50-ча сыл тухары истэн кэллибит: саха ынаҕын этэ мраморнай, саха сылгытын этэ доруобуйаҕа туһалаах. Омега-3 уонна Омега-6 баар.
Ол иһин саха сылгытын этин японецтар атыылаһа сылдьыбыттар. Чубайс саха сылгытын этин Өймөкөөнтөн атыылаһан сиирэ үһү. Икки сыллааҕыта биир саха бэрдэ Калининградка убаһа этин киилэтин 3-түү тыһыынчаҕа атыылаабыт. А.И.Чомчоев саха ынаҕын үүтүн иһэн, этин сиэн эмтэнэн, улахан ыарахан ыарыыттан өлбөккө тыыннаах хаалан аан дойдуга биллэр улахан учуонай буолла. Бу кэпсэллэр барылара дьиҥнээх олоххо бааллар, сымыйа буолбатахтар.
Саха киһитэ барахсан үрүҥ ас арааһын: үүтү, сүөгэйи, арыыны, иэдьэгэйи, ымдааны, быппаҕы, кымыһы, көбүөрү, күөрчэҕи, хайаҕы уонна сылгы, ынах этин үйэтин тухары төрүт ас оҥостон аһаан-сиэн, итиини-тымныыны барытын тулуйан баччаҕа тиийэн кэллэҕэ. Аны туран, билиҥҥи сайдыы бөҕөлөөх диир кэммитигэр соҕурууттан кэлбит ас арааһа маҕаһыын аайы тардыллан турар. Ол эрээри манна бэйэбит дойдубутугар астаммыт үрүҥ аспыт, эппит барыта кэлии астан сибиэһэйинэн, хаачыстыбатынан, туох да атын химическэй эбилигэ суоҕунан уон төгүл ордуга туох да мөккүөрэ суох буоллаҕа. Ол эрээри төрүт аспытын оҥоруу сылтан сыл аайы элбиирин хааччыйар дьаһаллары үөһээҥи салалтабыт билиҥҥэ диэри ылына илик.
“Россельхознадзор” биллэрэринэн, Россияҕа үүттэн оҥоһуллар продукциялары оҥорон таһаарар заводтар 30 бырыһыаннара фальсификат үүт аһылыктары оҥорон таһааралларын тутан ыстарааптыыллар. Ыстарааптаммыт молоко-собуоттар аҕыйах сүүс тыһыынча солкуобай ыстараабы төлөөн баран, салгыы туох да буолбатаҕын курдук үлэлээн бараллар дииллэр.
Саха сиригэр элбэх үүт продукцияны Новосибирскай уонна Кемерово уобаластара ыыталлар. Ыраах ыытыллар үүт продукциятын кинилэр үүт бороһуогуттан оҥороллор. Ол аата биһиэхэ кэлиэр диэри үүт диэн ааттаммыт продукция икки төгүл химияланан кэлэр. Аан бастаан химия көмөтүнэн үүт бороһуога оҥороллор. Онтон бороһуоктан химия көмөтүнэн үүт оҥороллор. Россельхознадзор этэринэн, фальсификат үүккэ известь, гипс, крахмал, суода, пальмовай, соевай арыылар, иирбэтин диэн арааһынай эбиликтэр баар буолар эбиттэр. Онон бүтэһигэр, үүтэ да суох “үүт-ас” оҥоһуллан тахсыбыта хантан иириэҕэй. Маннык үүт алта ый буолуохтааҕар, алта да сыл үүт курдук үрүҥ өҥнөөх полкаҕа туруоҕа. Саха сирин олохтоохторо оннук оҥоһуллубут үүтү уонна атын да үүттэн оҥоһуллубут астары аһаан олордохпут. Улахан хамнастаах Ил Түмэн депутаттара, атын да улахан тойоттор үчүгэй хаачыстыбалаах, ыарахан сыаналаах аһы булан сииллэрэ чуолкай. Тойотторбут бэйэбит тыабыт хаһаайыстыбатын сайыннарар былааннара суох буоллаҕына, ол аата эһиэхэ химиялаах да аһылык да сөп буолуо диэбиттэрин курдук буолар.
Аан дойдуга баайдар экология өттүнэн отой ыраас, хиимийэтэ суох, ол эрээри ыарахан сыаналаах органическай аһылыгы сииллэр. Дьиҥинэн Саха сирэ собуота, фабриката суоҕунан айылҕата ыраас. Онон органическай аһылыгы оҥорон, ханна баҕарар атыылаан улахан суумалаах үбү тоҕо тардан киллэрэр кыахтаах. Ону ситиһэргэ саха сылгытын, ынаҕын, табатын этигэр, отон арааһыгар уо.д.а. “органическай ас» диэн сертификаты ылыахха наада. Ордук сылгыттан туга да быраҕыллыбат: тириитэ, сиэлэ, кутуруга, туйаҕа барыта туһаҕа тахсар. Таба биир оннук. Оннук “органическай ас” диэн сертификаты биэрэр тэрилтэнэн буолар “Федеральное государственное бюджетное учреждение ”Научно-исследовательский институт питания” Российской академии медицинских наук диэн институт. Бу институт экспертиза бөҕөнү оҥорон, туох баар физико-химическэй састаабын быһааран, ханна уонна хайдах туһаныахха сөбүн ыйар экспертнай заключение биэрэр. (область применения, в том числе лечебное и профилактическое).
«Саха киһитэ сылгылаах, сэргэлээх буолуохтаах!” – диэн тыл этэн үөрдүбүт Владимиров Л.Н. т/х-тын институтугар директорынан анаммытыгар, ити боппуруоска хамсааһыны таһаарыа дии санаабыппыт туолбата. Билигин киммитигэр эрэнэрбит буолла?
Михаил ДОНСКОЙ,
пенсионер.