Киһи олоҕо хаһан да талбыт курдук эриэ-дэхси буолбат. Оннооҕор хара тыа маһа үрдүктээх, намыһахтаах. Киһи киһинэн олорор. Дьоҥҥо үтүөнү оҥорбут хаһан да сыаналанар.
Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ 2022 с. олус ыарахан күн-дьыл бүрүүкээтэ. Ол курдук сиэним ыараханнык ыалдьан бу күннэргэ дойду тэбэр сүрэҕэр Москубаҕа эмтэнэ көттө.
Санааҕа-онооҕо хайыта тыыттара сырыттахпытына, үтүө санаалаах дьон көмөлөһөспүтүгэр барҕа махталбытын тиэрдэбин. ООО “Дэу Лена” директорыгар Евгений Павловичка, суруйааччыга Дмитрий Пономарёв-Дьолуолаахха, Пётр Птицыҥҥа, дьүөгэлэрбэр Дария Макаровнаҕа, Ульяна Николаевнаҕа уо.д.а. Инникини тымтыктанан көрбүт суох. Бүгүн этэҥҥэҕин, сарсын туох күүтэрэ биллибэт!
Мин 80-ча сааспар чугаһыахпар диэри кыһалҕалаахха, кыаммакка көмөлөһөн кэллим. Ол курдук ууга барбыттарга, уокка былдьаммыттарга таҥас-сап биэрэн, кыаммат дьоҥҥо дьиэ миэбэлин, иһит-хомуос биэрэн. Төһө да биэнсийэҕэ эрэ олордорбун, кыра да буоллар саахарга, чэйгэ, килиэпкэ мэлдьи көмөлөһөбүн. Үлэлээбэт киһи харчыта баһа-атаҕа биллэр буоллаҕа…
Үлэлиир эрдэххэ ботуччу бэриллэр буолара. Дьиэбит баай, улахан библиотекатын таах сытыаҕынааҕар дьон-сэргэ туһаннын диэн Мэҥэ-Хаҥалас киин библиотекатыгар, Сыдыбылга, Тааттаҕа – Уолбаҕа, Белинскэй аатынан библиотекаҕа бэлэхтээбитим. Подъезпар кыаммат ыалга көмөлөһөр этим. Аатым да эбээһинэстиир курдук.
Тулаайах үөскээбит буолан, дьонум дьоҥҥо көмөлөһөллөрүн көрөн кыамматы, кырдьаҕаһы аһынабын. Санаата түспүтү сүбэлээн-амалаан сырдыкка тардыһыннарабын, аҕам Николай Семёнович курдук.
Харыстаана
КАРДАШЕВСКАЯ.