“Дөйбүт мунду” дииллэр кинини. Уоһук Тарааһап онно эрэ кыһаммат. Олорорун курдук олорор, сылдьар.
Уоһук туһунан дьээбэлээх, үөннээх дьон анекдот оҥорон кэпсииллэр: “Арай биирдэ Уоһук куобахтыы сылдьыбыт. Биир куобах кэлэн хаартыскаҕа түһээри үтүөмсүйбүт дьахтар курдук Уоһук иннигэр олорунан кэбиһэр. Өссө кэлин атаҕынан кулгааҕын кэтэҕин тарбанар үһү. Уоһук: “Туохха ытабын? Төбөтүн быһа ыттахпына табаарынай дьүһүнүн буортулуубун. Сүрэххэ түһэрдэхпинэ хаан буолан үрүсээкпин буортулуубун. Арай атахха?..” – дии саныы турдаҕына куобаҕа туран баран хаалбыт”.
Уоһук оннук толкуйдаах киһи. Өр толкуйдуурун сөбүлүүр. “Хайа доо, бу туох дириҥ-далай санааҕа түстүҥ?” – диэн хороллон турар Уоһугу киһи эрэ барыта соһутар. “Ээ, бэйэм да билбэтим”, – диир Уоһук.
Бырааһынньыкка Уоһукка тыл биэрэллэр. Киһилэрэ туран бэрт үчүгэйдик саҕалаан этэн иһэн тохтоон, куолутунан тугу эрэ толкуйдуура киирэн кэлэр. Дьон кэтэһэн көрөн баран: “Хайа, этэн иһиий, бу аспыт кыраадыһа да көтөрө буолла”, – диэн ыксаталлар. Онуоха: “Чэ, оччоҕуна, мин саамай суолталааҕын этиим”, – диир. “Үбүлээр доруобуйатын туһугар иһиэҕиҥ!”. “Хата инньэ диэ”, – диэн кэннигэр олорор эмээхсин чаҕаара түһэр. Дьон бары күлсэн ньиргиһэ түһэр.
Уоһук үөрэммэтэр да худуоһунньук идэлээх. Онно айылҕата анаан сирдээбитэ дуу, сөбүлээбитэ оччо эбитэ дуу. Арааһы барытын оҥорон-дьүһүйэн таһаарарын сөҕөллөр эрэ. Киһи дьиктиргиэн иһин кини өстүөкүлэҕэ уруһуйдуур. Ол оҥорбутун бэйэтэ сэргээбэт. Оҥорон бүтэрэн баран муннукка-ханныкка өйөннөрө уурбутун ойоҕо ылан, туох да атыыта-таймата суох дьоҥҥо биэрэр. Онон Уоһук Тарааһабы норуодунай худуоһунньук диэххэ сөп. Кини “Дьокутааты көрсүһүү” диэн хартыынатын кулууптар араамалаан баран көстөр сиргэ туруораары көрдөөбүттэрин Уоһук тоҕо эрэ биэрбэтэх. Ол төрүөтүнэн, арааһа, Үчүгэй Өрүүнэ буолбут эбит быһыылаах…
Хартыынаҕа: аан туманынан аргыйбыт ахсынньы 5 күнэ. Быыбар күнэ. Кытара кыыспыт былаахтар, былакааттар самнархай кулууп ойоҕоһун толору сааллыбыттар. Сэргэҕэ кыламаныгар тиийэ кырыа буолбут ат бааллыбыт. Кыһыл, күөх таҥаһынан киэргэтэ симэммит хоһуопка сыарҕаттан түһэн, сарбынньахтаах саал былааты бүрүнэн, от күөҕэ өҥнөөх сукуна сону тиирэ кэппит, иэдэстэрэ тэтэрбит Үчүгэй Өрүүнэ (И.П.Федотова) илэ бэйэтинэн бу үөрэн мичилийэ турар. Туохтарын баардарын таҥныбыт ферма ыанньыксыт дьахталлара, үргүөргэ үрдэрбит, хахсаакка харбаппыт холкуос хоһуун эр дьон кинини эҕэрдэлээн үчүгэй буолбуттан үрүөтэһэ турар эбиттэр. Тэйиччи Тиэтэйбит Тэрэпиин ат муоһатын өрө тутан өрөгөй үрдээбитин биллэрэн бу маадьаллан турар.
Дьэ урукку быыбар итинник эбит. Өстүөкүлэ хартыына силигэ ситэн, киирэр аан сыгынньахтанар сирин үрдүнэн истиэнэҕэ өйөннөрүллэн өр турбута. Киирбит-тахсыбыт эрэ бары, ону көрөн: “Эн бу тураҕын, мин бу турабын”, – дэһэн астынан-манньыйан тахсаллара.
Онтон биирдэ оһоххо атах эти эттээри өйөннөрбүттэрэ сыата чалҕарыйан, сууллан түспүтүгэр муоста доргуйан өстүөкүлэ хартыына үлтү түһэн хаалбыт. Хартыынаны аһыйан илбээн-салбаан көрбүттэрэ даҕаны туһамматахтара. “Тоҕо миэхэ биэрбэтэххиний? Оччотугар алдьаныа суохтааҕа!” – диэччи элбэх этэ. Онтон кэлин уоскуйан баран санаабыттара: “Ээ, Өрүүнэҕэ бэйэтигэр анаан оҥорбут эбит! Ону кэлэн ылбатах. Өрүүнэни кэтэспит эбит…”.
Уоһук Тарааһап онтон ыла уруһуйдуурун бырахпыта.
Оҥку.