Эт-үүт туһунан сурулунна ини, суруллубата ини. Ынах, сылгы – саханы саха дэппит устуоруйаҕа киирбит оруолларын ситэрэн, норуот өйүн-санаатын сомоҕолуур суолталарын сүтэрэр суолга киирбиттэрэ ырааппытын өйдүөх тустаахпыт.
Саха ынаҕынан, сылгынан, булдунан эрэ олоруохтаах, ыччаты тыа хаһаайыстыбатыгар күргүөмүнэн кытыннарыахха, диэн бэлиитикэ сэбиэскэй кэмҥэ күүскэ иҥмитэ саханы бырамыысыланнастан тэйитиигэ тириэрдибитэ. Санаан да көрдөххө, хайдах норуот барыта сарсыҥҥы аһыыры эрэ хааччыйар сыаллаах олоруоҕай. Киһи аан дойду айбытын билээри, ситиһээри, онно кыттаары орто дойдуга кэлэр. Аһылык – аныгы технологияларынан оҥоһуллар ойоҕос салаа, онно элбэх киһи тардыллыбат, норуот өйө-санаата онон муҥурдаммат. Алааһы таптааһын, олоҥхо, оһуохай, ыһыахтар, фольлор – барыта үчүгэй, ол гынан баран тэпсэҥнээһин, бириэмэни сүтэрии ыар охсууланна. Ааспыт үйэ 60-с сылларыттан көмүскэ, алмааска, чоххо, гааска, ньиэпкэ, тутууга сахалар тоҕо анньан киирбиппит буоллар, билигин хас эмэ көлүөнэ бырамыысыланнас элиитэтэ буолбут дьонноох, билигин даҕаны, татаардар курдук, тастан дьону аҕалбакка, бэйэбит ыччаттарбытын үлэлэтэр кыахтаах буолуо этибит. Маны тэрийбэтэх оччотооҕу салайааччылар бары – саха норуотун иннигэр ыар буруйдаахтар. Өйү-санааны уларыта тутууга элиитэ, бөлөһүөктэр харса суох охсуһууга турумматахтара, ол иһин кинилэртэн ким даҕаны “интэлигиэн” диэн ааты сүгэр кыаҕа суох, сылаас хааччыллыыга ньимиликээн сыппыттара, ону бэйэҕит ырылыччы көрөҕүт. Бу туһунан хаста даҕаны суруйбутум, онон хатылаабаппын. Салалтабыт алмаас, көмүс, гаас, ньиэп дохуоттарын ынахтан, сылгыттан ылыахпыт диэн эрэнэн, туох баар баайбытын ысхайдаан, Мэник Мэнигийээннии дьаһанан, ынахпытын, сылгыбытын эрэ тутан хааллыбыт. Дьэ, төһө дохуотурабыт ол баайбытыттан?
Үүт – аан дойдуга тэҥнээҕэ суох, олоҕу, сайдыыны толордо, хааччыйар аһылык буолар этэ. Үүккэ баар аминокислоталар, бары битэмииннэр, араас минераллар, туһалаах бактериялар араас ыарыылары, вирустары, араак ыарыыны утары охсуһаллар. Эккэ-хааҥҥа олус наадалаах кальцийы киһи үүттэн ылар. Үүккэ калий диэн тымырдары бөҕөргөтөр минерал баар. “Д” битэмиин иммунитеты бигэ оҥорор. Түбүркүлүөһү утары охсуһууга үүт оруола улахан. Бу барыта – ыаммытынан үүккэ баар. Билигин мэччирэҥнэр киртийдилэр, ол түмүгэр бруцеллез, гастроэнтерит уо.д.а. араас ыарыылар үүт нөҥүө киһиэхэ киирэр кутталланнылар. Ол иһин үүтү күүскэ, 72 кыраадыска диэри сылытан (пастеризация – Луи Пастер диэн учуонай аатынан), эрэ баран аһылыкка туттар көҥүллэнэр. Үүтү 42 кыраадыска диэри сылыттахха битэмииннэр туһалара 66 бырыһыан аччыыр. Үүт кальцийа киһиэхэ туһалаабат буолар.
Арассыыйаҕа ынах ахсаана 1990 с. 22 мөл. буоллаҕына билигин 8 мөл. ынах баар, ол аата 2,6 төгүл аҕыйаата. Ол гынан баран омук тиэхиникэтин, технологиятын, чааһынай хампаанньалар, фермердэр көмөлөрүнэн биир ынахтан үүтү ыаһын эбиллэн иһэр. 1913 сылтан 1990 с. диэри 77 сыл устата Арассыыйа биир ынаҕыттан сылга 1 туоннаттан 2,7 т. диэри ыабыттар. Кэлин 30 сыл (1990-2019 с.) ити көрдөрүү 4,6 т. диэри өрө тахсыбыт. Бу сыыппара кыранан ааҕыллар, тоҕо диэтэххэ, АХШ-гар, Европа дойдуларыгар биир ынахтан сылга 7-10 т. ыыллар, Израиль 13,4 т. ыыр буолан бу көрдөрүүгэ ыраах инники сылдьар. Дьэ баайдар ынахтан даҕаны барыыс ылары сатыыллар: сылы быһа мэччирэҥҥэ таһаарбакка, ичигэс таас хотоҥҥо хас да сүүс ынаҕы туруоран, 10 ый устата тохтоло суох күҥҥэ хаста эмэтэ аппараатынан ыыллар. Мэччирэҥ ынаҕа ортотунан 15 сааһыгар тиийэр буоллаҕына, бу сордоохтор ортотунан 42 ый эрэ буолаллар, тоҕо диэтэххэ кукурузанан, сояннан аһаан оҕус курдук улааталлар, уойаллар, үүтү биэрэр кыахтара буортуланар, буойунаҕа ыытыллаллар. От – клетчатка (целлюлоза), ынах оһоҕоһугар киирдэҕинэ онно баар үчүгэй бактериялар аминокислоталары, битэмииннэри оҥороллор, үүт хаачыстыбатын тупсараллар. Соя, кукуруза (генно-модифицированные корма), төһө да өлгөм үүтү хааччыйдаллар, ынах доруобуйатыгар улахан охсуулаахтар. Ити аһылыктар ынах оһоҕоһугар көөнньөн күүстээх кислотаны таһаараллар, бу кислотаҕа аминокислоталар, битэмииннэр, туһалаах биэссэстибэлэр өлөллөр, ол оннугар буортулаах бактыарыйалар, грибоктар көҥүл үөскүүллэр. Ити бактыарыйалар ынах хааныгар киирэн быарын кэрбииллэр, ынах буомурбутунан, ыалдьыбытынан барар, ыарыы палочкалара үүккэ ириҥэни кытта киирэллэр. Омуктар ол иһин, ыарыылар күүскэ биллэ иликтэринэ, ынаҕы 5 сааһыгар тириэрпэккэ собуойдууллар. АХШ-гар ынах 50% “оҕус лейкоһа” диэҥҥэ ыалдьан 40 мөл. киһи ыалдьыбыта, ол туһунан өссө 1965 с. АХШ Национальнай академията биллэрбитэ. 53 улахан чинчийэр тэрилтэлэр ГМК (генно-модифицированные корма) буортулаахтарын, гербицидтэринэн, пестицидтэринэн үүнэллэрин, олор үүккэ киирэллэллэрин туһунан эппиттэрэ даҕаны баайдар харчыга харахтара туолбакка, байар үлүскэнигэр туохтан да тохтооботтор. АХШ-гар буойуналар тобохторун – хааны, сүөһү иһин, уҥуоҕу, өлөрүллүбүт (мөлүйүөнүнэн) ыттары, куоскалары, араас бөҕү ынах аһылыгар тутталлар. Саҥа технологиялар барытын мэлийэн, ыраастаан, хатаран, бороһуок оҥорон таһаараллар, ханнык даҕаны бэрэбиэркэ куһаҕаны булбат аатырар. Хомойуох иһин, СНГ дойдулара, ол иһигэр Арассыыйа эмиэ, ити суолтан туора турбаттар. Арассыыйа үүтү оҥорор хаһаайыстыбалара сояҕа, кукурузаҕа көспүттэрэ өр буолла. Соҕурууттан кэлбит хаалаах үүт буортулаах, кини иирбэт, сытыйар, аска туттумаҥ диэн суруйаллар.
Дьэ, итинник бөрүкүтэ суох хаалаах үүт биһиги маҕаһыыннарбытын толордо. Кэлии бородууктаҕа “эбии төлөбүрү түһэриэххэ” диэн бырабыыталыстыбабыт бэрэссэдээтэлин э.т. А.Тарасенко диэн олох кыаллыбаты эттэ (“ЯВ”, 28.08.2020 г.). Саха сирэ туспа судаарыстыба буолбатах, ырыынагы күөмчүлүүр, сокуону таһаарар бырааба суох. ФАС (федеральная антимонопольная служба) хайдах даҕаны көҥүллээбэтин билээхтээбэтэ эбитэ буолуо. Хаалаах үүтү кытта биһиги үүппүт илин түсүһэн, кыайар кыахтаах дуо, диэҥҥэ “суох” дииргэ тиийэбит. Бэл, 350 тыһ. киһи олорор Дьокуускайыгар Намнар, Хаҥаластар бэрт аҕыйах сүөгэйи, быыппаҕы, суораты аҕалан атыылыыллар, үүтү аҕала да барбаттар, тоҕо диэтэххэ, саха үрүҥ аһын былдьаһа-былдьаһа ким даҕаны атыыласпат. Урут тыа хаһаайыстыбатын дьаарбаҥката ипподромҥа тэриллэрэ, быйыл т/х министиэристибэтин кыракый олбуоругар “буоллун эрэ” диэн ыытылынна, ханна даҕаны биллэрии тахсыбата, олох аҕыйах киһи сырытта. Убаастабыллаах И.П. Пономарев кэм да этинэн-үүтүнэн сайдар санаатын булгуруппат (“Сайдыы суолун таба туппакка”, “Туймаада”, 06.08.2020 с.).
Саха этэ, үүтэ хаһаайыстыба өйөбүлэ эрэ буолаллар, хайдах даҕаны көмүс, алмаас, гаас, ньиэп курдук сайдыы үрдүк кэрдиистэригэр таһаарар кыахтара суох. Улуус кииннэригэр үүт бородууктатын хото ылбаттар. Ыччат үрүҥ аска чугаһаабат буолбута ыраатта. Үүт дэриэбинэ эрэ иһигэр эргийэр, ону даҕаны дьон харчыта суох буолан ылбат. Иван Петрович ити ыстатыйатыгар тыа хаһаайыстыбатын сыллааҕы көрдөрүүтүн аҥаарын кэтэх ыаллар оҥороллор диэбит. “Оҥорон таһаарыы” диэн атыыга тахсыбыт бородуукта ааттаныахтаах, оттон манна хаһаайыстыба бэйэтэ сиэбитэ (личное потребление), туһаммыта элбэҕэ буолуо, отчуот тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэринэн дьонтон төлөпүөнүнэн ыйытан оҥоһулларын быһыытынан. Ол да иһин биирдии ынахтан ыаһын урукку кэм бастыҥ көрдөрүүлэрин куоһардаҕа. Холкуос саҕана барыта учуоттанара, аһаабыттары кытта. Балыксыт ыттаах сыарҕанан сылдьар, сайын ыттарын ыраах учаастакка илдьэ барар, бөһүөлэккэ хаалларбат. Холкуос буҕаалтыра, сыарҕа ыт сыл устата 2 туонна сордоҥу сииринэн ааҕан, балыксыт сыллааҕы көрдөрүүтүгэр 2 туонна сордоҥу эбэр уонна хамнаһыттан итиччэ сордоҥ төлөбүрүн тутар. Оттон отчуокка 2 т. суох сордоҥ эбии суруллар. Көнө, кэнэн дьоҥҥо оччотооҕу дьаһал кытаанах бирикээс курдук киирэрэ. Бастыҥ балыксыт Бережнов М.И. учаастакка сайын устата биир эмэ киһи охсуллан аастаҕына “маннык киһи кэлэн холкуос балыгыттан 2 үөрэҕэһи (куһуогу) сиэн барда” диэн суруйар үһү. Бэйэтэ сиэбитин эмиэ отчуоттуура буолуо, уопсай толорууга киллэрэр буоллахтара. Билиҥҥи бириэмэ отчуоттарыгар Михаил Иннокентьевич барахсан курдук суруйуу баара чуолкай. Өссө кини баары суруйдаҕа. Билигин төһө эрэ таһынан халытан эрэллэр.
Иван Петрович салгыы “гигантомания өйө аһары баһыйан, наар улахан хаһаайыстыбалары тэрийиинэн үлүһүйүү барда” диэн хомойор. “400 ынахтаах пиэрмэ ороскуотун бэйэтэ сабар кыахтаах” диэн луоһун үөдүйбүтэ быданнаата. Ону кытта үүккэ кытаанах сокуоннар киирэннэр тэриллиилээх эрэ хаһаайыстыбалары өйүүргэ тиийдилэр. Биһиги салалтабыт олохтоох дьон “еврохотоҥҥо” омуктары суруйбутум курдук, чаһы курдук үлэлиэхтэрэ диэтэҕэ. Ону баара, биһиэхэ Европа дьонун курдук өй-санаа иитиллэрэ ырааҕыан. Ким арыгылаан, ким сүрэҕэлдьээн, ким хамнаһы кэмигэр ылбакка буумнаан уурайан хааллаҕына үлэлиир баҕалааҕы булбакка, эбиитигэр аһылык кэмигэр кэлбэккэ, ноһуом таһаарар тиэхиньикэ сатаммакка, барыта мустан самныыга тириэртэҕэ. Ол туһунан “Кыым” 20.08.2020 с. нүөмэригэр киһи санаатын баттыыр ыстатыйа суруллубута. Миллиардынан солк. ороскуокка ким даҕаны буруйдаммата. Ол саҕанааҕы салалта суобастааҕа эбитэ буоллар – ил дархан, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ, тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ, улуустар баһылыктара үлэлэриттэн барыахтаахтар эбэтэр уһуллуохтаахтар этэ. Дьону, үөскээбит быһыыны-майгыны билбэт диэн, дьэ ити баар. Ол аата, нууччалыы “несоответствие занимаемой должности, низкий профессиональный уровень” диэн буолар. Саҥардыы биһиэхэ биир сордоох миигиттэн эрэ эдэрчи саастаах былыргы тэлэбиисэри бииргэ олорор дьахтарын дьиэтиттэн таһааран 5000 солк. атыылаабытын иһин сууттаммыта, прокурор күлүүс хаайыытыгар ыытарга эппитэ. Хата судьуйа “усулуобунайынан” хаалларбыта, мал дьахтарга төннүбүтэ. Дьэ, маны хайдах диигитий?
Иван Петрович ити ыстатыйатыгар киилэ үүт оҥоһуллар сыаната 59 солк. 50 харчы диир. Оттон үүтү туттарааччы көмөҕө ылар харчыта 45 солк. Ол аата ыраас ороскуота 14 солк. 50 харчы буолар. Улуус аайы олохтоох балаһыанньаттан сиэттэрэн бу сыыппара улаханнык араастаһар. Холобур, Горнай улууһун Орто Сурт бөһүөлэгин олохтооҕо Евгений Шамаев 1 киилэ үүккэ 40 солк. 63 харчыны ороскуотурар эбит (“Кыым” 14.03.2019 с. “Үүт харчыта тоҕо эрэйгэ кубулуйда?”), 5 ынахтан сылга 8 туонна үүтү туттаран 325 096 солк. ночооту сүгэр. Халымаҕа суол, үүтү туттарар пууннар суохтарынан атын сыыппара тахсыаҕа. Аҕыйах сыллааҕыта “оччо-бачча үүтү туттарда, ону арыынан атыыласта” диэн сымыйа квитанциянан субсидияны ылан биэрии тэнийбиттээҕэ, билигин даҕаны баара буолуо.
Элбэх сүөһүлээх ыаллар эдэрдэрин тухары бэйэлэрэ мөхсөллөр, оҕолорун көлүйэллэр. Оҕолор улаатан куоталлар, ыаллар, улахан хамнаһы биэрэр кыахтара суоҕунан дьону үлэлэппэттэр, онон хаһаайыстыбаларын кэҥэппэттэр, элбэҕи оҥорботтор. Дьон, кыратык үлэлээн иһэн куотар, дьарык үгүс, биирдэ баһар сырсыытыгар олохторун барыыллар. Ол иһин дэриэбинэни барытын үлэнэн хааччыйар тыһыынчанан сүөһүлээх халыҥ хаһалаах хаһаайын (кулак – мироед) үөскүүр усулуобуйата суох. Ыйыллыбыт биричиинэлэринэн саха үүтэ олоҕу чэлгитэр табаар буолар кыаҕа суох, тыа дьоно дьарыктаах буолууларын хааччыйар социальнай оруоллаах дьарык буолар. Саха үүтэ кэм соята, кукурузата (ГМК), итилэртэн киирэр гербицида, петицида суоҕунан ырыынагы баһылыахтааҕын аҕытаассыйа, өйдөтүү барбат уонна син биир пастеризацияланар буолан туһалааҕа өлөр буоллаҕа. Ыйыллыбыт буомнары аҕыйах солкуобай субсидиянан быһаарар хайдах даҕаны кыаллыбат. Т/х министиэристибэтэ экэнэмиистэри, учуонайдары түмэн сүбэлиир-үөрэтэр киин буолуохтааҕа (научно-методический центр), ону баара, Ил Түмэн тыырбыт харчытын үллэриигэ олорор. Салалта өйө- санаата сыыппаралары хайдах эмэ үлүннэриэххэ диэн. 10000 ынах эбии суруллубут айдаана баара, өйдүүргүт буолуо. Тоҕо эрэ бары өттүнэн суоттаммыт бырайыактар хаһыаттарга бэчээттэммэттэр, ырытыллыбаттар. Хоту улуустарга олох атын буолуохтаах, хааччыйыы сэбиэскэй таһымынан, аан дойдуга саамай хоту ынахтаахпытынан. Эһиги туох дии саныыгыт?
Иннокентий
ОКОНЕШНИКОВ.
Орто Халыма.
tuymaada.ru