Skip to content

Туймаада.ру

Общественно-политическое сетевое издание

  • Личный кабинет
  • Подписка на «Туймаада.ру»
Primary Menu
  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • АУДИО
    КЭПСЭЭННЭР
  • Архив газеты
    «Туймаада»

Өкүлүүнэ эмээхсин

tuymaada 27 октября, 2026

Өкүлүүнэ эмээхсин күҥҥэ көрбүт суос-соҕотох сиэннээх. Уонна бэйэтин курдук кырдьан эрэр уһун түүлээх куоската Мура. Уола суох кэмигэр иччитигэр көх буолан абырыыр.

Баччаларга иччитэ кинини кытта киһилии кэпсэтэ-кэпсэтэ сылаас үүт кутан биэрэр. Ол үүтү ньалбаан баран, тотон, эмээхсин атаҕар олорон олоҥхолоон доргутан махтанар. Түннүгүнэн көрдөҕунэ таһырдьа быыһа суох хаар үллүктүүр. Сырдык саныыр санаалары ньимси баттаан үллүктүү түһэр.

Уһун-ундьугур түннүктээх, сиитэс да буоллар куруһуба сабыылаах, кылбаччы сууйуллубут кырааскалаах муосталаах. Былыргы элбэх сиэптээх ыскааба уран оһуордаах. Истиэнэҕэ былыргы хаартыскалар ыйанан тураллар, урукку олох омооннорун кэпсиир дьүһүннэрэ көстөллөр.

Арай аан тыаһаан аһыллаатын кытары, били сиэн уола Дьаакып:

– Эбээ, аччыктаатым, – диэбитинэн киирдэ. Толору эттээх-сииннээх эдэрчи уол уһун көнө муннулааҕа, будьуруйбут баттахтарын өрө тардан көннөрүнэ-көннөрүнэ тас таҥаһын устан биэсэлкэҕэ ыйаата, олоппоско олорон этэрбэһин устан оһох диэки тамнаата.

– Чэ, ээх, бу бэйэлээх хантан кэллиҥ? – диэн ыйытта эбэтэ.

– Эбээ, сылгы тутан кэллим, Туойдаахтан.  Атым  ыҥыырын устан ампаарга уурдум. Ат сойдоҕуна аһатыам, турдун, – диэтэ.

Эмээхсин чэйин бэлэмнээн тэпсэҥнээтэ. Килиэбин быһан, арыытын ууран, бүлүүһэлээх чааскытыгар чэйин кутан баран:

– Хайа ханна бардыҥ? Нохоо, чэйдээ, – диэтэ.

Аһылыгын оһохтон аҕалла, хобордооххо бу күһүн сиэнэ аҕалбыт тайаҕын этин буһарбыт.

Уол, илиитин суунан, остуолга олордо. Эмээхсин сонун истээри, сылабаарын таһыгар  чэй куттан олордо. Уҥа сиэбиттэн бөппүрүөскэтин ылан уматынна уонна оборон соппойон буруо бөҕөтүн үрдэ.

– Хайа, туох баар ол Туойдааххар?  – диэн сэмээр ыйытта.

– Ээ, дьон убаһаларын туттубут. Үлэ элбэх буо, – диэн баран, салҕыы аһаан ньибиҥнэттэ.

– Ол хастыы убаһалаах үөрүй?

– Түөртүү. Сороҕо үс убаһалаахтар, эбээ, – диэн сүрэҕэлдьээбиттии хоруйдаата.

Табааҕын күлүн бааҥкаҕа тэбии-тэбии эмээхсин чэйин истэ.

– Этэрбэһиҥ сытыйдаҕа дии.

Онуоха Дьаакып:

– Ээ, ат үрдүгэр олорон аһара сытыйбата, – диэн куотунна.

Чэйдээн бүтэн уол хоһугар киирэн сытынан эрдэҕинэ эбэтэ:

– Бээрэ, били аккын хаһан аһатаҕын? – диэн ыйытта.

– Ээ, – диэн уол ойон туран, атын аһатаары таһырдьа кэтэр чыллыгын диэки барда. Таҥнан тахсан барда.

Өкүлүүнэ киирэр аан дьиэҕэ барда. Уол этэрбэһин көрөн, куурда уурда.

– Аа, сатана, инчэйбэт буолсу дуо? – диэн мөҕүтүннэ.

Уол син өр буолан баран киирдэ. Киирэн биэсэлкэҕэ чыллыгын ыйаан, бэргэһэтин долбуурга уурда. Сылайан хоһун диэки киирэн, оронун булла. Өкүлүүнэ остуолга кэллэ, олоппоско олорон сойбут чэйин ыйырбахтаата. Ону-маны санаан ылла.

Чааскытын кумааҕынан сотон баран, бүлүүскэтигэр умса ууран кэбистэ. Киэһэ борук-сорук буолла. Кырдьаҕас уотун аһан, сиэнин хоһугар сэмээр киирэн, уолу көрдө. Сиэнин аһынан, эбии суорҕан ылан сапта. Муоста тыаһын истээт куоска хаһаайыныгар сүүрдэ, атаҕар эриллэҥнээтэ.

Эмээхсин аа-дьуо хааман аан дьиэҕэ барда. Эргэ сукуна сонун, нэктийбит бэргэһэтин, сиэрэ суох улахан соппуоскатын кэттэ уонна таһырдьа таҕыста. Хаҥас диэки ата аһыы туран тыас тыаһаабытыгар, иччитин истэн, кистээн дьирилэттэ. Онуоха эмээхсин үөрэн: “Ээ, барахсан баар эбит”, – диэн иһигэр ботугураата.

Эмээхсин эргэ ампаар диэки баран көрдө, ыҥыыра баар эбит. Онтон төттөрү дьиэтин ааныгар сэмээр сүөдэҥнээтэ. “Дьэ, кыра наадалаах киһи тахсыа суох”, – диэн ботугуруу иһэн, дьиэ ааныттан талах миинньиги ылан хаарын тэбэннэ.

Эргэ сукуна сонун устан хаарын тэбээтэ, сабыылаах хаптаһын ыскаабыгар ыйаата,  соппуоскатын уста барбакка соһон саллырдаата. Остуол аттыгар олорон аҕылаабытын аһаран, табааҕын ылан уматан эмиэ соппойдо. Сылабаарыттан, били умса уурбут чааскытын тиэрэ ууран, чэй кутунна. Итии чэйин иһэн амтаннаахтык ыйырбахтаан, сирэйин мырдыччы туттан, өлбөөрбүт харахтарынан дьиэтин иһин көрдө да, тугу да өйдөөн көрбөтө. Ити күнтэн биир күн ааста.

Сарсыарда уола тура эккирээн, сылгытын аһата бараары эмиэ тиргилиннэ. Эрдэ туран сылгытын аһата таҕыста. Эбэтэ сарсыардааҥы чэйин бэлэмнээтэ. Аһылыгын сылытан, сылабаарын аттыгар олорунан, сиэнигэр чэйин кутта. Уол өр буолбата, киирэн суунан-тараанан остуолга олордо.

– Киэһээ хойутуурум буолуо, эбээ, – диэтэ, тиэтэйбиттии чэйдээтэ.

– Оһоххор маста киллэрэн бараар эрэ.

– Сөп, эбээ, киллэриэҕим.

Килиэбин сыбаан аһаата. Уол өр буолбата, үлэтин бүтэрэн, сып-сап таҥнан атыгар барда.

– Айуу-айа, сиһим дэлби ыарыйда.

Манна итинник ботугурааһыҥҥа үөрэнэн хаалбыт куоска, эмээхсин кэтэҕэр ойон тахсан, курдьугунуу-курдьугунуу хараҕын симэн барда. Сиһэ сылыйан,  дьиэ иһигэр туох эрэ уларыйбыкка дылы буолла. Өкүлүүнэ туох эрэ санааҕа баттаппыт курдук тугу гынара биллибэттии төттөрү-таары тэйбэҥнээтэ, ботугуруура элбээтэ.

Аан тыаһа кыычырҕаата. Киһи киирэр тыаһа иһилиннэ.

– Дорообо, Акулина Петровна, – диэн кыамматтары көрөр дьахтар киирэн кэллэ.

– Бу кыамматтар испииһэктэригэр киллэрэ сылдьабын. Бу испииһэккэ киирдэххинэ элбэх харчы түһэр үһү, – диэн дьахтар сонун устан биэсэлкэҕэ ыйаата уонна остуолга кэлэн олоппоско олордо, суумкатыттан кумааҕы хостоон тугу эрэ суруксуттаата.

Эмээхсин тастан кэлбит киһиэхэ чугаһаан көрөн турда. Иһигэр “хата дьон киирэр, саныыр эбиттэр” диэн үөрэ санаата. Дьахтар эчи мааныта бэрдэ. Кылбачыгас оҕуруолаах бэргэһэтин тобугар уурунна.

– Дьэ, дөкүмүөннэриҥ наадалар, Өкүлүүнэ, аҕалтаа, – диэтэ.

– Эбии харчы диигин дуу? Бээ эрэ, ол туох докумуонай? – эмээхсин лаппыйан ыйытта.

– Оттон паспорыҥ ИНН, СНИЛС.

Эмээхсин туран ыскаабын аанын аһан эргэ сууламмыт кылбачыгас суулаах чэй хаатыгар угуллубут бакыаты аҕалла.

– Туох, туох да? Оттон барыта манна баар. Чэ, бэйэҥ көр, – диэтэ.

Дьахтар сиргэммиттии ылан арыйан көрдө, наадалааҕын ылан сурунна.

– Тоойуом, чэй иһэҕин дуо? – диэн эмээхсин сэмээр ыйытта. Чаанньыгын аҕала оһоҕун диэки бараары тэпсэҥнээтэ.

– Ээ, суох. Ыксыыбын, – диэн анарааҥыта тохтотто.

Наадалаах докумуону устан баран, бэргэһэтин кэтэн, сонун ылан кэтэн аан диэки хаамта.

– Ээ, арба даҕаны, умна сыстым. Ити ыалыҥ Фёдоровтар ийэлэрэ ыалдьыбыт. Онно суһал көмө наада буолан, куоракка ыыталлар үһү. Онно харчы хомуйаллар. Чэ, этэҥҥэ буол, Өкүлүүнэ. Кэлэ сылдьыам, үс хонон баран. Туох наадатын этээр. Көмөлөһүөхпүт, – диэн баран чүөчэбит барда.

Били урут эдэр сылдьан Балааҕыйалыын куонньукка ат туталларын санаан ылла уонна аһынна. Бу күнтэн ыла иһигэр туох эрэ уларыйбыкка дылы буолла. Эмээхсин куруук туох эрэ санааҕа ылларбыттыы, тугу да гынара биллибэккэ төттөрү-таары тэйбэҥнээтэ.

Биир үтүө күн Өкүлүүнэ матарааһын анныттан кичэллик сууламмыт бакыаты хостоон таһаарда. Эрэһииҥкэнэн бобо туттарыллыбыт хас да хос сууламмыт харчытын ороон аахта. Онтон быһа тардан ылла уонна төттөрү бакыатыгар суулаан уурда.

Эмээхсин харчытын кистээн баран, ороҥҥо олорбохтоото. Төһө да санаата түспүтүн иһин, аньыыта бэрт. Урут ыкса ыала, ылса-бэрсэ олордохпут дии. Онтон биһиги олоруохпут. Мура диэн куоскатын имэрийэн ылла.

Эмээхсин эрчимнээхтик туран, таҥнан баран, илиитигэр бакыатын тутан ыалыгар барда. Дьиэ иһэ эмиэ им-дьим буолла. Куоска куруук ыттар сиригэр түннүккэ ойон таҕыста. Куруһубалаах сабыы нөҥүө күн уот оһуор түһэрдэ.

Любовь ПОНОХОВА-Тумара.

Сунтаар.

Continue Reading

Previous: Олох араас лоскуйдара
Next: Оҕо этим, орой мэнигим

Похожее

Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит

Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит

8 ноября, 2026
Оҕо этим, орой мэнигим

Оҕо этим, орой мэнигим

28 октября, 2026
Олох араас лоскуйдара

Олох араас лоскуйдара

25 октября, 2026

Свежие записи

Анджелина Джоли окончательно уехала из Голливуда 1

Анджелина Джоли окончательно уехала из Голливуда

14 ноября, 2026
«Дойдубар тиийэр суолум Берлининэн…» 2

«Дойдубар тиийэр суолум Берлининэн…»

13 ноября, 2026
Названы главные правила диеты для долголетия 3

Названы главные правила диеты для долголетия

12 ноября, 2026
Университет бастакы хараҥаччылара 4

Университет бастакы хараҥаччылара

11 ноября, 2026
Под Брянском мужчина погиб при попытке разобрать БПЛА 5

Под Брянском мужчина погиб при попытке разобрать БПЛА

10 ноября, 2026
Оҕо баар дьолбут! 6

Оҕо баар дьолбут!

9 ноября, 2026
Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит 7

Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит

8 ноября, 2026

Сетевое издание TUYMAADA.RU. Свидетельство о регистрации СМИ Эл № ФС77-71324 от 17 октября 2017 г. Выдано Федеральной службой по надзору в сфере связи, информационных технологий и массовых коммуникаций.

Учредитель и главный редактор: Яковлев А.П.

Электронная почта редакции: tuymaada_2017@mail.ru

Телефон редакции: 8-914-222-85-50

16+

РУБРИКИ

  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • АУДИО
    КЭПСЭЭННЭР
  • Архив газеты
    «Туймаада»
  • Политика конфиденциальности
  • Публичная оферта и правила возврата
  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • АУДИО
    КЭПСЭЭННЭР
  • Архив газеты
    «Туймаада»
Copyright © tuymaada.ru | MoreNews by AF themes.