийэр суолум Берлининэн…» 2

«Дойдубар тиийэр суолум Берлининэн…»

13 ноября, 2026
Названы главные правила диеты для долголетия 3

Названы главные правила диеты для долголетия

12 ноября, 2026
Университет бастакы хараҥаччылара 4

Университет бастакы хараҥаччылара

11 ноября, 2026
Под Брянском мужчина погиб при попытке разобрать БПЛА 5

Под Брянском мужчина погиб при попытке разобрать БПЛА

10 ноября, 2026
Оҕо баар дьолбут! 6

Оҕо баар дьолбут!

9 ноября, 2026
Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит 7

Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит

8 ноября, 2026

Сетевое издание TUYMAADA.RU. Свидетельство о регистрации СМИ Эл № ФС77-71324 от 17 октября 2017 г. Выдано Федеральной службой по надзору в сфере связи, информационных технологий и массовых коммуникаций.

Учредитель и главный редактор: Яковлев А.П.

Электронная почта редакции: tuymaada_2017@mail.ru

Телефон редакции: 8-914-222-85-50

16+

РУБРИКИ

  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • АУДИО
    КЭПСЭЭННЭР
  • Архив газеты
    «Туймаада»
  • Политика конфиденциальности
  • Публичная оферта и правила возврата
  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • АУДИО
    КЭПСЭЭННЭР
  • Архив газеты
    «Туймаада»
Copyright © tuymaada.ru | MoreNews by AF themes.