Бу ахтыыны Иванов Василий Тимофеевич олохтон туораабыта 40 хонугар аныыбын. Кини нэһилиэгэр уонна оройуоҥҥа биллэр-көстөр уопсастыбанньык, спортсмен, физкультура учуутала этэ.
Ол курдук кини урукку систиэмэ саҕана бэрээдэги көрөр-истэр народнай дружина биир тутаах чилиэнэ, народнай хонтуруол нэһилиэктээҕи салаатын бэрэстээтэлэ, холуобунай ирдэбил штаты таһынан инспектора, үс төгүл нэһилиэк Сэбиэтин депутатынан талыллан араас өрүттээх сорудахтары чиэстээхтик толорбут, олоххо актыыбынай сыһыаннаах дьоннортон биирдэстэрэ этэ. Кини уһун сыллаах сыралаах үлэтин туһааннаах үрдүкү уорганнар сиэрдээхтик сыаналаан тураллар.
Олортон саамай улаханнарын уонна суолталаахтарын ааттаталыыр буоллахха, Ньурба оройуонун уонна Хаҥалас нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Ил Түмэн грамотатынан 3 төгүл, Ньурба оройуонун баһылыгын грамотатынан 4 төгүл, Саха Республикатын Спордун министерствотын грамотатынан 2 төгүл, «За заслуги в развитии спорта и физической культуры Республики Саха (Якутия)» бочуот бэлиэтинэн, Российскай Федерация билиигэ уонна наукаҕа Министерствотын бочуотунай грамотатынан, «Отличник физической культуры и спорта Республики Саха (Якутия)» бэлиэнэн, «Ветеран труда» мэтээлинэн о.д.а.
Онтон 70 сааһын туоларынан сибээстээн Ил Дархан 2018 сыл алтынньы 15 күнүнээҕи ыйааҕынан «Гражданскай килбиэн» бэлиэнэн наҕараадата саамай күндүлэрэ уонна улаханнара буолар. Онон кини 40-тан тахса сыл устата төрөөбүт нэһилиэгэ, оройуона чэчирии сайдарыгар киллэрбит кылаата дьоһуннаахтык бэлиэтэммитин бэлиэтиир тоҕоостоох. Василий Тимофеевич 70 сааһын Ньурба куоракка Бүлүү сүнньүн оройуоннарын теннискэ күрэхтэһиилэринэн доҕуһуоллаан, кини үлэтин бастакынан саҕалаабыт Ньурба 1 №-дээх оскуолатын саалатыгар оройуон салалтата тэрийэн-бэрийэн ыыппыта кэрэхсэбиллээх этэ.
Хомойуох иһин, Василий Тимофеевич 2019 сыл балаҕан ыйын 2 күнүгэр ыарахан ыарыыттан олохтон Дьокуускай куоракка туораабыта. Кини кэриэһин толорон, төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ Хаҥалас нэһилиэгэр аҕалан «Туойдаах» сымнаҕас буоругар үйэ-саас кистээтилэр.
Ахтыыбын салҕаан үс тайаҕы кытары хайдах «хоонньоһон» утуйбуппут туһунан мантан аллараа бооччойон көрүөм.
Ити өрдөөҕүтэ этэ, арааһа отучча сыл аастаҕа буолуохтаах. Арай биир күн, мин уоппуска ылбыппын истэн, Баһылай миэхэ Ньурбаҕа телефоннаата: “Дьэ, доҕор, аллараа түбэҕэ тайах элбээбит дииллэр, онон уоппускабыт кэмигэр сынньана, чэбдигирэ таарыйа онно киирэн көрүөххэ-истиэххэ”, – диэннээх буолла. Ону мин «хаһан да тайахха сылдьыбатах киһибин, сөбүлүүрүм диэн куобахтааһын» диэччи буоллум. «Өссө үчүгэй эбит, мин даҕаны тайахха анаан-минээн сылдьыбатах киһибин, куобах баар буоллаҕына, хата, куобахтыахпыт, таҕыс», – диэн буолла.
Хаҥалас мин эмиэ төрөөбүт-үөскээбит дойдум буолар. Онон сыллата киирэ-тахса сылдьабын. Аймахтарым да элбэхтэр. Онон барыта табыгастаах курдук. Инньэ гынан, хомуна охсон Баһылайбар таҕыстым. Кини кутугунас, уһатары-кэҥэтэри сөбүлээбэтин уруккуттан билэбин. Тиийбитим киһим бэлэм олорор, ДПШ диэн кыра тыраахтырын бэлэмнээн, сээкэйин тиэнэн бүппүт этэ. Барыахтаах хайысхабыт Сата диэкинэн «Толоон» диэн уопсай ааттаах элбэх күөллэрдээх, элгээннэрдээх киэҥ сири хабар эбит. Аны ол диэки ыал да, иччитэх да дьиэ суох. «Ханна хонор дьон буолабыт» диэбиппэр «биир-икки хонукка ДПШ-быт кузовыгар утуйуохпут, сибиэһэй салгыҥҥа» диэччи буолла.
Инньэ гынан эбиэттэн киэһээ Ынахсыттан Сата хайысхатынан айаннаан, аара ол-бу суолу-ииһи көрө-көрө киэһэлик «Толоон» диэн уопсай ааттаах уһун элгээн кытыытыгар тоҕоостоох миэстэҕэ тохтуур буоллубут. Киэһэлик буолан, ырааппакка чугас эргин ол-бу суолу-ииһи көрүү-истии буолла. Арай куобах сааҕа элбэҕин бэлиэтии көрөн, арааһа, куобах үөскээбит дойдута быһыылаах диэн түмүк оҥордубут.
Күһүҥҥү халлаан буолан сөрүүн соҕус, былыттаах эҥин. Сарсыарда туох халлааҥҥа турарбыт биллибэт курдук. Налыччы чэйдээн, ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ утуйарга бэлэмнэнии буолла. ДПШ кузова бэрт дьоҕус. Онно халыҥ соҕус от тэлгэммит уонна араас таҥас элбэх буолан биэрдэ. Инньэ гынан кузовы улахан халыҥ бириһиэнинэн сабан баран бэрт үчүгэйдик утуйан турдубут. Халлаан кыратык кыраһалаабыт уонна тоҥорбут этэ.
Налыччы чэйдээн баран элгээни батан Сата диэки хайысханан аа-дьуо суолу-ииһи көрө-көрө баран истибит. Элгээн кытыытын бата тайахтар суоллара бу соторутааҕыта барбыттара көстө сытар. Тохтоон сүбэлэһии буолла: хайдах гынабыт, суолларын батыһа баран иһэбит дуу эбэтэр тыраахтыры эһэн сайылык эбэ соҕуруу баһын диэки быһа тахсан тоһуйан көрөбүт дуу диэн буолла. Ол эрээри тыраахтыр тыаһыттан тэһииргээннэр кый ыраах барыахтарын эмиэ сөп дэһии буолла. Онон тыас таһаарбакка, аа-дьуо суолларын батыһан баран иһиэххэ. Баҕар ытыы иһигэр киллэриэхтэрэ дэһии буолла.
Арай ытар тэриллэрбит (сааларбыт) саарбах соҕустар. Баһылай ТОЗовкалаах уонна биэстэ эстэр саалаах. Миэнэ 12 калибрдаах икки уостаах саа. Хайабытыгар даҕаны сүнньүөхтэр бааллар. Суолларыттан көрдөххө, налыччы соҕустар эбит. Онон, тыаһы таһаарбакка, ыраахтан чуҥнаан батыһан бара туруохха дэһии буолла.
£р соҕус батыстыбыт, суолларын сүтэрэ иликпит. Толоон бэһин диэки үрдүк соҕус сиргэ улахан тииттэр уонна титириктэр эҥин көстөллөр. Иннибэр испит Баһылай кэннин хайыһан туран, ол бөдөҥ тииттэр аттыларыгар кыылларбыт сөрүөстэн соҕус туралларын бэлиэтии көрөн миэхэ илиитинэн далбаатанар. Кырдьык, барыҥнаһаллара, бааллара билиннэ. Икки улахан уонна биир кыра тайахтарын быһаардыбыт. Ытарга син биир ыраах, онон хайа диэки хайыһалларын кэтэһэн маска сөрүөстэн турдубут.
Сотору соҕус улахан тайах сайылык эбэ туһаайыытынан толооҥҥо тахсардыы хамсаан баран эрэрэ көһүннэ. Мастар, талахтар мэһэйдиир буоланнар чуолкайдык көстүбэттэр, барыҥнаһаллар эрэ. Ити курдук тохтуу-тохтуу талахтар лабааларын хамсаталлара, төбөлөрө хоройоро, барыҥнаһан көстөн ааһаллара ыраахтан көстөр. Ол аата аһыы-аһыы налыччы соҕус толоонтон толооҥҥо сыҕарыйан баран иһэр курдуктар. Биһиги кинилэри харахпытыттан сүтэрбэт курдук кыһанабыт. Тохтоон көрө-көрө батыһан иһэбит. Сотору-сотору куобахтар элэҥнэһэллэр. Олорго болҕомтону уурбаппыт, сырыттыннар, уойа түстүннэр, кэнники киирсиллиэ диэн уоскутунабыт эрэ.
Күн ортотун быдан ааспытын кэннэ тайахтарбыт киэҥ соҕус толооҥҥо киирэн туран олоотууллара көстөр курдук, арааһа сыт ылар быһыылаахтар дэһэбит. Биһиги олорон эрэ хайа диэки хайыһалларын кэтэһэбит. Ити курдук күнү быһа батыһа сылдьан биир хойуу талахтардаах сиргэ кэлэн кыылларбыт хайа диэки хайыспыттарын көрбөккө хааллыбыт.
Күн киэһэрэн барда, сиэппитигэр укта сылдьар кыра өйүөбүтүн сиэн баран, биир уһун элгээн кытыытыгар киирэн, Баһылай чараас мууһу быһаҕынан тэһэн уу иһэ сытта. Ол сыттаҕына, били сүтэрбит тайахтарбыт элгээн хоту диэки үрдүк сыырын бата киирэннэр, биир улахан тииккэ сөрүөстэ соҕус тураннар биһиги диэки олоотууллар. Ону көрөн Баһылайга тайахтарбыт биһигини көрдүү сылдьар эбиттэр, хайыыбытый диэбиппин ыраахтара бэрт, сырыттыннар диэччи буолла.
Ити курдук күнү быһа тайахтары батыһан дэлби сылайан, быһалыы хайысханы тутуһан, тыраахтырбыт турар сирин диэки бардыбыт. Күн лаппа киэһэрдэ уонна сөрүүдүйэн барда. Онон эмиэ тыраахтырбытыгар утуйар буоллубут. Сылайбыт дьон быһыытынан чэйдээн баран ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ тайахтарбыт хайа диэки барбыттарын сабаҕалыы сатаан баран, бөлүүн утуйбуппут курдук бэрт үчүгэйдик утуйан хааллыбыт.
Сарсыарда эмиэ тайахтарбыт хайа диэки барбыттарын сабаҕалыы сатааһын буолла. Баһылай: «Тайахтар били үрдүк сиргэ модьу тиит таһыгар туралларыгар төбөлөрө бу диэки хайысхалаах этэ уонна барбыт суоллара эмиэ бу диэкиттэн быһыылааҕа», – диэтэ. Салгыы: «Бэйи эрэ, бу көстөр хойуу талахтар кэннилэрин киирэн көрүөххэ эрэ, баҕар, бу тоҕойго кэлбиттэрэ буолаарай», – диэтэ.
Инньэ гынан, тыраахтырбыт турар сириттэн 100-150 хаамыылаах сиргэ баар элгээн тоҕойун киирэн көрөөһүн буолла. Оруобуна Баһылай сэрэйбитин курдук, төбөлөрүн хайысхата бу диэки этэ диэбитэ сөп түбэспит. Манна хонон, дэлби саахтаан бараннар, субу аҕай барбыттарын быһаардыбыт. Онон үс тайаҕы кытары икки буолан хоонньоһон кэриэтэ утуйан турбуппут дэһии буолбуттаах.
Айылҕа маанылаах кыылларын күнү быһа батыһа сылдьан манньыйа көрбүппүт биһиэхэ дуоһуйуу эрэ буолбута. Инньэ гынан, туох да хом санаата суох дьиэбит диэки хайысханан айанныы турдубут. Хата аара куобахтаан, кэрийэн ытыалаан уонча куобаҕы бултаан, үөрэн-көтөн дьиэбитин этэҥҥэ буллахпыт дии.
Василий Тимофеевич, төһө да бэйэтин идэтинэн үөрэх систиэмэтигэр үтүө суобастаахтык үлэлээбитин иһин, ол саҕана учуутал кыра хамнаһа ыал киһиэхэ туохха тиийиэ баарай. Ол иһин сүбэ-соргу быһыытынан «Марха» сопхуоска К-701 диэн бэрт улахан кыахтаах тыраахтыры илиитигэр тутан, тракторист буола сылдьыбыттаах. Икки сыл түүннээх-күн түбүгүрэн үлэлээн үгүөрү хамнаһы аахсыбыттаах. Ити модун улахан тыраахтыр уруулун кыайа-хото тутан үлэлээн, «Марха» сопхуос киэҥ нэлэмэн бааһыналарын түөрэ сүргэйбиттээх. £ссө онно сөп буолбакка эбии «Ньурба» сопхуос Ньурбатааҕы, Күндээдэтээҕи отделениеларыгар баран сир бөҕөнү хорутан махтал тылларын элбэхтэ истибиттээх. «Марха» сопхуоска икки төгүл чемпион-тракторист буолбута.
Аны «Марха» сопхуос ыһыллыбытын кэннэ тракторист-машинистары үөрэтэргэ инструкторынан ананан 70-ча кылаастаах тракторист-машинистары үөрэтэн таһаарбыта биллэр. Ити оҕолортон сорохторо алмаас салаатыгар ылбыт идэлэринэн ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ эмиэ биллэр.
Мин сөҕөрүм диэн баар, кини ити айылаах үлэлэри таһаарыылаахтык үлэлээбитин үрдүнэн, бэйэтин кэтэх хаһаайыстыбатыгар 5-6 ыанар ынаҕы, ону таһынан өссө сылгы тутара. Ити ынахтар сыллата төрөөннөр төрүөх бөҕөнү биэрэллэрэ. Инньэ гынан, киэҥ тэлгэһэтин иһэ барыта сүөһү буолара.
Кэргэнэ Варвара Васильевна, эмиэ учуутал буолан, хонтуората – оскуола, дьиэтигэр кэллэҕинэ хонтуората – хотоно буолара. Иккиэн даҕаны Хаҥалас нэһилиэгин удьуор үлэһит дьоннорун оҕолоро буолан, бэрт кыраларыттан үлэни өрө туппут дьоннорунан билбитим ыраатта.
Дьэ ити курдук, түүннээх күн түбүгүрэн туран үлэлээннэр, бар дьонноругар үтүө өйдөбүлү хааллардылар. Баһылай 71 сааһыгар сылдьан ыарахан ыарыыттан олохтон туораан, кэннигэр уоллаах кыыһа уонна сиэннэрэ хааллылар. Кини олоҕун ыччаттар сиэрдээхтик салгыахтара диэн бигэ эрэллээхпин. Кини олохтон туораабыта 40 хонуга алтынньы ый 12 күнүгэр туолар. Василий Тимофеевич төрөөбүт нэһилиэгэ уонна оройуона чэчирии сайдарыгар киллэрбит үтүөтэ-өҥөтө үйэлэргэ умнуллуо суоҕа.
Борокуоппай БАҺЫЛАЙАП,
Хаҥалас нэһилиэгин уонна Ньурба оройуонун бочуоттаах олохтооҕо.